ХИФУ устудьуоннара ыраахтан олорон үөрэниэхтэрэ

Ааптар: 
03.04.2020
Бөлөххө киир:

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара муус устар 6-30 күннэригэр онлайн үөрэниэхтэрэ. Үөрэнэр куорпустар хатыылаахтар.

edersaas.ru

РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар муус устар 6 күнүттэн ыраахтан (дистанцинно) олорон үөрэнэллэригэр сүбэлээтэ. Онон сибээстээн, ХИФУ ректора Анатолий Николаев проректордары кытта мунньах ыытта, ол түмүгүнэн үөрэҕи салҕыырга быһаардылар. Үөрэх куорпустара хатыылаахтар. Хаһаайыстыбаннай, куттал суох буолуутун, интэриниэт-сервер тохтобула суох үлэлиирин тэрийэр эрэ үлэһиттэр киириэхтэрин сөп. Туһааннаах бирикээскэ бүгүн илии баттаныаҕа.

“65-тэн үөһэ уонна 14-гэр диэри саастаах оҕолоох үлэһиттэр билигин самоизоляциҕа олороллор, атыттар ыраахтан (дистанционно) үлэлииллэр. Үөрэх куорпустара хатыылаахтар. Университет үлэһиттэрэ маннык үлэ эрэсиимигэр түргэнник киирдилэр”, — диэн ректор Анатолий Николаев этэр.

ХИФУ цифровой технологияларга департаменыгар иһитиннэрбиттэринэн, Moodle үөрэх эйгэтигэр өрөбүл нэдиэлэтэ биллэриллиэн иннинэ күҥҥэ 27 000 киһи киирэрэ. Ол аата, устудьуоннар уонна преподавателлэр улахан аҥаардара “үөрэх кабинетыгар” араспысаанньанан күн аайы киирэллэрин туоһулуурун ыйаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэх матырыйаалын 80 %-ын систиэмэҕэ укпуттар.

Устудьуоннар үөрэхтэрэ Moodle систиэмэнэн салҕанар, эбии Zoom, Google уонна көннөрү лиэксийэҕэ курдук преподаватель үөрэнээччилэрин кытта видеонан сибээс систиэмитинэн сибээһи тутар. Тиэхиньиичэскэй кыһалҕалары быһаарар инниттэн “горячай линия” 49-67-61 нүөмэрэ үлэлиир.

ХИФУ пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0