ХИФУ устудьуоннара дьиэлэриттэн олорон үөрэнэллэригэр туох ирдэнэрий?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

М.К.Аммосов аатынан университет федеральнай буолан, коронавирустан сэрэтэр туһугар, устудьуоннарын бастакынан дистанционнай үөрэххэ көһөрбүтэ. Бүгүн университет салалтата, уопсайга олорор устудьуоннар дьиэлэригэр олорон үөрэхтэрин онлайн салҕыыр усулуобуйаларын кэпсэппиттэр. 

edersaas.ru

Бу туһунан ХИФУ саайтыгар https://www.s-vfu.ru/news/detail.php?SECTION_ID=19&ELEMENT_ID=139206 суруллар. Устудьуоннар дьиэлэриттэн кэллэхтэринэ, медицинскэй көрдөрүүнү ааһаллара булгуччулаах диэн ыйаллар.

Устудьуон дьиэтигэр олорон үөрэнэригэр туох ирдэнэрий? Бастатан туран, сайабылыанньа суруйуохтаах. Бу устдьуон мэктиэ суруга буолар. Иккиһинэн, дьиэтиттэн олорон үөрэнэригэр түргэн интэриниэт, Moodle онлайн-бырагыраамаҕа учуоттуур запись, “личнэй кабинекка” киирэригэр парола, даннайа барыта баар буолуохтаах. Ол эбэтэр, үөрэх тохтуо суохтаах диэн ыйаллар.

Ректор Анатолий Николаев иһитиннэрбитинэн, икки күн устата Moodle онлайн-систиэмэ саайтыгар устудьуоннар 400 тыһыынчата киирэ сылдьыбыттар. Олус элбэх дьон киирэн, баҕар, атахтаныа диэн сэрэхэдийбиттэр эрээри, дьолго, бытаарыы, харыы тахсыбатах.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0