ХИФУ нэһилиэнньэҕэ туһалаах быйылгы «Open. лиэксийэтин» саҕалыыр
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Open. лекция» диэн киэҥ хабааннаах научнай лиэксийэтин быйылгы сезонун саҕалыыр. Тэрээһин Саха судаарыстыбаннай университета төрүттэммитэ 65 сылыгар ананар диэн ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Куорат олохтоохторо лиэксийэ саҥардыллыбыт көрүҥүн иитинэн лектордары истэллэрин, ыйытыы биэрэн ырытыһалларын таһынан, сарсыардааҥҥы гимнастикаҕа, мэйиини эрчийиигэ, оскуола үөрэнээччилэрин идэҕэ сөпкө туһаайыыга, о.д.а. нэһилиэнньэҕэ туһалаах маастар-кылаастары ылыахтара.
Балаҕан ыйыгар диэри доруобуйа, психология, спорт, култуура, о.д.а. эйгэҕэ сыһыаннаах лиэксийэлэри истиэхтэрэ диэн этэллэр. Бырайыак иитинэн федеральнай университет сэттэ чинчийээччитэ кыттыаҕа. ХИФУ салайааччыта Анатолий Николаев лиэксийэтиттэн истээччилэр айылҕа экосистиэмэтин сайдыытын историятын туһунан билиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, бу иннинээҕи сылларга ХИФУ ыытар тустаах лиэксийэлэрэ куорат пааркатыгар буолаллара, элбэх киһи сылдьара, туһанара, үгүһү билэрэ-көрөрө. Билигин хааччахтааһынан сибээстээн, ХИФУ бэрэпиэссэрдэрин скверигэр тэрийэргэ быһаарыммыттар.
Бүгүҥҥү, атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи бастакы лиэксийэни мэдиссиинэ билимин дуоктара, ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтун дассыана Татьяна Николаева аһыаҕа. Невролог-быраас билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох тиэмэни — коронавирус уонна инсульт бэйэ-бэйэлэригэр туох сибээстээхтэрин туһунан кэпсиэҕэ. Иһитиннэрии ордук артериальнай гипертония, сахарнай диабет курдук киэҥник тарҕаммыт ыарыылаах дьоҥҥо туһалаах буолуо диэн учуонай бэлиэтиир. Ону тэҥэ, Татьяна Николаева мэйиини мөлтөппөт туһугар ирдэниллэр ментальнай дьарыктары көрдөрүөҕэ.
Лиэксийэлэри атырдьах ыйын 5 күнүттэн саҕалаан, киэһэ 19 чаастан, балаҕан ыйын бүтүүтүгэр диэри хас чэппиэр аайы ыытыахтара. Быһа биэриини университет Инстаграмынан киирэн көрүөххэ сөп. Онтон лиэксийэни устууну ХИФУ Ютуб ханаалыгар таһаарыахтара. Сиһилии лиэксийэ туһунан https://www.s-vfu.ru/news/detail.php?SECTION_ID=&ELEMENT_ID=155987 бу ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыҥ.
Салгыы маннык тиэмэлэргэ лиэксийэлэр буолуохтара:
Атырдьах ыйын 12 күнэ – Киберспорт диэн тугуй уонна туох кэскиллээҕий? Туохтан саҕалыыбыт уонна туохха болҕомтону уурабыт?
Атырдьах ыйын 19 күнэ — айылҕа экосистиэмэтин сайдыытын историята (биология билимин дуоктара, ХИФУ ректора Николаев А.Н.).
Атырдьах ыйын 26 күнэ – үөрэххэ туттарсыыга эрдэттэн бэлэмнэнии (психология билимин хандьыдаата, ХИФУ психологияҕа институтун дассыана Лукина В.С.);
Балаҕан ыйын 2 күнэ – коронавирус кэнниттэн сүһүөҕү бөҕөргөтүү (биллиилээх исписэлиис, мэдиссиинэ билимин дуоктара, ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтун бэрэпиэссэрэ Пальшин Г.А.);
Балаҕан ыйын 9 күнэ – “Культурнай глобализация уонна этничность“ (история билимин хандьыдаата, ХИФУ историяҕа бакылтыатын дассыана Яковлев А.И.);
Балаҕан ыйын 16 күнэ – саҥа саҕалыыр дьоҥҥо спорт туһунан мифтэр уонна өйдөбүллэр (педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ физкултуураҕа уонна спорка институтун салайааччыта Гоголев Н.Е.);
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru