Сыл бастакы тэрээһинэ һээдьэнэн арылынна

Ааптар: 
27.01.2018
Бөлөххө киир:

Бүгүн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр СӨ Аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциацията уонна  «Хярму хээдьэ» төрүт олохтоох омуктар кулууптара тэрийиитинэн «Хотугу норуоттар төгүрүктээн үҥкүүлүүр үҥкүүлэрэ» диэн тэрээһин буолан ааста.

edersaas.ru

Аан бастаан ыытыллар улахан тэрээһиҥҥэ этническэй ырыалары уонна үҥкүүлэри толорооччулар, хотугу улуустар һээдьэни толорууларын араас  көрүҥэр маастар-кылаас буолла.

«Эрэл үҥкүүтэ» диэн хотугу норуоттар бырааһынньыктарын сонун сүүрээнин сүрүннээбит, норуот талааннааҕа, Аллайыахаттан төрүттээх Акулина Трайзе эбээннэр, долганнар, юкагирдар, эбэҥкилэр һээдьэлэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн туох атыннаахтарын кэпсээтэ.

Кини хас биирдии хамсаныыны бэйэтэ үҥкүүлээн көрдөрбүтүн биһиги, көрөөччүлэр олус сонургуу ылынныбыт, — диэн кэпсиир тэрээһин кыттыылааҕа, актыыбынай уопсастыбанньык, эбээн омук бэрэстэбиитэлэ Валентина Прокопьева. 

… Ити курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ быйылгы сылга үктэнэн баран, бастакы улахан тэрээһинигэр бэрт элбэх киһи кыттан, бэркэ астынан тарҕастылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Валентина Прокопьева түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0