ХИФУ — 10 сыла!

Ааптар: 
21.10.2019
Бөлөххө киир:

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 2009 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан Саха государственнай университетын оннугар тэриллибитэ. Ыйаахха оччолорго РФ Бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев илии баттаабыта. 


Санатан эттэххэ, ити сыл Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев “Хотугулуу-Арҕаа, Приволжскай, Ураллааҕы уонна Дальнай Востоктааҕы федеральнай уокуруктарга федеральнай университеттары тэрийии туһунан” ыйаахха илии баттаабыта. Бу ыйаах бырайыагын, РФ Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан, РФ Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ оҥорбута.

Саҥалыы тэриллибит ХИФУ үрдүк үөрэх үс кыһата уонна түөрт федеральнай научнай тэрилтэ: М.К.Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университета, инженернэй-техническэй институт, педагогическай академия, федеральнай судаарыстыбаннай научнай тэрилтэлэр: Хотугу сир региональнай экономикатын научнай-чинчийэр института, Хотугу сир прикладной экологиятын научнай-чинчийэр института, математика научнай-чинчийэр института, научнай-чинчийэр доруобуйа института киирбиттэрэ.

Уон сыл устатыгар федеральнай университет бары көрдөрүүтэ халбаҥнаабат бигэ туруктанна. Университет — үөрэтэр, иитэр, научнай-чинчийэр үлэни үрдүк таһымҥа ыытар уһулуччу кыахтаах элбэх салаалаах улахан кыһанан сыаналанар.  Уһук Илини уонна РФ Арктикатааҕы зоналарын утумнаахтык сайыннарарга туһуланар стратегическай хайысхаларга каадырдары тиһиктээхтик бэлэмниир.  Уһук Илиҥҥэ «Газпром» ПАУо кытары ыкса сибээһи 2012 сылтан тутар.

ХИФУ — аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир кыахтаах научнай киининэн буолар. Учуонайдар чинчийиилэрэ Арассыыйа мэдиссиинэтин сайдыытыгар дьоһун суолтаны ыларын сэргэ, IT-эйгэтигэр, цифровой экономикаҕа үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээн таһаарар. 2019 сылга Эксперт РА быһаарыытынан, информационнай технологиялар эйгэлэригэр Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар ХИФУ 50 бастыҥ үлэлээхтэртэн ТОП-35 киллэриллибитэ элбэҕи кэрэһилиир. ХИФУ научнай чинчийиилэрин түмүктэрэ, саҥаны-сонуну билиилэрэ, үөрэтиилэрэ эрэгийиэни сайыннарыыга туһуланаллар, болҕомтону тардаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0