Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх Наталья Иванова социальнай ситимҥэ, чуолаан, «инстаграмҥа», асчыт-кондитер быһыытынан киэҥник биллэр. Мин аан бастаан Наталья уруу киэһэтигэр анаан оҥорбут кубалардаах туордун сэргии көрбүтүм.
Үчүгэй усулуобуйата суох, оттуллар оһохтоох дьиэҕэ олорор киһи, хайдах маннык уустук уонна кэрэ көстүүлээх туортары оҥорорун наһаа сөхпүтүм. Наталья минньигэс астардаах, туортардаах дьаарбаҥка оҥордоҕуна, улахан уочарат субурулларын туһунан чурапчылартан истибитим.
Алгыстаах алаадьы
—Дьиэ кэргэммэр ыал соҕотох кыыһа буоламмын, ийэбэр көмөлөһөн, күннээҕи аһылыгы астыыр этим. Ол эрээри, оҕо сылдьан асчыт буолуом дии санаабат этим. Арай ийэм аҕата, эһээм, мин алаадьыбын наһаа хайгыыра: “Оҕом улааттаҕына, асчыт буолуо”, — диирэ. Эһэм алҕаабыта инники идэбин торумнаабыт эбит.
Кэлин улаатан, асчыт идэтин ылан баран, маастар-кылаастары ыытар буолбутум. Ол курдук, былырыын сэттэ улуустан уон икки урбаанньыт кэлэн, мусс евродесертэргэ үөрэммитэ. Идэбин үрдэтинэн, Москваҕа тиийэн үөрэммитим. Дьокуускайга ханнык да маастар-кылаастарга сылдьыбатаҕым.
Хоһоон хонуутугар
—Оҕо сылдьан «Кэскил» хаһыакка кэрэспэдьиэнниирим. Хоһоон суруйуутунан үлүһүйбэт этим эрээри, айар кутум баарын сэрэйэрим. Ол эрээри, уруучука ылан кумааҕыга суруйарбын тоҕо эрэ сөбүлээбэт этим. Иэйии, тыл-өс өйбөр киирбит да эбит буоллаҕына, оннук суруллубакка, умнуллан хаалара. Кэлин «инстаграм», батсаап үөдүйүөҕүттэн, төлөпүөммэр суруйар буолбутум. Сурук бэлиэтигэр ардыгар сыыһалаах-халтылаах да буолааччы, ол иһин «#всегдачерновойвариант» диэн хэштегтээн таһаарааччыбын. Былырыын саас өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахха нууччалыы хоһоон айааччылар бөлөхтөрүгэр кыттан турабын. Ол кыттыым айар эйгэбэр, биллэн турар, көмө буолбута.
Дьиэ кэргэн туһугар олох
—Киһиэхэ дьиэ кэргэн диэн саамай күндү буолар. Оннооҕор ийэҕиттэн, аҕаҕыттан, бииргэ төрөөбүттэргиттэн саамай чугас кэргэн уонна оҕо буолар. Бэйэҥ айбыт-туппут, оҥорон таһаарбыт, үөскэппит дьонуҥ – оҕолоруҥ, дьиэ кэргэниҥ эбит. Кэргэн диэн биир олоҕу олорор, олоҕу тэҥҥэ айар, биир санаанан салайтарар, биир хомолтоттон хомойор, тэҥҥэ үөрүүгүн үллэстэр киһиҥ буолар. Ол иһин дьиэ кэргэн туһугар киһи үлэлиир-хамсыыр, дьиэ кэргэн туһугар киһи элбэҕи тулуйар.
Оҕолорум хайдах дьон буолан тахсыбыттара улааттахтарына көстүөҕэ. Онон мин маннык үчүгэй ийэбин диэн этэр кыаҕым суох. Билигин оҕолор кыралар, ийэ буоларым быһыытынан, оҕолорум үтүө суобастаах, олоххо туһалаах дьон буола улаатыахтарын баҕарабын.
Кэргэн быһыытынан мин кэргэммин өйүүр этим. Эр киһи быһыытынан өрө тутар, хайгыыр этим… Кэргэни киһи убаастыахтаах уонна киниэхэ эрэниэхтээх.
Киһи киһиэхэ кыһаныахтаах
—Дьон туһугар кыһаллар хаачыстыба миэхэ баһыйар дии саныыбын. Оннооҕор бэйэм баҕа санааларбын хам баттаан туран, дьон туһугар үтүөнү оҥорор эбиппин. Бэйэни сиэртибэлээһин дэнэрэ эбитэ дуу. Ол кэриэтин бэйэбэр туох эрэ ымсыырбыппын ылыммакка, оҕолорбор, чугас дьоммор бэлэхтиэм этэ дии саныыбын. Ити хаачыстыба миэхэ оҕо эрдэхпиттэн баар. Кимиэхэ эрэ ыарахан буоллаҕына, ол киһи олоҕун чэпчэтэргэ, көмөлөһөргө кыһаллыам этэ. Киһи киһи туһугар кыһаллыахтаах диэн санаанан салайтарабын.
Мин үөрүнньэҥ дьону сөбүлүүбүн. Наар ыараханы, куһаҕаны ыралыыр, кэпсиир дьону кытта алтыһарбын ыарырҕатабын. Ханнык да балаһыанньаҕа киһи олоҕу чэпчэкитик ылынарын убаастыыбын. Олоххо наар күлүү-үөрүү буолбат эрээри, олоҕу уустугурдары сөбүлээбэппин. Бу олоххо саамай сөбүлээбэтим диэн киһи киһини сэниирэ дии саныыбын. Сэнээһин диэн саамай куһаҕан быһыы-майгы буолар.
Харахпар көстөр умнуллубат күнүм…
—Саамай үөрүүлээх түгэним элбэх, ол эрээри, кэргэммин сүтэриэхпиттэн, кинилиин алтыспыт сырдык кэмнэрбин саамай дьоллоох кэмнэрбинэн ааҕабын…
Сааскы ылааҥы күн бэйэбит массыынабытынан кэргэмминиин, оҕолорбутун тиэйэн, ас бөҕө астанан, мал-сал хомунан, Хаҥалас улууһун «Орто дойду» зоопаркатыгар сынньана тиийбиппитин саныыбын.
Урут хайдах эрэ былаан бөҕөлөөх курдук этим. Дьиэ туттуу, үлэм хайысхатын кэҥэтии… Билигин хайдах эрэ былаан суох курдук буолан хаалбыт… Олох-дьаһах көрдөрөн иһиэҕэ. Билигин биирдии хардыынан оҕолорум тустарыгар инним диэки баран иһэр курдукпун. Улахан сыал-сорук туруоруммаппын.
Саамай улахан баҕа санаам
—Сыахпар соҕотох астыыбын. Ол иһин күммүн-дьылбын барытын былааннанабын. Күҥҥэ төһө үлэни оҥоруохтаахпын сурунан баран, онон сирдэтинэбин. Ол быыһыгар оҕо саадыгар, оскуолаҕа тэрээһиннэр, мунньахтар, оҕону куруһуоктарга атаарыы, ону-маны атыылаһыы. Аттыбар ийэм баар буолан, дьиэ ис-тас үлэтигэр, хаһаайыстыбаҕа барытыгар көмөлөһөн абырыыр. Онон күннээҕи үлэбин ситиһэр курдукпун. Ардыгар туох да кыайтарыа суох курдук түгэннэр баар буолааччылар. Ол эрээри, киһи санаата күүстээх буолуохтаах.
Олоххо саамай улахан баҕа санаам диэн, оҕолорум этэҥҥэ чэгиэн сылдьан киһи киһитэ буола улаатан, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булаллара. Оҕолорбут биһигиннээҕэр дьоллоох дьон буолуохтарын баҕарабын.
Көрсүөххэ бүгүн киэһэ,
Көтүөх үрүҥ туман курдук,
Ыраас чараас сыһыан тиһэн,
Саҕалыахха саҥаттан дуу…
Туман көтүөр диэри кууһан,
Тур өр да өр эн ыыппакка,
Мин бу түүҥҥэ эйигинниин,
Таптаа миигин, эн сүппэккэ.
Харахпыттан харах уута
Сүүрэн түһэр иэдэспинэн,
Симэлийэн иһэргин мин
Биллэрбин да, доҕоччугуом…
Эн барыма, эн сүтүмэ,
Куотума дуу, тапталлааҕыам…
Туман көтүөр диэри кууһан,
Тур өр да өр ыыппакка…
* * *
Подарил ты мне однажды
Солнца желтый пучок.
Полевых скромняшей
Светленький букет.
Без шипов и без помпеза,
Простенький цветок,
Как улыбка детства,
Солнечный росток.
С ароматом поля,
Неба голубого,
И березы нежной,
С утренней росой.
Самый милый сердцу,
Искренний подарок.
Как в любви признание –
Ромашковый букет.
Ульяна Захарова