ХИФУ бэс ыйын 20 күнүттэн абитуриеннартан докумуоннары тутар (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэс ыйын 20 күнүттэн абитуриеннартан, 2021-2022 үөрэх дьылыгар докумуоннары тутан саҕалыаҕа.  

edersaas.ru

Бэс ыйын 20 күнүттэн бакалавриакка, специалитекка, орто үөрэхтэргэ туталлар. Онтон магистратураҕа, аспирантураҕа от ыйын 12 күнүттэн  саҕалыахтара.

Докумуону үс көрүҥүнэн ыытыахха сөп:

  1. ХИФУ саайтыгар «абитуриент тус кэбиниэтин” нөҥүө онлайн
  2. “Госуслуги” порталынан “Поступление в вуз онлайн” суперсервис нөҥүө онлайн
  3. Арассыыйа почтатынан.

Санатан эттэххэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 12 институттаах, 5 факультеттаах, 3 филиаллаах.

Үрдүк үөрэҕи таһынан университет орто үөрэхтэргэ эмиэ бэлэмниир. Ол курдук, Инфраструктурнай технология кэллиэһэ (КИТ), юридическай кэллиэс үлэлииллэр. Итини таһынан, финансовай-экономическай институт, мэдиссиинэ институтун иһинэн орто үөрэхтээх үлэһиттэри бэлэмнииллэр.

2021-2022 үөрэх дьылыгар туттарсыы быраабылатын, ирдэбилин туһунан видеону манна көрүөххүтүн сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ХИФУ

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0