ХИФУ-га бастакы ыччат технологическай кэмпириэнсийэтэ ыытыллар

21.09.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: ХИФУ пресс - сулууспата

Балаҕан ыйын 18 күнүгэр Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннар көҕүлээһиннэрин киинигэр «Biomed Polygon» диэн технологическай кэмпириэнсийэ аһыллыыта буолан ааста. Бу кэмпириэнсийэ —  конструкторскай кулууп, акселератор, билим бэстибээлин уонна өй күрэһин холбоһуга буолар. 

Манна 53 устудьуон уонна үөрэнээччи кыттыыны ылаллар. Уопсайа 25 бырайыак киирбит. Бириис пуондата — 60 тыһыынча солкуобай. Түмүк балаҕан ыйын 23 күнүгэр тахсыаҕа.

Үлэлэри Ю.М. Лопухин аатынан федеральнай медико — биологическай ааҕыныстыба научнай киинин исписэлииһэ Ольга Лебедева сыаналыаҕа. Кини кэмпириэнсийэ чэрчитинэн маастар — кылаастары ыытыаҕа.

Нэдиэлэ устата кыттааччылар дискуссия былаһааккаларыгар, семинардарга сылдьыахтара, лабораторнай быраактыкалар ыытыллыахтара. Ону таһынан, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи экспиэрдэр консультациялары ыытыахтара.

Бастыҥ кыттааччылар бырайыактарыгар олук буолар микро-граннары, бириистэри ылыахтара.

Сиһилии манна билсиэххитин сөп: «Вконтакте».

ХИФУ пресс — сулууспата

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0