Хатырыктар Уопсастыбаннай киини туруорсаллар

Бөлөххө киир:

ППМИ Уопсастыбаннай эйгэни сайыннарар бырайыакка Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин дьаһалтата быйыл үһүс төгүлүн кыттар.

Урукку өртүгэр ППМИ көрүллүбүт үбүнэн нэһилиэккэ 1,7 км уһуннаах уу турбатын былаастыкка уларыппыттара. Өлүөнэ өрүс кытыытын тула 7 км уһуннаах күрүө тутуллубута. Былырыын Кыайыы 75 сылын көрсө сэрии бэтэрээннэригэр анаммыт искибиэри саҥардан оҥорбуттара уонна көҥүлэ суох сыбаалканы хомуйбуттара.

Юрий Дьяконов, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин баһылыга:  

—Эргэ, билигин туттуллубакка турар дьиэни саҥардан, балаҕан быһыылаах гына Уопсастыбаннай киин оҥоруохпутун баҕарабыт. Биһиги 1,5 мөлүйүөннээх бырайыакка киирсэбит, дьиҥэр, уопсай симиэтэбит 2,5 мөлүйүөн солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн 600 тыһыынча солкуобай кыттыгас үбүлэниэ, сороҕун нэһилиэнньэ хомуйуо, — диэн этэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0