М.К.Аммосов аатынан ХИФУ баазатыгар байыаннай үөрэх киинэ тэриллэр. РФ Бырабыыталыстыбата байыаннай үөрэх кииннэрэ тэриллэр үрдүк үөрэх кыһаларын испииһэгин бигэргэттэ. Испииһэккэ дойду 93 үрдүк үөрэҕин кыһата киллэриллибит, олор ортолоругар М.К.Аммосов аатынан ХИФУ баар.
«Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ ХИФУ баазатыгар байыаннай үөрэх киинин тэрийэр туһунан көҕүлээһинин өйөөтө. Бу киин байыаннай хаапыдыра курдук буолуоҕа. Университет устудьуоннара манна үөрэхтэриттэн тэйбэккэ эрэ начаалынай байыаннай бэлэмнэниини барыахтара. Бакалавриат уонна специалитет бырагырааматынан үөрэнэр устудьуоннары талар былааннаахтар. Байыаннай үөрэх киинин тэрийии ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга, Арассыыйа байыаннай сулууспатыгар бэлэмнииргэ үлэни күүһүрдэригэр эрэнэбин«, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан Айсен Николаев.
Байыаннай үөрэх киинин үлэтэ 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланыа. 108 устудьуон үөрэниэ.
«Байыаннай үөрэх киинэ тэриллэрэ ыччаты бэриниилээх өйдөө-санаалаах буолан тахсалларыгар иитиигэ, Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтин үрдүк үөрэҕин кыһаларын, Юнармияны, ДОСААФ, патриотическай кулууптары кытары хардарыта сибээстээх үлэлииргэ тирэх буолар«, — диир ХИФУ ректора Анатолий Николаев.
Университет байыаннай үөрэх киинигэр уопсайа 2 600 кв. м. иэннээх туспа турар дьиэ комплексын биэрбит. Билиҥҥи туругунан үөрэх ыытыллар хосторо уонна кииҥҥэ көмө буолар тутуулар миэбэлинэн уонна наадалаах малынан-салынан хааччыллаллар.
Санатар буоллахха, ХИФУ байыаннай үөрэх киинин тэрийии туһунан кэпсэтии 2021 сыл муус устар ыйыгар саҕаламмыта. Ыам ыйыгар Саха сирэ байыаннай үөрэх киинин тэрийэргэ Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтин бастааҥҥы сөбүлэһиитин туппута. Итинтэн киини тэрийии үлэтэ саҕаланан барбыта.
Кэлэн бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн, РФ Оборонаҕа министиэристибэтин хамыыһыйата Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет байыаннай үөрэх киинин арыйарга бэлэмин бигэргэппитэ уонна каадырдары хаачыстыбалаахтык бэлэмнииргэ байыаннай тиэхиньикэнэн хааччыйары соруйбута.
Хаартыска: sakha.gov.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1