Былырыын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ “Үөрэх туһунан сокуонугар” илии баттаабыта. Туһааннаах сокуоҥҥа олоҕуран, үрдүкү куурус устудьуоннара оҕону үөрэтэллэрэ көҥүллэннэ. Саха сиригэр күн бүгүн балачча элбэх устудьуон тыа сиригэр баран үлэлии сылдьар.
Устудьуоннар үөрэтэллэрэ көҥүллэнэр
РФ “Үөрэх туһунан сокуонугар” былырыын уларыйыылар киирэннэр, балаҕан ыйыттан педагогика хайысхатыгар үрдүкү куурустарга үөрэнэр устудьуоннар куорат эрэ буолбакка, тыа сирин оскуолаларыгар баран учууталлаан, куруһуогу ыытан уопутуран, эбиитин хамнас аахсан эрэллэр. Куһаҕан даҕаны үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, хамсык дьаҥынан сибээстээн, үөрэхтэрэ ыраахтан олорон (дистанционно) барар буолан туһалаата.
Тустаах сокуон устудьуоннар оскуола үлэтин сыыйа билсэ туралларын курдук итиэннэ дойду оскуолаларыгар сыллата аһаҕас хаалар вакансиялары толорор соруктаах ылыллыбыта. Саха сиригэр сыллата сайынын 600-700-чэ курдук учуутал вакансията тахсар. Дьэ, ол иһин кинилэри өйүүр араас бырагыраамалары олоххо киллэрэллэр, сокуоннары ылаллар.
Тоҕо?
Эдэрдэр тоҕо учуутал идэтин талбыттарын итиэннэ биир үксүн ыччат учууталлыы барыан баҕарбат дииллэрин, туох-ханнык усулуобуйаҕа баҕаралларын бэйэлэриттэн илэ кулгаахпынан истээри сибээскэ таҕыстым.
ХИФУ пресс-сулууспатыттан учууталлыы сылдьар устудьуоннар нүөмэрдэрин көрдөөбүппэр, бэрт түргэнник булан биэрбиттэрэ эрээри, эбиэт иннинэ оҕолору үөрэтэ сылдьар буолан, үгүстэр төлөпүөннэрэ арахса сылдьара эбэтэр ылбатахтара. Онтон бастакынан Нам улууһун Үөдэй орто оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлии сылдьар Сайыына Борисоваҕа эрийэн тиийдим.
“Учууталлыахха сөп…”
Сайыына Гаврильевна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүттэн төрүттээх. 2014 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээти бүтэрбит. Ол иннинэ дойдутугар Төҥүлүгэ үөрэммит. “Тоҕотун
билбэппин эрээри, кыра эрдэхпиттэн учуутал идэтин баһылыахпын, оҕолору кытта үлэлиэхпин баҕарар этим”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр. Оскуола кэнниттэн тута ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт саха-английскай салаатыгар үөрэнэ киирбит. Икки дьупулуомнаах үөрэххэ киирбит буолан, саха уонна англия тылын учууталларынан үлэлиир кыахтаах. “Бастаан, устудьуоммун диэн, үлэлии барар былааным суох этэ. Үөрэх ыраахтан олорон (дистанционно) барар диэбиттэрин иһин уонна ити кэмҥэ миэстэ тахсан, алтынньыттан холонон көрөргө санаммытым. Куораттан чугас диэн, Нам улууһун Үөдэй орто оскуолатын талбытым”, — диэн эдэр дьон киэҥ сиргэ талаһалларын туоһулаан этэр.
“Эбиэт иннинэ — оҕолору, эбиэт кэнниттэн – бэйэм”
Тиийээтин кытта учууталлар уопсайдарыгар олохтообуттар. Кини 5-11-с кылаас оҕолорун саха тылын уруогар үөрэтэр.
“Учуутал докумуону толорор үлэтэ элбэх эбит. Үлэтин сыллааҕы былаана, уруогун былаана, хас чиэппэр бүттэҕин аайы отчуоттар. Холобура, хас биирдии үөрэнээччи суругунан үлэтин, хонтуруолунай үлэтин анаалыстыыбыт. Уопсайынан эттэххэ, оҕолору кытта үлэлиир үчүгэй. Аҕа саастаах учууталы сыһыараллара олус туһалаах эбит. Миэхэ нуучча тылын уопуттаах учууталын Лидия Афанасьевна Константинованы анаабыттара. Маҥнай тиийиибэр, докумуон өттүгэр, атын даҕаны боппуруостарга элбэҕи көмөлөспүтэ. Кэлэктиип эдэр диэн өйдүүр, көмөлөһөр, сүбэлиир, ыйыттахпына быһааран биэрэллэр. Билигин син үөрэнним. Учууталлыахха сөп эбит. Оҕолор даҕаны эдэр киһи диэн миэхэ талаһаллар”, — диэн санаатын үллэстэр.
Үөрэнээччилэрин кэмпириэнсийэҕэ, олимпиадаҕа кытыннарбыт. Улуустааҕы кэмпириэнсийэҕэ үс оҕону кытыннарбыта үһүөн миэстэлэспиттэр, биир оҕо өрөспүүбүлүкэҕэ кыттыбыт. Онон бу салааҕа бастакы хардыыны оҥорбут, ситиһии номнуо баар диэххэ сөп.
“Эбиэт иннинэ оҕолору үөрэтэбин, эбиэт кэнниттэн бэйэм үөрэнэбин. Магистратура буолан, бөлөхпөр үгүспүт үлэһит дьон. Онон эбиэт кэнниттэн үөрэнэрбит табыгастаах. Уонна саас дьупулуом иннинээҕи быраактыкабытын ааһыахтаахпыт, дипломнай үлэбитин суруйабыт. Магистратураҕа үөрэҕим – “Филология. Имиджелогия и спичрайтинг”. Учуутал имиджин көрүөхтээхпин”, — диэн кэпсиир. Чопчу быһаарына илик эрээри, дьупулуоммун этэҥҥэ туттардахпына, салгыы учууталлыырым буолуо диэн санаатын үллэстэр.
“Үөрэммит оскуолам”
М.С.Егоров аатынан Ньурба куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар – бэйэтэ үөрэммит кыһатыгар алын кылаас учууталынан үлэлии сылдьар Ольга Андреева оҕо эрдэҕиттэн учууталлыыр баҕа санаалаах эбит. Хос эбээтэ Мотрена Семеновна Ильина суолун тутуһан, 2013 сыллаахха оскуолатын бүтэрэн баран Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэскэ алын кылаас учуутала идэтигэр үөрэнэ киирбит. Бүтэрээт, 2017 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Педагогикаҕа институтугар туттарсыбыт. Быйыл бүтэрээри, үлэтин быыһыгар үөрэнэр, дьупулуомун суруйар. Үчүгэйэ диэн, бэйэтин дойдутугар барбыт буолан, дьиэтигэр олорор.
“Балаҕан ыйын 1 күнүттэн “Первые дни ребенка в школе” диэн быраактыканы ааһаары кэлбитим. Учуутал тиийбэт диэн устунан, үөрэҕиҥ саҕаланыар диэри үлэлии хаалбаккын дуо, диэн этии киллэрбиттэрэ. Сөбүлэспитим. Хата, үөрэхпит ыраахтан олорон (дистанционнай) көрүҥҥэ көһөн, туох даҕаны уустуга суох үлэлии хаалбытым”, — диэн кэпсиир.
“Бастакы кылаастары үөрэтэбин”
— Мин бастакы кылаастары үөрэтэбин. Маҥнай уустуктардаах этэ. Кэлэктиибим үчүгэй, өрүү өйүүллэр, көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр. Кумааҕы үлэтэ чахчы элбэх. Саҥа оскуолаҕа киирбит оҕолор буолан, барыта саҥаттан оҥоһуллар. Аны хамсык дьаҥынан сибээстээн, докумуон үлэтэ өссө эбиллэр.
Кылааспар 18 оҕолоохпун. Билигин халлаан тымныы — актированнай күннэр тураллар. Ол иһин ыраахтан олорон үөрэтэбин. Оҕолор үөрэнэр баҕалаахтар, ZOOM-нан эҥин үөрэнэри төттөрүтүн сэргииллэр. Араас кырааскалаах тирэх уруһуйдары оҥортуубун. Көстүүлээх буоллаҕына сэҥээрэллэр, интэриэһи тардар. Биллэн турар, төрөппүттэр, улахан дьон холбоон биэрэллэр, хонтуруоллууллар, — диэн үлэтин туһунан кэпсиир.
Онтун быыһыгар быыс-арыт булан бэйэтэ үөрэнэр. Билиҥҥитэ улахан уустук суох диэн этэр. Дипломнай үлэтин тиэмэтэ тылдьытынан үлэҕэ аналлаах эбит. Маҥнайгы кылаастарга сөп түбэспэт буолан, үһүс кылаастары кытта үлэлэһэр.
Үөрэтэр ньымалары, сүбэлэри хаҥатыныҥ
“Маҥнайгы кылаастары үөрэтэр төһө уустугуй?” – диэн ыйытыыбар: “Биллэн турар, оскуола туһунан улахан өйдөбүлэ суох, оскуола боруогун саҥа атыллаабыт кырачааннары үөрэтэр туспа уратылардаах”, — диэн хоруйдуур. Үөрэх дьыла саҕаланыыта, ыраахтан олорон үөрэтэ сылдьыбыт буолан, ааҕыыларыгар кыра бытаарыы баарын бэлиэтиир.
“Алын кылаас учууталынан үлэлии барар эдэр учууталларга оҕо интэриэһин тардар инниттэн эрдэттэн араас эбии ньымалары, сүбэлэри, матырыйааллары (“методическай копилка”) ыла, бэйэҕит хасыһан үөрэтэ сылдьыҥ диэн сүбэлиэхпин сөп”, — диэн кылгас эрээри, учуутал быһыытынан үлэлээбит ыйдарыттан сиэттэрэн, номнуо туох ирдэнэрин бэлиэтии көрбүт устудьуон-учуутал уопутуттан үллэстэр.
Оттон төрөппүттэргэ туһаайан, маҥнайгы кылааска киирэр оҕолоргутугар дорҕооннору үөрэтиҥ диэн сүбэлиир. Оччоҕо эрэ оҕо үөрэнэригэр судургу буолар диэн этэр.
Уруогу таһынан — куруһуок
Ольга Константиновна уруогун таһынан бэйэтин оҕолоругар анаан букатын үс куруһуогу ыытар эбит. Билиҥҥитэ эбии үөрэхтээһин ыраахтан олорон (дистанционно) барар буолан, табыгастаах диэн этэр. Ол курдук, үөрэхтэригэр бытаарыах курдук оҕолору бэлиэтии көрөн, “Умники и умницы” диэн ааттаан, эбии дьарыктыыр эбит. Ону таһынан, “Очумелые ручки” илиинэн оҥоһук уонна кыраларыттан оҕоҕо ааҕар үөрүйэҕи иҥэрээри, “В мире книг” диэн куруһуоктары үлэлэтэр. Хайдах барытын бириэмэ булан аттарарын сөҕөн эрэ кэбиһэбин.
Салгыы талан ылбыт идэтинэн үлэлиир, олоҕун оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ аныыр былааннааҕын туһунан туох даҕаны саарбахтааһына суох этэр. Салгыы магистратураҕа эмиэ педагогика хайысхатынан үрдэтинэр санаалааҕын биллэрэр.
“Учууталлыахха сөп”
Биллэн турар, бу икки кэпсэппит, үөрэхтэрин саҥа бүтэрэн эрэр, учуутал идэтин дьупулуомун илиилэригэр ылаары сылдьар, күн бүгүн оҕолору үөрэтэ сылдьар эдэр дьон “учууталлыахха сөп эбит” диэн түмүккэ кэлбиттэр. Төһө даҕаны устудьуон-учуутал буолбуттарын иһин, балачча хамнаһы аахсаллар итиэннэ истипиэндьийэлэрин эбинэллэр.
Аны ханнык баҕарар эдэр дьонтон тоҕо тыа сиригэр үлэлии барбаккын диэн туоһулаһан көрдөххө, бастатан туран, олорорго үчүгэй усулуобуйа итиэннэ түргэн интэриниэт наадатын этэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: учууталлар тус архыыптарыттан уонна iStock.