ХИФУ сорох устудьуоннара кулун тутар 1 күнүттэн олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэниэхтэрэ

Ааптар: 
18.02.2022
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньа тупсубутунан сибээстээн, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара кулун тутар 1 күнүттэн олоҕурбут көрүҥүнэн уонна тэйиччиттэн үөрэниэхтэрэ. Туһааннаах бирикээскэ бүгүн илии баттанна.

edersaas.ru

  1. Бирикээскэ ыйылларынан, автодорожнай факультет, горнай институт, геолого-разведочнай факультет, инженернэй-тиэхиньиичэскэй институт, математика уонна информатика институтун, мэдиссиинэ институтун, инфраструктурнай технология кэллиэһин, естественнэй наукалар институттарын, физика-тиэхиньичэскэй институт орто, бакалавриат, специалитет, магистратура, аспирантура, ординатура бырагыраамаларын күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) көрүҥүн 1-6 куурустарын устудьуоннарын, 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн  үөрэх электроннай уонна дистанционнай технологияларын туһанан олоҕурбут көрүҥүнэн, кэтэхтэн (заочно) үөрэнэр бары куурус устудьуоннарын тэйиччиттэн көрүҥүнэн (дистанционно) үөрэтэргэ диэн ыйыллар.
  2. Физическэй култуура уонна успуорт институтун бакалавриакка, специалитекка, магистратураҕа, аспирантураҕа бырагыраамаларын күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) үөрэхтэрин бары кууруһун устудьуоннара 2022 сыл кулун тутар 7 күнүттэн үөрэх электроннай уонна дистанционнай көрүҥнэрин туһунан олоҕурбут көрүҥүнэн, кэтэхтэн (заочно) устудьуоннара тэйиччиттэн (дистанционно) көрүҥүнэн үөрэнэллэр.
  3. Тас филология уонна регионоведения институтун, юридическай факультет, финансовай-экономическай институт устудьуоннара 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн маннык үөрэнэллэр:

— күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) көрүҥүн бакалавриакка, специалитекка, магистратураҕа, аспирантураҕа 1 кууруһун устудьуоннара үөрэх электроннай уонна дистанционнай технологияларын туһунан олоҕурбут көрүҥүнэн (в традиционном формате);

— күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) уонна кэтэхтэн (заочно) көрүҥ бакалавриакка, специалитекка, магистратураҕа, аспирантураҕа бырагыраамаларын 2-5 кууруһун уонна кэтэхтэн үөрэх бары кууруһун устудьуоннара тэйиччиттэн (дистанционно) көрүҥүнэн.

  1. РФ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун, психология институтун устудьуоннара 2022 сыл кулун тутар 7 күнүттэн маннык үөрэнэллэр:

— бакалавриат, специалитет, магистратура, аспирантура бырагыраамаларын күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) үөрэҕин 1 кууруһун устудьуоннара үөрэх электроннай уонна дистанционнай технология көрүҥнэрин туһунан олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэнэллэр;

— бакалавриат, специалитет, магистратура, аспирантура бырагыраамаларын күнүскү (очно), күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) үөрэҕин 2-5 кууруһун устудьуоннара уонна бары куурус кэтэхтэн устудьуоннара тэйиччиттэн (дистанционно) көрүҥүнэн үөрэнэллэр.

  1. Педагогическай институт, фиолологическай факультет, историческай факультет бакалавриат, специалитет, магистратура, аспирантура бырагыраамаларын күнүскү (очно) көрүҥэр бүтэһик кууруска үөрэнэр устудьуоннарын үөрэх электроннай уонна дистанционнай технологияларын туһанан 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоҕурбут көрүҥүнэн (традиционный формат), онтон атын устудьуоннары тэйиччиттэн (дистанционно) үөрэтэргэ диэн суруллубут.
  2. Үп-экэниэмикэ институтун, юридическай кэллиэс орто үөрэххэ (СПО) бырагырааматын күнүскү (очно) көрүҥэр бүтэһик кууруска үөрэнэр устудьуоннарын үөрэх электроннай уонна дистанционнай технологияларын туһанан 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоҕурбут көрүҥүнэн (в традиционном формате), күнүскү (очно), кэтэхтэн (зочно) көрүҥүн бары куурустарын устудьуоннара тэйиччиттэн (дистанционно) үөрэниэхтэрэ.

edersaas.ru

Хаартыска: ХИФУ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0