Суол сабылыннаҕына, «Хивустар» 1000 солкуобайга туоратыахтара

10.10.2017
Бөлөххө киир:

Өрүс суола сабылыннаҕына, Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан пассажирдары таһыыга «Хивус» суудуналар сылдьыахтара.

https://edersaas.ru/

Бу саас сымнаҕас сыттыктаах суудуналардаах урбаанньыттары кытары улахан айдаан тахса сылдьыбыта. Урбаанньыттар сыаналарын сиэри таһынан үрдэтэн, өссө «забастовкалаан» да турардаахтар.

Ааспыт ый бүтүүтэ СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ, сааскы уонна күһүҥҥү өттүгэр пассажирдары таһыыга саҥа инвестор булбуттарын туһунан кэпсээбитэ. Ол урбаанньыт билиҥҥитэ үс суудуналааҕын таһынан, аэробот сакаастаабыт. Тарыыбы 1000 солк. олохтообуттар. Инньэ гынан, күрэстэһии үөскээтэҕинэ, атын урбаанньыттар сыаналарын үрдэтиэ суохтара.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0