ХИФУ устудьуоннарын сыыйа олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэтэн саҕалыахтара

Ааптар: 
24.01.2021
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара кулун тутартан сыыйа олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэниэхтэрин сөп. Ити туһунан ХИФУ ректора Анатолий Николаев бүгүн Инстаграмынан быһа сибээс кэмигэр иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

ХИФУга ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнии олунньу 6 күнүгэр диэри уһаабыта. Ректор тустаах бирикээс, эпидемиологическай балаһыанньаттан көрөн, кылгаабыта олунньу бүтүүтүгэр диэри уһуура буолуо диэн эттэ. Салгыы көстөн иһиэҕэ диэн ыйда.  “Үөрэх олоҕурбут көрүҥэр (очно) тута барыларын көһөрөр кыахпыт суох. Ыйыы-кэрдии, сыһыарыы, кыраапык баар буолуоҕа. Сыыйа, түһүмэхтэринэн барыахпыт. Институттарынан буолбакка, куурустарынан, бөлөхтөрүнэн таһаартыахпыт. Чопчу кыраапыгы, испииһэги оҥоруохпут”, — диэн ректор иһитиннэрдэ.

Күн бүгүн, ХИФУга, уопсайа, 18 740 устудьуон үөрэнэр. Итинтэн күнүскү үөрэххэ – 14 тыһыынчаттан тахса. Бачча элбэх киһини барытын биирдэ куоракка аҕалан үөрэтиини саҕалыыр кутталлааҕын бэлиэтиир. Онон очнай көрүҥүнэн үөрэнии үс түһүмэҕинэн барыаҕын эттэ.

Бастакы түһүмэххэ олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэниигэ Мэдиссиинэ институтун үрдүкү куурустарын устудьуоннара тахсыахтарын иһитиннэрдэ. Бу — специалитет 4-6 кууруһун уонна бакалавриат 3-4 кууруһун устудьуоннара.

Иккис түһүмэххэ балаһыанньаттан көрөн инженернэй, естественнэй хайысха уонна алын кууруска үөрэнэр медик-устудьуоннары таһаарар былааннаахтар.

Үһүс түһүмэҕинэн естественнэй уонна тиэхиньиичэскэй хайысхаҕа үөрэнэр алын куурус устудьуоннара тахсыахтара. Бу хайысхаҕа үөрэнэр устудьуоннар лабораторияҕа үлэлэрэ элбэҕин, онно быраактыкаланаллара ирдэнэрин ыйар. Ону тэҥэ, естественнэй хайысха алын куурустара уонна гуманитарнай хайысханы бүтэрэр устудьуоннар тахсыахтара диэн былаанныылларын үллэһиннэ.

Онтон ХИФУ Мииринэйдээҕи, Нерюнгритааҕы филиалларыгар үөрэнэр устудьуоннар хаһааҥҥыттан олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэниэхтэрин сөбүн, миэстэтигэр балаһыанньа хайдаҕыттан көрөн, филиал салалталара быһаарыы ылалларын эттэ.

Устудьуоннар олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэнэллэригэр, баҕа өттүнэн хамсыктан быһыыны ылаллара наадатын эттэ. Быһыы ылбатах устудьуоннар ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэхтэрин салгыылларын ыйар. Бу, бастатан туран, устудьуон доруобуйатыгар наадалааҕын быһаарар.

Вакцинация иннинэ ИФА тестированиетын оҥоруохтарын, устудьуон туругун көрүөхтэрин иһитиннэрдэ. Маныаха ИФА анаалыс уонна быһыы барыта босхо оҥоһуллар.

 Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0