Ахсынньы 1 күнүттэн “Арктика ускуустубата уонна дизайна”, “Медиа үөрэх”, “Туризм, култуура уонна норуоттар икки арыдаларынааҕы салайыы” диэн магистр бырагырааматынан Лапландия университетыгар сайаапкалары ылыы бара турар.
Үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларыгар түһэрсиллибит бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин хардарыта бырагыраамматын чэрчитинэн, ХИФУ устудьуоннара сыллата Лапландияҕа баран үөрэнэллэр. Күн бүгүн “Хотугу сир-хотугу сиргэ” бырагырааманан, биһиги университеппыт кыраныысса таһынааҕы филологияҕа уонна регионоведенияҕа институтун икки устудьуона баран үөрэнэ сылдьаллар.
ХИФУ норуоттар икки ардыларынааҕы сибээс управлениетын арктикатааҕы салаатын исписэлииһэ Светлана Слепцова иһитиннэрбитинэн, магистерскай бырагырааманан үөрэтии кимиэхэ баҕарар тиийимтиэ: “Магистраннар сайаапкаларын бэйэлэрэ биэрэллэр. Биһиги управлениебыт докумуоннарын толорууга көмөлөһөр. Ол эбэтэр ирдиир буоллахтарына мэктиэ сурук эбэтэр характеристика суруйар. Сайаапканы ылыы кэлэр сыл тохсунньутунан түмүктэнэр. Үөрэхтэр эһиил балаҕан ыйыгар саҕаланар”. Бу туһунан ХИФУ пресс-киинэ иһитиннэрэр. Эбэн эттэххэ, Лапландияҕа үөрэнэр кэмнэригэр устудьуоннарга академическай стипендия көрүллэр. Олорор сирдэрин ороскуотун эмиэ төлөнөр.
Людмила ПОПОВА.