ХХV  “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” бэстибээл

09.04.2022
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 29-31 күннэригэр Дьокуускайга, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дойдутун оҕотобун” бэстибээл 25-с төгүлүн буолан ааста.

Бастакы күн, үгэс курдук, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор күрэхтэстилэр. Бэстибээли төрүттээбит  уонна сыллата үлэлэтэн кэлбит Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Култуура киинин исписэлииһэ  Зоя Григорьевна Сысолятина тэрээһини үөрүүлээхтик аһыыга истиҥ эҕэрдэ, махтал тылларын эттэ. Бу бэстибээлгэ кыра саастарыттан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри олоҥхону толорууга күрэхтэспит ыччаттар түмсэн, истиҥ ахтыылары оҥордулар, тэрээһини сыллата иилээн-саҕалаан ыытар Зоя Григорьевнаҕа үгүс үтүө тыллары анаатылар.

Бэстибээл кыттыылаахтара.

Икки сыл устата харантыын хаайан,  аһаҕас күрэхтэһии  ыытыллыбатаҕа бэстибээл хаамыытыгар дьайыыта көстөр. Ордук
бөлөҕүнэн  толорууга үлэ атахтаммыт курдук дии санаатым. Ол түмүгэр, холобур, улуустарга олоҥхону  бөлөҕүнэн толоруу аҕыйаабыт.

Биһиги улууспутуттан Чурапчыттан үбүлүөйдээх 25-с бэстибээлгэ  18 оҕо кыттар чиэстэннэ.  Ол иһигэр быйылгы түһүлгэҕэ икки бөлөх  кэлэн кыттан, ситиһиилэннэ.
Ол курдук, урукку өттүгэр  олоҥхо күрэҕэр хаһан да кытта илик Хахыйах учаастагын  оскуола-садын иитиллээччилэрэ «Хахыйах кэнчээрилэрэ» диэн бөлөх тэринэн,  бу быыһык  кэмҥэ улуус  бэстибээлигэр дьоһуннаахтык оонньоон, өрөспүүбүлүкэ түһүлгэтигэр  иккис миэстэни ылан, «Олоҥхо ыһыаҕар» кыттар бырааптанан, үөрүүлэрэ үлүскэн буолла. Салайааччылара — Хахыйах оскуола-садыттан Варвара  Кононовна Федорова, Сардана Родионовна Судинова.

“Бастыҥ толорооччу” 2-с таһымын Чурапчыттан  «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Мичийэ Михайлова  ылла. Салайааччыта И.Д Захарова.

Чэмэлиинэ, Туйгууна, Нарыйа Павловалар.

Оттон  Чэмэлиинэ, Туйгууна, Нарыйаана Павловалар — «Үс чуораан” бөлөхпүт
Эрилик Эристиин «Айыы Дьөһүөл» олоҥхотуттан толорон, бастакы таһымы ыллылар. Онон, кэлбит икки бөлөхпүт иккиэн миэстэлэһэннэр, бары олус үөрдүбүт.
Ст. Кузьмич Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Айыына  Евграфова  И.Г.Тимофеев-Теплоухов «Эриэн таба аттаах Эрэбит Бэргэн » олоҥхотуттан кудулуччу толорон, бэккэ диэн астыннарда.

Айыына Евграфова.

Айыына олох кыра сааһыттан бу бэстибээлгэ кыттар. Кини «Түөлбэ үгэһин тутуһааччы» анал дипломунан наҕараадаланна.
Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Кристина Максимова биир дойдулааҕа М.Белых «Ала Хотоҕой» олоҥхотуттан толорон, «Көрөөччү биһирэбилэ» дипломунан бэлиэтэннэ. Кини маннык улахан түһүлгэҕэ быйыл саҥа таҕыста.

Кристина Максимова.

Чинчийэр үлэҕэ биһиги улуустан 4 оҕо кытынна.
Дакылаакка  гимназия 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Кристина Петрова үһүс буолла. Кристина дакылаатын тиэмэтэ: «Историческая лексика животных в олонхо».
Салайааччы С.Н. Гоголева.

Кристина Петрова

Алина Решетникова (8-с кылаас) “Олоҥхоҕо абааһы аймаҕын тыла-өһө” тиэмэҕэ дакылааттаата. «Олоҥхону ырытыыга бастыҥ холонуу» дипломунан наҕараадаланна.
Салайааччы Ф.Н.Болдовская.

А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатыттан
Ванесса Попова «Үтүө саҕалааһын» анал ааты ылла.  П. М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатыттан Аня Николаева (10-с кылаас)

К. Л. Федоров-Көскөйө Көстөкүүн «Күн Тэгиэримэ» олоҥхотугар тэҥнээһин туттуллуута» үлэтин билиһиннэрдэ. «Үтүө саҕалааһын» номинацияны тутта.
Салайааччы М.Н.  Попова.
Маннык эппиэттээх  түһүлгэлэргэ төрөппүттэр өрүү өйөбүл-тирэх буолалларыгар  олус махтанабыт.

Ванесса Попова
Ванесса аҕатынаан.

Ол курдук, Ванесса аҕата Егор Иннокентьевич Кузьмин бэйэтинэн кэлбит.

Зоя Николаевна  Евграфова — 5 оҕо күн күбэй ийэтэ,  саамай кыраларын Айыынаны айар үлэҕэ көҕүлээн, өйөөн, сыллата тэрээһиҥҥэ кэлсэр.

Айыына ийэтинээн.

Лилия Павловна Максимова кыыһа Кристиналыын
сырыттылар. Кристина уһуйааччыта Анна Федотовна Захарова.

Кристина уһуйааччыта Анна Федотовна Захаровалыын

Итиэннэ «Үс чуораан» бөлөх ийэлээх аҕалара оҕолорун кытта бэстибээл устата сырыттылар. Ханна төрөппүт  уһуйааччылыын өйдөһөн үлэлииллэр да — ол хайаан да ситиһиилээх буолар. Нарыйаана, Туйгууна, Чэмэлиинэ  Павловалар букатын кыра саастарыттан олоҥхону толорууга ылсыбыттара. Ийэлэрэ Татьяна Михайловна уонна аҕалара Евгений Викторович оҕолорун өйөөн, утумнаахтык дьарыктаан, мэлдьи бииргэ  сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Татьяна, Евгений Павловтар 5 оҕолоох ыаллар. Улаханнара уол, Бороҕоҥҥо «Уолан»
гимназияҕа тохсуска үөрэнэр, кини аннынан 4 кыыс. Нарыйаана, Туйгууна уонна Чэмэлиинэ  олоҥхону  толорооччу эрэ буолбакка, чабырҕаҕы эмиэ  бэртээхэйдик толороллор. Татьяна  Михайловна фольклору өрө туппут нэһилиэктэн — Чакыр сириттэн төрүттээх-силистээх. Ийэтэ Татьяна  Ивановна Адамова  Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолатын учуутала. Олоҥхоҕо оҕолору уһуйууга талааннаах педагог. Кини уһуйбут үөрэнээччитэ Аня Макарова өрөспүүбүлүкэтээҕи  Олоҥхо бэстибээлигэр биир бастыҥ олоҥхону толорооччу. Быйыл тохсус кылааска тахсан, эксээмэннээх буолан, бу түһүлгэҕэ кыайан кыттыбакка хаалла. Баҕар, Олоҥхо ыһыаҕар кыттыаҕа диэн эрэнэбит.

Оҕолор олоҥхолорун истэллэр.

Түмүккэ кыттыбыт оҕолорбут бары араас ис хоһоонноох наҕараадаларын тутаннар, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэ-көтө дьиэлээтилэр.

Бу, үйэ чиэппэрэ — 25 сыл устата оҕо-аймах ортотугар улахан биһирэбили ылбыт бэстибээл саха норуотун  сүдү айымньытын тарҕатыыга, уһун тыыннааһыҥҥа айымньылаахтык, утумнаахтык  үлэлэһэн, бу сыллар усталарыгар үгүс көлүөнэ  оҕо уһуйуллан-такайыллан, саха омук олоҥхолоох буоларын дириҥник сүрэҕэр-быарыгар иҥэрэ улаатта. Ол иһин бу түһүлгэни иилиир-саҕалыыр, ирдиир, сыанабыл биэрэр салайааччыларбытыгар З.Г. Сысолятинаҕа, А.Е. Захароваҕа, Е.Н. Протодьяконоваҕа, Г. С. Попова-Санаайаҕа, Гуманитарнай-чинчийэр институт төһүү учуонайдарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бу курдук  олоҥхобутун сыллата уһун тыыннаан, бырдыбат үөстээн иһиэҕиҥ!

Сүрүн хаартыскаҕа: «Хахыйах кэнчээрилэрэ» фольклор бөлөҕө Олоҥхо ыһыаҕар кыттыаҕа.

Мария ГЕРАСИМОВА-СЭҤЭЭРЭ,
РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

СӨ  култууратын Бочуоттаах үлэһитэ,

СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына.

Чурапчы.

 

БИЛСИҤ, «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» Өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону толорооччулар бэстибээллэрин кыайыылаахтара 

 

ОСКУОЛА ОҔОЛОРО

 

Биирдиилээн толоруу

 

1 таһымЯковлева Дарияна. Амма улууһа, Бөтүҥ нэһ. Н.Е Иванов аат. Бөтүҥ орто оскуолата. Сал. Попова Саина Ивановна.

2 таһымГоголев Туйгун. Сунтаар улууһа. Кутана орто оскуолата. Сал. Афанасьева Мария Павловна.

3 таһымЖарина Александра. Амма улууһа, Бөтүҥ нэһ. Н.Е Иванов аат. Бөтүҥ орто оскуолата. Сал. Попова Саина Ивановна.

Анал ааттар

 

«Ыллам ырыалаах»Егорова Мира. Амма улууһа, Бөтүҥ нэһ. Н.Е Иванов аат. Бөтүҥ орто оскуолата. Сал. Попова Саина Ивановна.

«Олоҥхону олугунан билии» — Неустроев Денис. Таатта улууһа.  Иван Николаевич Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолата. Сал. Лугинова Зинаида Петровна, Сыромятникова Октябрина Егоровна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» — Олесов Марк. Уус Алдан улууһа. Кэптэни нэһ. Лөгөй орто оскуолата. Сал. Лугинова Зинаида Петровна.

«Тэтимнээх толорооччу» — Андросов Коля. Уус Алдан улууһа. Кэптэни нэһ. Лөгөй орто оскуолата. Сал. Лугинова Зинаида Петровна.

«Дьоһун этээччи» — Сысолятин Янис. Уус Алдан улууһа. Кэптэни нэһ. Сал. Лугинова Зинаида Петровна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» —  Сергеева Галя. Уус Алдан улууһа, Тулуна сэл. П.В. Аммосов аат. Тулуна орто оскуолата. Сал. Дегтярева Татьяна Ивановна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» Васильев Айаал. Уус Алдан улууһа, Тулуна сэл. П.В. Аммосов аат. Тулуна орто оскуолата. Сал. Дегтярева Татьяна Ивановна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» — Григорьев Айтал. Мэҥэ- Хаҥалас улууһа. В.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата. Сал. Ефремова Ульяна Максимовна, Кривошапкина Валентина Федоровна

«Үтүө саҕалааһын» — Неустроев Тимур. Мэҥэ- Хаҥалас улууһа. Төхтүр нэһ. Төхтүр орто оскуолата. Сал. Верховцева Айталина Николаевна.

«Хомоҕой тыллаах» — Гуляева Клава. Уус Алдан улууһа. Уһун Күөл оскуолата. Сал. Иванова Сахаяна Ивановна.

«Сэргэх толоруу» — Шадрина Эмилия. Нам улууһа. «Түөлбэ» Оҕо киинэ. Сал. Уваровская Тамара Степановна.

«Олугунан билии» — Лазарев Эрэл. Бүлүү улууһа. Сыдыбыл орто оскуолата. Сал. Егорова Галина Федоровна.

«Олохтоох толорооччу» — Воловик Николай. Бүлүү улууһа. Тааһаҕар орто оскуолата. Сал. Алексеева Гульнара Павловна.

«Сэһэн сүнньүн тутааччы» Суханов Айаал. Бүлүү улууһа. Тааһаҕар орто оскуолата. Сал. Алексеева Гульнара Павловна.

«Түөлбэ үгэһин тутуһааччы» — Евграфова Айыына. Чурапчы улууһа. Улуустааҕы гимназия. Сал. Данилова Александра Степановна.

«Олохтоох тыллаах толорооччу» — Обутова Нарыйаана. Амма улууһа, Бөтүҥ нэһ. Н.Е Иванов аат. Бөтүҥ орто оскуолата. Сал. Егорова Дайаана Олеговна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» — Иванова Сардаана. Уус Алдан улууһа. Дүпсүн орто оскуолата. Сал. Бурцева Людмила Петровна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» -Иванова Айыллаана. Амма улууһа, Бөтүҥ нэһ. Н.Е Иванов аат. Бөтүҥ орто оскуолата. Сал. Егорова Дайаана Олеговна.

Кристина ийэтинээн

«Көрөөччү биһирэбилэ» — Максимова Кристина. Чурапчы улууһа. Хатылы орто оскуолата.  Сал. Захарова Анастасия Федоровна.

«Уһун тыыннаах» — Шамаева Сайыына. Бүлүү улууһа. Таһаҕар орто оскуолата. Сал. Григорьева Маргарита Егоровна.

Бөлөҕүнэн толоруу

 

1 таһым – Чурапчы улууһа. Улуустааҕы гимназия. «Үс чуораан» бөлөх. Сал. Павлова Татьяна Михайловна.

2 таһым — Чурапчы улууһа, Хахыйах нэһ., Хахыйахтааҕы оскуола-сад «Хахыйах кэнчээрилэрэ» бөлөх. Сал. Судинова Сардаана Родионовна, Федорова Варвара Кононовна.

"Күнчээн" уһуйаан. Уус Алдан улууһа.

3 таһым — «Ыллык» бөлөх. Уус Алдан улууһа, Тулуна сэл. П.В. Аммосов аат. Тулуна орто оскуолата. Сал. Дегтярева Татьяна Ивановна.

Анал ааттар

 

«Үгэһи тутуһааччылар» — Уус Алдан улууһа. Кэптэни нэһ. Лөгөй орто оскуолатын «Кулуһун» бөлөҕө. Сал. Лугинова Зинаида Петровна.

«Дьоһун этээччилэр» — Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. С.Г. Олесова аатынан  Тарат сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын «Саһарҕа» фольклор бөлөҕө. Сал. Соловьева Анна Авксентьевна.

 «Түөлбэ үгэһин тутуһааччылар» —  Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. В.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын «Ноорой сиэннэрэ» фольклор бөлөҕө. Сал. Ефремова Ульяна Максимовна, Кривошапкина Валентина Федоровна.

«Кэрэхсэтэр толорооччулар» — Уус Алдан улууһа. Тулуна сэл. П.В. Аммосов аат. Тулуна орто оскуолатын «Сайдыы» бөлөҕө.  Сал. Охлопкова Ирина Федоровна.

 «Көрөөччү биһирэбилэ» — Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. С.Г. Олесова аатынан  Тарат сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын «Саһарҕа» фольклор бөлөҕө. Сал. Соловьева Анна Авксентьевна.

"Оллоон" бөлөх. Амма.

 «Көрөөччү биһирэбилэ» — Амма улууһа, Бөтүҥ нэһ. Н.Е Иванов аат. Бөтүҥ орто оскуолата. «Оллоон» Оҕо образцовай фольклор бөлөҕө. 5-с кылаастар. Сал. Попова Саина Ивановна.

«Көрөөччү биһирэбилэ» — Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. В.Ларионов аатынан Майа ОО «Чугдаар» фольклор бөлөҕө. 3-4-с кылаастар. Сал. Ефремова Ульяна Максимовна, Кривошапкина Валентина Федоровна.

 Татьяна Маркова, «Саха сирэ»

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0