“Хоһоон кынаттаах Сардаана…”

Бөлөххө киир:
SONY DSC

 Кыыс Амма кэрэ кытылыттан  элбэх талаан сириэдийэн, ситэн-тупсан таҕыстаҕа…  Кинилэртэн биирдэстэринэн, аммалар киэн туттар, өйдүү-саныы сылдьар киһилэрэ, кыраайы үөрэтээччи, бэйиэт Сардаана Амгинская буолар.

Соторутааҕыта П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга  АЙАР СОРГУ диэн Сардаана Онуфриева-Амгинская төрөөбүтэ 55 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

Бэйиэт биир дойдулаахтара — Амматтан төрүттээх биллэр-көстөр артыыстар Елизавета Потапова, Ирина Никифорова, Ньургуйаана Шадрина, Василий Борисов, Марина Корнилова, о.д.а. кини хоһооннорунан дьүһүйүү оҥорбуттарын иһитиннэрэн, ахтыы-киэһэни саҕалаатылар.

Биэчэри бэйиэт Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһиҥҥэ Сардаана Павловна төрөппүт кыыһа Анна Захарова, хаан-уруу дьоно, аймахтара кытыннылар.

Сардаана Амгинская (1963-2010) үгүс өрүттээх айымньылаах үлэтин, бастатан туран, кыраайы үөрэтээччи уонна учуонай быһыытынан үрдүктүк сыаналаан, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, “Полярная звезда” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Владислав Доллонов  итиэннэ учуонай Николай Ефремов бэйэлэрин этиилэригэр бэлиэтээтилэр.

Олег Сидоров, бэйиэт Сардаана Амгинская саха литературатын историятыгар, бөлүһүөктүү тыыннаах, күүстээх, киһини долгутар айымньылары суруйан хаалларда, диэтэ.

Оттон суруйааччы Дмитрий Наумов Амма улууһун туһунан кинигэ (2001) бэчээккэ тахсыытыгар Сардаана Амгинская оруолун бэлиэтээтэ. Мустубут дьон,  Саха сирин улуустарын историяларын, култуураларын, фольклордарын кэпсиир кинигэлэртэн бастакыларынан Амма кинигэтэ буолбута, диэтилэр. Санатар буоллахха, бу, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн “Бичик” кинигэ кыһата саҕалаабыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтин улуустара” сиэрийэнэн кэлин улуустар бары кэриэтэ тахсыбыттара.

Бу киэһэ биир дойдулаахтара Евгения Попова, Констанция Яковлева, Артем Лукин, о.д.а. бэйиэт айымньыларыттан олус истиҥник ааҕан иһитиннэрдилэр. Оттон Суорун Омоллоон аатынан  Опера уонна балет тыйаатырын солистката, кэрэ куоластаах Екатерина Захарова иэйиилээх ырыатын бэлэхтээтэ.

Амма улууһунааҕы Киин бибилэтиэкэ, улуустааҕы Култуура управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ биир дойдулаахтарын, киэҥ көрүүлээх уопсастыбанньык, айар куттаах Сардаана Амгинская туһунан иһирэх ахтыылары оҥордулар.

Сардаана Онуфриева-Амгинскаяны Саха тыйаатырын кэлэктиибин кытта айар үлэ ситимнээбитэ. 2001 сыллаахха кини саха тыйаатырын режиссера Федот Потапов туһунан кинигэни эрэдээксийэлээн таһаартарбыта. Оттон 2003 сыллаахха тыйаатыр артыыстара С.Онуфриева айар үлэтинэн «Алгыс ананар алыптаах

түгэнэ» диэн поэтическэй биэчэри тэрийэн ыыппыттара.

Сардаана Амгинскаяны уонна саха норуодунай артыыһа Зоя Багынанованы, биллэн турар, эмиэ айар үлэ билиһиннэрбитэ.

“Суоҕум! Туора халлаан харысхалыгар,

Туспа кынат көмүскэллээх күнүгэр –

Баарым бэйэм норуоппун кытта бииргэ,

Баар эрэйгэ-буруйга эриллэ…”

Сардаана Павловна Анна Ахматова «Реквием» бэйиэмэтин  сахалыы тылбаастаабыта 2005 сыллаахха туспа кинигэнэн тахсыбыта. Тылбааһы артыыстар бары сөбүлээбиттэрэ. Оттон Зоя Петровна ордук чугастык ылынан, кинилэр Сардаана Амгинскаялыын 2004 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка Н.Римскэй-Корсаков аатынан консерватория А.Глазунов аатынан кэнсиэртиир саалатыгар Ахматова «Реквием» бэйиэмэтин аан бастаан сахалыы тылынан аахпыттара…

Ахтыы киэһэҕэ аммалар Зоя Багынановаҕа: “Реквиеми”  аахпыккытын умнубаппыт…”, — диэн махтаннылар.

Бэйиэт Наталья Михалева-Сайа “Мин хоһоон кынаттаах Сардаанам…” , — диэн Сардаана Амгинскаяҕа анаабыт иһирэх тыллардаах хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Кини Сардаананы, Амма туһунан ырыаларга куонкурус тэрийиэн олус баҕарара, бииртэн-биир, саҥаттан-саҥа соруктары туруорунан иһэрэ, диэн аҕынна. Уонна аммаларга туһаайан, бастыҥ суруйааччыларгыт талыллыбыт айымньыларын бэчээккэ биэрэргит буоллар, диэн баҕа санаатын эттэ.

Уопсайынан, “бастакы”, “бастакынан”  диэн тыллар Сардаана Амгинская туһунан ахтыыларга элбэхтик туттуллаллар. Ол куораттааҕы “Амма” түмсүү аатыттан Ньургуйаана Илларионова, Софья Александрова, Тамара Яковлева о.д.а. этиилэригэр-санааларыгар эмиэ баар. Үгүс тыл этээччилэр Сардаана Амгинскаяны дойдутун патриота этэ, аммалары түмпүтэ, диэн чорботон бэлиэтээтилэр.

Кырдьык, үөһээ этиллибитин курдук, кини Саха сирин улуустарын туһунан сиэрийэни саҕалыыр кинигэни бастакынан хомуйан оҥорбут. “Амма олоҥхото уонна олоҥхоһуттара” диэн бырайыагы олоххо киллэрбит. Оттон Саргылаана Адамова ахтарынан,  өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыыс ыһыаҕын” торумун бастаан Сардаана Амгинская оҥорбут. Дьахтар алгыһын бастаан эмиэ кини киллэрбитэ дииллэр.

Сардаана Амгинская — СӨ Суруйааччыларын сойууһун, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, элбэх кинигэ ааптара, саха мелодистарын айымньыларын сырдатааччы, тарҕатааччы, сценарист итиэннэ олоҥхо матыыптарынан мультимедийнэй кинигэ бырайыагын ааптарын быһыытынан эмиэ биллэр. Мантан да атын, оҥорбута-айбыта үгүс эбит.

Сардаана Амгинская айар үлэтин туһунан бу ахтыы-киэһэҕэ:

—Күн сиригэр киһи тугу оҥорбутунан, айбытынан сыаналанар, — диэн суруйааччы Дмитрий Наумов бэрт чопчутук эттэ.

Татьяна Маркова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0