Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэри, үөрэххэ туттарсааччылары тутар хампаанньа үлэтин таһынан, саҥа идэлэр интэриэһиргэтэллэр. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка быйыл ханнык саҥа идэлэр аһыллаллар эбитий?
ХИФУга иһитиннэрбиттэринэн 2021-2022 үөрэх дьылыгар, уопсайа, 4154 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Ол курдук, 2554 миэстэ бакалавриакка уонна специалитекка (күнүскү үөрэххэ), 541 миэстэ магистратураҕа (күнүскү үөрэххэ), 47 миэстэ аспирантураҕа (күнүскү үөрэххэ), 120 миэстэ ординатураҕа (күнүскү үөрэххэ), 295 миэстэ орто анал үөрэххэ (күнүскү үөрэххэ) көрүллүбүт. Итини таһынан, күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) уонна кэтэхтэн (заочно) бүддьүөт миэстэлэрэ бааллар.
Ханнык саҥа идэлэр аһыллан эрэллэрин туһунан ХИФУ тутар хамыыһыйатын исписэлииһэ Петр Кычкинтан туоһуласпыппар: “Быйыл Экэниэмикэ үрдүкү оскуолата (ВШЭ) уонна ХИФУ, үөрэх кыттыгас бырагырааматынан финансовай-экономическай институкка “экономика и анализ данных” идэҕэ аан бастакытын устудьуоннары ылыаҕа. Бакалавр бу бырагырааматын бүтэрбиттэр икки үрдүк үөрэх дипломун ылаллар. Ону таһынан, экэниэмикэни сыыппаралааһыҥҥа (цифровизация экономики) магистратураҕа саҥа идэлэр бааллар.
Итини сэргэ, бакалавриакка “технология транспортных процессов (организация перевозок и управление на транспорте)”, “лингвистика (межкультурная коммуникация и перевод (китайский язык))”, “автоматизация технологических процессов и производств (автоматизация и цифровизация управленческих и производственных процессов)” саҥа идэлэр аһыллаллар”, — диэн хоруйдаата.
Саҥа аһыллыбыт “экономика и анализ данных” идэҕэ бүддьүөттэн 7, төлөбүрдээххэ 15 миэстэ көрүллүбүт. Манна туттарсарга математикаҕа, информатикаҕа уонна ИКТ эбэтэр омук тылыгар, нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) туттарар наада.
“Технология транспортных процессов (организация перевозок и управление на транспорте)” идэҕэ 21 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Манна киирэргэ математика, физика эбэтэр информатика уонна ИКТ, нуучча тылын биир кэлим эксээмэнэ (ЕГЭ) ирдэнэр.
“Лингвистика (межкультурная коммуникация и перевод (китайский язык))” идэҕэ бүддьүөккэ 10, төлөбүрдээххэ 10 миэстэ көрүллүбүт. Тустаах идэҕэ туттарсыан баҕалаахтар омук тылын, нуучча тылын, литэрэтиирэни туттарбыт буолуохтаахтар.
“Автоматизация технологических процессов и производств (автоматизация и цифровизация управленческих и производственных процессов)” идэҕэ туттарсыан баҕалаахтарга бүддьүөттэн 26 миэстэ бэриллибит, манна математика, физика эбэтэр информатика уонна ИКТ, нуучча тыла ирдэнэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru