ХИФУ лиссиэйин үөрэнээччитин бырайыага «TeenMBA» шоуга үбүлээһини ылла
ХИФУ лиссиэйин үөрэнээччитэ Виктор Махатыров «TeenMBA» бырайыак иитинэн “Кремниевай долина” экспиэртэригэр «TutorCash» үп-харчы кырааматынаһын үөрэтэр мобильнай сыһыарыыны билиһиннэрдэ. Шоу түмүгүнэн, «Технониколь» корпорация гранын ылла.
Виктор Махатыров иһитиннэрэринэн, кини бырайыагар Саха сирэ АйТи уонна да атын эйгэлэргэ күүскэ сайдан эрэрин көрдөрбүт. “Мин билиһиннэриибин тупсарыллыбыт саҥа презентациянан бэлэмнэммитим. Ол эрээри, тэрийээччи эрдэ ыыппыт эргэ көрүҥүнэн кэпсиир буолбутум. Ол да буоллар, өйбүн-санаабын түмэн, бэриммэккэ, чаас аҥаарын иһигэр бэлэмнэнэн кытынным. Бастакынан бырайыагы көмүскүүргэ миигин талбыттара. Мин номнуо бэлэм этим. Сыһыарыыны лидер (тимлидер) быһыытынан билиһиннэрдим. Хамаандалаахпын эрээри, хомойуох иһин, кыайан кыттыбатылар” – диэн лиссиэй үөрэнээччитэ санаатын үллэстэр.
Көмүскүүргэ уустук суох этэ: “Бырайыак прототибын көрдөрбүтүм, экспиэртэр ыйытыыларыгар хоруйдаатым. Бары кыттааччылар үлэлэрэ интэриэһинэй. Кыайыылаах биир эрэ буолуохтаах. Ол эрээри, быраабылаттан туорааһын быһыытынан, иккис буоллум. Шоу түмүгэр бэйэбэр эрэллээхпин биллим, уустук түгэҥҥэ уолуйбакка хомуллан, билиибин кэҥэттим”, — диэн этэр.
«TeenMBA» бырайыак улахан оҕолор үлэлэрин киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэллэригэр кыаҕы биэрэр. Онтон кыайыылаахтарга – стартаптарыгар үбүлээһини. Дьүүллүүр сүбэ кэккэтигэр “Кремниевай долина” уопуттаах инвестордара эмиэ киирэллэр. «TeenMBA» шоу оҕолор инникитин олоххо миэстэлэрин булалларыгар көмөлөһүөҕэ диэн тэрийээччилэр эрэнэллэр.
ХИФУ пресс-сулууспата.