ХИФУ уһун өрөбүллэргэ тэйиччиттэн үөрэтиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара уһун өрөбүллэргэ тэйиччиттэн олорон үөрэниэхтэрэ.

edersaas.ru

Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьар дьон элбээбитинэн итиэннэ дойду бэрэсидьиэнэ хамнаһы хаалларан туран уһун өрөбүллэри биллэрбитинэн,  Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара уһун өрөбүллэргэ (алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри) дистанционнай көрүҥү туһанан үөрэниэхтэрэ диэн университет пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Дойду Наукатын уонна үрдүк үөрэҕин миниистирэ Валерий Фальков: «Өрөбүл күннэр биллэриллэллэринэн үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэ үлэтин (самостоятельнай) уонна дистанционнай көрүҥүнэн үөрэниэхтэрин сөп. Маннык уустук кэмҥэ үөрэнэллэрэ хаачыстыбаҕа көмөлөөх буолуо. Маныаха устудьуоннар бэйэлэрэ үөрэниилэрэ (самостоятельно) методическай өттүнэн хааччыллыбыт буолуохтаах уонна билиилэрин бэрэбиэркэлэниллиэхтээх», — диэн эппитэ.

Онтон Саха сиринээҕи орто үөрэх тэрилтэлэрэ хайдах үөрэнэллэрэ бүгүҥҥүтэ биллэ илик.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0