Бүгүн Аллараа Бэстээх кытылыттан «Хивус» сымнаҕас сыттыктаах суудунанан Дьокуускайга кэлээччилэр балтараа тыһыынчаны төлөөтүлэр. Онон алтынньы 23 күнүттэн сыана үрдээтэ.
Бу хайысханан тиэйиинэн-таһыынан дьарыктанар урбаанньыт Борис Строевы кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сылдьыбыппытыгар, тарыып 1500 солк. буолбутун уонна өрүс туругуттан көрөн, сыана өссө үрдүөхтээҕин туһунан эттэ. Билигин Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан Борис Строев биригээдэлээх 19 суудуна пассажирдары таһыыга үлэлиир. Урут суруйан ааспыппыт курдук, суудуналар 202-с микро-оройуонтан сарсыарда 7 чаастан саҕалаан киэһэ 18 чааска диэри сылдьаллар.
Онон, урбаанньыттар иннилэрин биэрэр санаалара суох. Сыаналарын улаатыннара тураллар. Ааспыт ый бүтүүтэ СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ, сааскы уонна күһүҥҥү өттүгэр пассажирдары таһыыга саҥа инвестор булбуттарын уонна тарыыбы 1000 солк. олохтообуттарын туһунан иһитиннэрбитэ эрээри, күн бүгүнүгэр диэри саҥа инвестор ханна баара биллибэт.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru