Хирург «Үс саха төрдө» арамаана сүрэхтэннэ

31.01.2017
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 27 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар Өлөөнтөн төрүттээх медицинскэй наука доктора, «Фтизиатрия» НПХ хирургияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ, суруйааччы И.И. Винокуров «Үс саха төрдө» диэн арамаанын сүрэхтэниитэ дириҥ ырытыы, истиҥ кэпсэтии күөнүгэр буолан ааста.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрэхтэниигэ кыттыбыт, эҕэрдэ тылларга кыттыспыт медицинскэй наука доктора Валериан Николаев истиҥ санаатын маннык үллэһиннэ:

— Иннокентий Иннокентьевич бу үһүс кинигэтэ. Бу иннигэр «Табалар ыллыктарынан Саха сирин алмаастарыгар» (2007 с.), «Тордоххо таптал» (2013 с.) кинигэлэрэ ааҕааччы биһирэбилин ылбыттара.

СӨ Гражданскай уопсастыба институтун сайдыытын миниистирин солбуйааччы Лена Иванова кинигэ сүрэхтэниитин аһарыгар И.И. Винокуров дириҥник толкуйдуур, киэҥи-куоҥу анаарар дьоҕура оскуолатааҕы сылларыттан биллибитин бэлиэтээтэ.

«Үс саха төрдө» диэн арамаан сүрэхтэниитэ Геннадий Семенов-Урааҥхай толоруутугар «Бары бииргэ» диэн саха тыллаах кутун-сүрүн долгутар ырыатынан саҕаламмыта тоҕоостоох буолла.

Ааптар киирии тылыгар «Үс саха төрдө» кинигэтин туох санааттан, туох сыаллаах-соруктаах суруйбутун кэпсииригэр айымньы сүрүн тиэмэтинэн сомоҕолоһуу идеята буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол курдук, арамааҥҥа Чыҥыс хаан сэриитин саҕана кыргыска кыайтарбыт Кыымнаах урааҥхайдар, Хоролор уонна Туматтар аҕа уустара иннилэрин көрүнэн биир тылы булан түмсэн, ынахтарын, сылгыларын үүрэн икки аҥы хайдыһан өр ыарахан, уустук айаны тулуйан Саха сирин булаллар. Тыйыс тымныылаах дойдуга кэлэннэр бу үс аҕа ууһа олохтоох омуктардыын или-эйэни олохтоон, сомоҕолоһон олорорго быһаарыналлар, үс саха төрдө буолаллар.

Кинигэни ырытыыга ытык-мааны суруйааччылар Николай Калитин уонна Николай Винокуров-Урсун кыттыыны ылан ааптарга үтүө тылы эттилэр. Арамаан табыллыбыт, ааптар история кырдьыгын бэйэтэ хайдах ылынарын, көрөрүн уус-уран тылынан дириҥник, киһини итэҕэтэр курдук ойуулаабытын эттилэр. Чахчы дьоҕурдааҕын, суруйар кыахтааҕын көрдөрбүт Иннокентий Винокуров—Тагус олунньуга Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар уопсай мунньаҕынан ылыллыаҕын иһитиннэрбиттэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Ааптар биир идэлээҕэ, хирург, медицинскэй наука доктора, профессор Михаил Винокуров “кинигэ ааҕыллымтыа, поэма курдук” диэн сыана быспыта сонуннук иһилиннэ. Кырдьык И. Винокуров 8-9 үйэ анараа өттүгэр буолбут түгэннэр дьоруойдара, кинилэр олохторо-дьаһахтара ааҕа олорор киһи хараҕар көстөн кэлиэх курдук уус-ураннык, тиийимтиэтик, өйдөнүмтүөтүк уонна кырдьыктаахтык суруллубуттар.

Кинигэни дьүүллэһэн уонна ааптары эҕэрдэлээн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (ИлТүмэн) Бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников, Дьокуускай к. Дууматын бэрэссэдээтэлэ Александр Саввинов тыл этэллэригэр сомоҕолоһуу тиэмэтин таарыйар айымньы билиҥҥи кэмҥэ наадалааҕын, ордук ыччакка суолдьут сулус буолуоҕун ыйдылар.

Иннокентий Винокуров биир идэлээхтэрэ, «Фтизиатрия» НПХ хирурдара толору састаабынан кэлэн, табаарыстарын истиҥник эҕэрдэлээтилэр, айымньы дьон-сэргэ сэргээн ааҕар кинигэтэ буолуоҕар саарбахтаабаттарын эттилэр, бэлиэ күнүнэн ааптарга өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.

Ааптар биир дойдулаахтара, өлөөннөр И.И. Винокуров «Хирург Киэсэ» диэн ааттанан дойдутугар ааспыт үйэ 80-с сылларыгар таһаарыылаахтык үлэлиэҕиттэн киэн тутталларын санаттылар, аны кэлин суруйааччы быһыытынан биллэн эрэриттэн улаханнык үөрэллэрин эттилэр. Манна даҕатан кийииттэригэр Оксана Александровна Винокуроваҕа махталларын биллэрдилэр.

И.И. Винокуров СГУ медико-лечебнэй факультетыгар 6 сыл бииргэ үөрэммит табаарыстара Василий Седалищев, Эдуард Герасимов уонна Валериан Николаев доҕордорун үһүс дьоһун кинигэтэ күн сирин көрбүтүнэн эҕэрдэлээтилэр. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн бэргэн этиини бигэргэтэн, Кеша устудьуоннуу сылдьыаҕыттан төрөөбүт Өлөөнүн таптыыра, дойдутун туһунан аһара истиҥник сэһэргиирэ, олоххо буолар көстүүлэри бөлөһүөктүү соҕус ылынара уонна ону ойуулаан-оһуордаан кэпсиирэ суруйааччы буолуоҕун сибикилэрэ эбит диэн бэлиэтээтилэр. Доҕотторо: «Кеша, суруй-бичий. Алакы!» — диэн суруктаах бэлэхтэрин утары ууннулар.

Икки чаастан ордук барбыт истиҥ кэпсэтии хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. «Үс саха төрдө» арамаан сүрэхтэнииттэн хас биирдиибит норуот сомоҕолоһуута ханнык даҕаны ыарахан кэми этэҥҥэ туоруурга, кыайыылаах-хотуулаах тахсарга, инникигэ олук охсор сүдү күүс буоларыгар итэҕэйэн, ылынан тарҕастыбыт.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0