ХИФУ устудьуоннарыгар быһыыны олунньу 1 күнүттэн туруорар былааннаахтар
Быһа сибээс кэмигэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев устудьуоннарга босхо быһыыны туруоруу туһунан кэпсээтэ. Олунньу 1 күнүттэн саҕалыыр былааннаахтар.
Билигин ХИФУга бэлэмнэнии түһүмэҕэ бара турар: быһыыны ылыан баҕалаах испииһэгин хомуйаллар, ыарыыларын историятын (анамнез) үөрэтэллэр, мэдиссиинэ ханнык көрүүтүн ааспыттарын көрөллөр. “Биһиэхэ Гам-Ковид-Вак («Спутник V») препарат баскыһыанньаҕа кэлиэхтээх. Туттахпытына, быһыыны туруорууну бэнидиэнньиктэн саҕалыахпыт. Биэстии киһинэн ыҥырыахпыт, устудьуоннар испииһэктэрин үөрэх деканаттара биэрэллэр. Биир ампула биэс киһиэхэ быһыы туруорарга ананар, онон биир эбит киһи кэлбэтэҕинэ, ампула арыллыбыт”, — диэн ХИФУ клиникатын дириэктэрин солбуйааччы Гаврил Эбиль этэр.
Вакцинаны былчыҥҥа бэриллэр. Икки түһүмэхтээх: бастакы быһыы кэнниттэн 21 күн буолан баран иккиһи туруоруллар. “Вакцинация иннинэ устудьуоннар мэдиссиинэ көрүүтүн ааһаллар, быраас сүбэтинэн босхо ИФА анаалыһы туттараллар. Туох даҕаны утарыы (противопоказания) суох буоллаҕына быһыыга ыҥыраллар. COVID-19 ыалдьа сылдьыбыт буоллахтарына, балыыһаттан ыарыыта саҕаламмыта алта ыйтан уһуна суох болдьохтоох суругу (выписка) аҕалаллар”, — диэн кини быһаарда.
Гаврил Эбиль: “18-гар диэри саастаахтар, хат кыргыттар уонно оҕолорун эмтэрэр ийэлэр, острай инфекционнай уонна инфекционнайа суох ыарыылаахтар, улаханнык аллергиялаабыт, хроническай ыарыылара бэргии сылдьар дьон быһыыны ылбаттар. Ыарыылара бэргии сылдьар дьоҥҥо үтүөрбүттэрин эбэтэр ыарыылара хаптайбытын кэннэ икки эбэтэр түөрт нэдиэлэ буолан баран быһыыны туруораллар”, — диэн эбэн эттэ.
Вакцинация кыраапыга препарат хайдах кэлэриттэн көрөн оҥоһуллуоҕа, университет саайтыгар иһитиннэриини кэтээн көрөр ирдэнэр. “Улууска баар устудьуоннарга быһыыны ханна баар сирдэригэр туруорар туһунан кэпсэтии барар. Устудьуоннар көхтөөхтүк куратордарыгар сибээскэ тахсалларыгар уонна иһитиннэриини ыыталларыгар сүбэлиибит”, — диэн ХИФУ клиникатын дириэктэрин солбуйааччы кэпсээтэ. Сиһилии ыйыллыбыт сигэнэн https://www.s-vfu.ru/news/detail.php?SECTION_ID=19&ELEMENT_ID=146902 киирэн ааҕыаххытын сөп.
ХИФУ пресс-сулууспата.