Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр күн сирин көрбүт Никита Матвеев 1970 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын медицинскэй факультетын бүтэриэҕиттэн ыла күн бүгүҥҥэ диэри төрөөбүт дойдутугар, Бүлүү улууһун Киин балыыһатыгар үлэлиир. Кини – П.А.Петров аатынан Киин балыыһаҕа олохтоох нэһилиэнньэттэн тахсыбыт маҥнайгы хирург, судмедэксперт, бастакы категориялаах эндоскопист-быраас.
edersaas.ru
Никита Васильевич 50-ча сыл тухары ис көҥдөйүн, түөс килиэккэтин уорганнарыгар, араас эчэйиигэ, ол иһигэр төбө уҥуоҕар, уо.д.а. уорганнарга 3 тыһыынчаттан тахса эпэрээссийэни оҥорон кэллэ. Үрдүк категориялаах хирург Тбилиси, Москва, Ленинград, Новокузнецкай, Санкт-Петербург куораттар үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар уонна киин үрдүк үөрэх кыһалара кэлэн ыытар куурустарыгар сылдьан, билиитин дириҥэтэн, маастарыстыбатын үрдэппитэ.
Кинини Бүлүү оройуоннааҕы балыыһатын бастакы эндоскопист-бырааһынан билинэллэр. Никита Васильевиһы Бүлүү бөлөх улуустарын экологиятын туруга, искэн ыарыыта элбэҕэ олус долгутар. Ол да иһин, 1989 сыллаахха тыа сирин оройуоннааҕы балыыһаларыттан биир бастакынан ыарыһахтары чинчийиигэ эндоскопия ньыматын киллэрбитэ.
Олоҕор туруоруммут биир сүрүн соругун ситиһэргэ – Бүлүү куоракка 73 куойкалаах балыыһа аныгы комплексын тутарга дьаныардаахтык үлэлэһэ сылдьар. Ол түмүгэр 2014 сыллаахха балыыһа бастакы акылаата түһэриллибитэ. Билигин балыыһа комплексын маҥнайгы уочаратын иккис куорпуһа тутуллан бүтэн турар.
Биир идэлээхтэрэ Никита Васильевич кэлэктиип бөҕөргүүрүгэр куруук туох эрэ саҥаны киллэрэрин, кэскиллээҕи өтө көрөрүн астына бэлиэтииллэр.
Олох үөһүгэр
Никита Васильевич чэпчэкитэ суох үлэтиттэн быыс булан, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттарын, ону барытын үтүө суобастаахтык толорорун биир дойдулаахтара холобур гынан кэпсииллэр.
Кырдьыга да, 12 сыл устата оройуоннааҕы экспертнэй хамыыһыйа (ВТЭК) бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэ диир, этэргэ эрэ дөбөҥ. Ону сэргэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин, инбэлииттэр олохторун тупсарарга үгүс ахсааннаах үлэни ыытан, биир дойдулаахтарын махталларын ылыан ылар.
“Бүлүү” уопсастыбаннай-экологическай кэмитиэт хос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
1990 сыллаахха историческай ХII ыҥырыылаах САССР Үрдүкү сэбиэтин норуодунай дьокутаатынан, хаста даҕаны куораттааҕы уонна оройуоннааҕы сэбиэттэр дьокутааттарынан, 2007 сыллаахха медицинскэй үлэһиттэр уонна уопсастыбаннас ХV сийиэһин дэлэгээтинэн талыллыбыта. 2013 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри оройуон сэбиэтин дьокутаата, бэтэрээннэр оройуоннааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Ытык сүбэ” кырдьаҕастар сэбиэттэрин, “Бүлүү” уопсастыбаннай-экологическэй кэмитиэт, “Билии” уопсастыба эрэгийиэннээҕи отделениетын чилиэнэ.
Кини өр сыллаах үлэтин кэмигэр биир саамай бэлиэ суолталааҕынан бэйэтин учууталын, САССР үтүөлээх бырааһын, 4 ыҥырыылаах САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатын, 19 сыл устата САССР доруобуйа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбит Прокопий Петров аатын үйэтитии буолар. 2005 сыллаахха Прокопий Андреевич аата Бүлүү оройуонун Киин балыыһатыгар, Үөһээ Бүлүү оройуонун Кэнтик сэлиэнньэтин уулуссатыгар иҥэриллэрин ситиспитэ. Кини сыратынан П.А.Петровка уонна Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр ССРС соҕотох норуодунай бырааһыгар Л.И.Бабенкоҕа мемориальнай дуоска туруоруллубута.
Кини өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин РФ уонна СӨ бэрэсидьиэннэрэ, РФ уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэлэрэ, оройуон салалтата уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр үрдүктүк сыаналаабыттара. Никита Матвеев РФ уонна САССР үтүөлээх бырааһа, Бүлүү оройуонун, Бүлүү куоратын, Тылгыны нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.
Сонордоох суруксут
Никита Матвеев суруйар идэҕэ тыыппалаах буолуоҕун өссө аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан билбитэ. Сулууспалыы сылдьан “Суворовский натиск”, медицинскэй факультекка үөрэнэ сылдьан “Якутский университет” хаһыаттар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ этэ. “Бүлүү саҕахтара” хаһыакка уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан доруобуйа харыстабылыгар, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ дьоһуннаах суруйуулардаах. Кини илиитин араарбакка суруксуттуур буолан, өрөспүүбүлүкэ бары хаһыаттарын ааҕааччылара кини суруйууларын сэҥээрэллэр, санааларын үллэстэллэр.
Бүлүү улууһун доруобуйатын харыстабылын устуоруйатын уонна араас кэмҥэ үлэлээбит, оройуоннааҕы балыыһа сайдарыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт дьону үйэтитиинэн дьаныардаахтык дьарыктанар. Ол түмүгэр“«Светя другим — сгораю», «Хирург үрдүкү анала”, «Сүүрбэһис үйэ сүдү киһитэ», ”Почетные граждане города Вилюйска», «Гордость и Слава Вилюйского здравоохранения” кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Билигин «Почетные граждане Вилюйского района» кинигэҕэ үлэлии сылдьар. «Бүлүү доруобуйатын харыстабыла сайдыытыгар кылаатын иһин” диэн бочуоттаах бэлиэни көҕүлээччинэн уонна ааптарынанбуолар.
Тапталлаах балыыһата тэриллибитэ 155 сылыгар балыыһа Өрөгөй ырыатын суруйбутугар, СӨ Композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ Өрөгөй ырыатын ааптара Кирилл Герасимов муусукатын айбыта.
Иһирэх иэримэ дьиэтигэр
Матвеевтар дьиэ кэргэттэрэ эмчиттэр династияларынан биллэр. Олоҕун аргыһа Роза Игнатьевна Матвеева — фтизиатр-педиатр, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна. Кинилэр үс уоллаахтар. Уолаттарыттан биирдэстэрэ эмчит идэлээх, кини улахан кыыһа эмиэ быраас, икки оҕото эмчит идэтигэр үөрэнэр.
Бүлүү куоракка үлэлэринэн-хамнастарынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаннарынан ытыктанар Матвеевтар дьиэ кэргэттэрэ ону сэргэ 4 тулаайаҕы кыра эрдэхтэриттэн иитэн, атахтарыгар туруордулар. 14 хос сиэннээхтэр, 2 хос сиэннээхтэр. 2008 сыллаахха Матвеевтар тулаайах оҕолору дьоһуннаахтык ииппиттэрин иһин, “Көмүс сүрэх” бэлиэнэн наҕараадаламмыттара.
Наҕараада дьоруойун буллар
Биир дойдулаахтара, биир идэлээхтэрэ убаастыыр-ытыктыыр киһилэрэ Никита Матвеевы төрөөбүт Бүлүү куората 385 сылыгар П.А.Петров аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ыларга мэктиэлииллэрин биллэрдилэр.
“Балыыһабыт аактабай саалатыгар П.А.Петров мэтириэтэ ыйанан турар. Бу мэтириэти Никита Васильевич бэйэтин харчытынан сакаастаабыта уонна ким да ылан устубатын курдук кытаанахтык саайбыта. Балыыһа иһигэр киириигэ мемориальнай дуоска ыйанан турар. Бу дуосканы биһиги Никита Васильевичпыт эмиэ бэйэтин харчытынан, бэйэтин көҕүлээһинэн сакаастаан, балыыһа 150 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх түгэҥҥэт уруортарбыта”, — диэн Никита Васильевич туһунан үгүс элбэх суруйуулартан Бүлүү улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Е.А.Григорьев үтүө тылларын аҕынным. Бүлүү улууһун олохтоохторо СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Никита Матвеев 50-ча сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитин сыаналаан, сиэрдээх туруорсууну өйүүрүгэр бигэтик эрэнэллэр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru