ХИФУга нэдиэлэ ахсын “Аһаҕас аан күннэрэ” ыытыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка нэдиэлэ ахсын “Аһаҕас аан күннэрэ” онлайн-бырайыак ыытыллар.

edersaas.ru

ZOOMнан ыытыллар онлайн-бырайыак 2021-2022 үөрэх дьылыгар туттарсар дьоҥҥо, төрөппүттэргэ, учууталларга аналлаах. Олунньу 12 күнүгэр диэри хас бээтинсэ, субуота ахсын күнүс 15:00 — 17:00 чааска диэри ХИФУ институттара, бакылтыаттара быһа сибээскэ тахсан, үөрэх туһунан сиһилии билиһиннэриэхтэрэ.

Тэрээһин иитинэн, кэлэр сылга үөрэххэ туттарсыы быраабылатын, баалларын, тус ситиһиилэр, устудьуон олоҕун туһунан кэпсииллэр. Быһатын эттэххэ, университекка быһаччы үлэлии сылдьар дьонтон ыйытыыларгытыгар хоруйдары ыларгытыгар кыах бэриллэр. Түгэни мүччү тутумаҥ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0