Уопсайга олорор Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарын, “Витаминизация” аахсыйа иитинэн эминэн хааччыйдылар. Тэрээһин кириип кэмигэр эрдэттэн бэлэмнэнэр уонна устудьуоннарга битэмиин тиийбэтин толуйар инниттэн ыытылынна.
edersaas.ru
Устудьуоннар куораттарын дириэктэрин солбуйааччы Петр Борисов аахсыйаҕа 170-тан тахса кэмпилиэк бэлэмнэммитин бэлиэтиир. “Уопсайга сүрүннээн интэриниэт ситимэ мөлтөх хотугу улуустан, ону тэҥэ, тас дойдуттан сылдьар устудьуоннар олороллор. Тустаах аахсыйанан биһиги үрдүк үөрэхпит кыһата бу судургута суох дьаҥ кэмигэр кинилэргэ кыһалларын көрдөрөр соруктаах. Быйыл битэммин набора быдан хаҥаата”, — диэн этэр.
Дириэктэри солбуйааччы устудьуоннар олороллоругар усулуобуйа барыта олохтоммутун бэлиэтиир. “Уопсайга киирбит бастакы куурус устудьуоннара саҥа усулуобуйаҕа уонна ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэх көрүҥэр үөрэннилэр. Устудьуоннары сайыннарар управление уонна уопсайдар устудьуоннарын сэбиэттэрэ онлайн тэрээһиннэри ыыталлар, оҕолор онно көхтөөхтүк кытталлар. Устудьуоннарга барыларыгар доруобуйаны баҕарабын, иммунитеккытын көрүнүҥ уонна кытаатан үөрэниҥ” – диэн санаатын тиэрдэр.
“Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан волонтердуубун. Пандемия кэмигэр дьоҥҥо туһаны оҥоруохпун баҕарабын. Битэмиининэн хааччыйыы аахсыйата олус наадалаах тэрээһин. Онно кыттыбыппыттан, ол иһигэр тэрийээччи быһыытынан кыттыбыппыттан үөрэбин”, — диэн фиология бакылтыатын иккис кууруһун устудьуона Семен Колмаков этэр.
ХИФУ пресс-сулууспата.