ХИФУ 86 устудьуона бүддьүөт миэстэтигэр көспүт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка төлөбүрдээххэ үөрэнэр 86 устудьуону саҥа үөрэх дьылыттан бүддьүөт миэстэтигэр көһөрдүлэр. Кыһыҥҥы сессия түмүгүнэн өссө 69 сайабылыанньа көрүллэр.

edersaas.ru

Бүддьүөт миэстэтигэр көһүү устудьуон үөрэнэр кууруһугар, исписээлинэһин, хайысхатын үөрэнэр бырагырааматыгар федеральнай хааһынаттан көрүллэр үптэн тутулуктанан, иллэҥ миэстэ баар буоллаҕына оҥоһуллар. Маныаха, устудьуон сайабалыанньа биэрэр кэмигэр үөрэҕэр, төлөбүрүгэр иэһэ суох уонна кэлиҥҥи икки сиэссийэни түөрт, биэс сыананан түмүктээбит буолуохтаах. Итини таһынан, тулаайах, тиийиммэт-түгэммэт дьиэ кэргэн, үөрэнэр кэмнэригэр көрөр-истэр дьонун сүтэрбит устудьуоннар сайабылыанньа биэрэр бырааптаахтар.

Төлөбүрдээхтэн босхоҕо көһөрөр хамыыһыйа мунньаҕа сылга түөртэ – сайыҥҥы сиэссийэ түмүгүнэн атырдьах ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар итиэннэ кыһыҥҥы сиэссийэ түмүгүнэн олунньуга уонна кулун тутарга буолар. Устудьуон үөрэнэр сиригэр ректор аатыгар туох матыыптаах төлөбүрдээхтэн босхоҕо көһүөн баҕарарын туһунан сайабылыанньа суруйара наада. Онно аатын-суолун, төлөпүөнүн нүөмэрин, исписээлинэһин/хайысхатын, кууруһун, үөрэнэр бөлөҕүн, бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэ төрүтүн (источник финансирования бюджетного места) ыйара ирдэнэр.

ХИФУ пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0