«Хивустар» эбиэт кэннэ үлэлээбэтилэр

03.11.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн сэтинньи 3 күнүгэр Өлүөнэҕэ гидрологическай балаһыанньа кытаатан, эбиэт кэнниттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан «Хивус» суудуналар сырыылара тохтотулунна.

edersaas.ru

Быһыыны-майгыны билсээри урбаанньыт Борис Строевка төлөпүөннүү сылдьыбыппытыгар: «Кырдьык, эбиэт кэннэ үлэлээбэккэ турабыт. Кыдьымах тахса турар. Сарсыҥҥыттан кыралаан дьону таһыахпыт. Итиэннэ портан 2000 солк. анараа кытылга бөртөлүөттэр пассажирдары туоратыахтара», – диэн иһитиннэрдэ.

Оттон СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бөртөлүөт билиэтин сыанатыгар аэропорт хомуурун төлөбүрэ эбиллиэҕэ. Ол аата 2000 солк. тахса буолар.

Бөртөлүөт билиэтэ Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Ленин уулуссатын 36/1 дьиэтигэр «Полярные Авиалинии» АХ атыыланар (ТРК «Алаас»). Оттон киин куоракка «Дьокуускай» аэропордугар «Полярные Авиалинии» (№12) хаассатыгар атыыланар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0