ХИФУга үөрэх олоҕурбут көрүҥүнэн саҕаланыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кэлэр 2021-2022 үөрэх дьылыгар устудьуоннар хайдах үөрэнэллэрин туһунан иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Ол курдук, балаҕан ыйын 1 күнүттэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка 2021-2022 үөрэх дьылын бастакы аҥаарыгар устудьуоннар электроннай үөрэниини уонна үөрэх дистанционнай технологиятын туһанан маннык институттар, факультеттар бары куурустара олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) үөрэниэхтэрэ: АДФ, ГИ, ГРФ, ИТИ, ИМИ, МИ, ИФКиС, КИТ, ИЕН уонна ФТИ.

ПИ, ФЛФ, ИЯКН СВ РФ, ИЗФиР, ИФ, ИП, ЮФ/ЮК, ФЭИ бастакы куурустара эмиэ олоҕурут көрүҥүнэн үөрэниэхтэрэ. 2-6 куурус устудьуоннара ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэххэ көһөллөр.

Кэтэхтэн үөрэх 1-6 куурус устудьуоннара ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнэллэр.

“Олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэнэргэ быһыыны ылыы (вакцина) булгуччулаах буолбатах, ол эрээри, кэлэктиибинэн иммунитеты бөҕөргөтүүгэ вакцинация соҕотох көдьүүстээх ньыма буоларын өйдүөх тустаахпыт”, — диэн ХИФУ устудьуоннарын бастакы сүһүөх идэлээх сойуустарын инстаграмыгар суруллар.

Ону тэҥэ, коронавируһу утары иммунизацияны  ааспатах үөрэх педагогическай үлэһиттэрэ уонна үөрэтэр-көмөлөһөр дьон үлэлэриттэн туоратыллар түгэннэригэр дьарыктар ыраахтан олорон (дистанционно) ыытыллыахтара диэн эбэн этиллибит. Бүгүҥҥүтэ ХИФУ саайтыгар үөрэх хаамытын туһунан иһитиннэрии, университет салалтатын бирикээһэ суох.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0