«Хоһооммунан олорбутум, хоһооммунан дьолломмутум»

13.09.2018
Бөлөххө киир:

Сарсын, балаҕан ыйын 14* күнүгэр Сунтаар улууһугар  саха норуодунай бэйиэтэ  ЛЕОНИД АНДРЕЕВИЧ ПОПОВ аатынан үгэс буолбут »Сунтаар миигин ыҥырар»  диэн  ЫРЫА-ХОҺООН ТҮҺҮЛГЭТЭ  саҕаланар.


«Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтин чэрчитэ:

Балаҕан ыйын 14  күнэ, Уһун Күөл нэһилиэгин сынньалаҥ паарката.

09:00 — регистрация;

11:00 — тэрээһини үөрүүлээхтик аһыы;

11:30 —“ПОЭТ ҮРДҮК ААТЫГАР СҮГҮРҮЙЭН”:

«Хоһооммунан олорбутум, хоһооммунан дьолломмутум» — Л.Попов хоһооннорун көҥүл ааҕыы;

«Сунтаар сылаас кутаатын түөспэр илдьэ сылдьабын» — Л.А.Попов хоһооннорунан ырыалар.

13:00-14:00 — эбиэт

14:00-15:00 — „Чуумпу Бүлүү. Алмаас уонна харах уута» кинигэ  сүрэхтэниитэ. Кыттыыны ылаллар ааптар И.А.Иванов, кинигэҕэ үлэлэспит А.Гуринов-Арчылан, С. Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ.

«Мин оҕолорум — мин хоһооннорум» — хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэлэрэ;

«Кэмчи кэрчиктэр» —  тутатына хоһоону айыыга күрэс;

“Ньургуһуннар оһуохайдыыллар“

Кинигэ быыстапката, атыыта, автограф ылыы, хаартыскаҕа түһүү.

Эһиил, 2019 сылга саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сыла буолар.

Билсэр нүөмэрдэргит:84113522191 киин бибилитиэкэ; 84113522194 култуура уонна айылгы салалтата.

Мария Кобельянова-Тускулаана.

* атырдьах ыйын 24 күнүгэр диэн бастаан биллэриллибит даата балаҕан ыйын 14 күнүгэр көһөрүллүбүтэ – ред.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0