ХИФУ финансовай-экономическай институтун устудьуоннара Францияҕа үөрэнэр Граны сүүйдүлэр
ХИФУ финансовай-экономическай институтун устудьуоннара Ирина Куличкина уонна Наталия Ефимова Франция Посольствотыттан Ницца куорат университетыгар магистратураҕа үөрэнэр Граны туттулар. Онон босхо үөрэнэллэрин таһынан, страховкаланар итиэннэ уопсайга олорор бырааптаннылар. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар.
Устудьуоннар икки диплому тэҥинэн ылыы (ХИФУ уонна Ниццы-София Антиполис университета) хайысхатынан 4-с кууруска үөрэнэллэр. Кыргыттар, Францияҕа үөрэниилэрэ мировой экономикаҕа билиилэрин кэҥэтэригэр, Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы үлэ ырыынагар куоталаһар кыахтарын үрдэтэригэр эрэнэллэрин биллэрбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, ХИФУ уонна Ницца университета бииргэ үлэлэспиттэрэ быйыл 10 сыла буолар. Университеттар сөбүлэһиилэрин быһыытынан, институкка бакалавриат таһымыгар экономикаҕа икки диплом бырагыраамата үлэлиир. Иккис хайысханан научнай бииргэ үлэлэһии буолар. Ол чэрчитинэн, 2015 сыллаахха ХИФУ финансовай-экономическай институтугар норуоттар икки ардыларынааҕы научнай үлэ сүрүн хайысхаларын быһаарар российскай-французскай коллоквиум буолан ааспыта.
Куонкуруска үөрэхтэригэр итиэннэ наукаҕа ситиһиилээх, ону таһынан, Франция тылын үчүгэйдик баһылаабыт, дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларын устудьуоннара уонна магистраннара кыттыахтарын сөп диэн сайтка суруллубут.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru