Хатырыкка уопсастыбаннас мунньаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хатырыкка Максим Аммосов аатынан Судаарыстыбаннас мусуойугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэммит күнүгэр аналлаах уопсастыбаннас мунньаҕа өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕаланна.

Сарсын, муус устар 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары үөрэн-көтөн туран, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтиэхпит. Онно уопсастыбаннас кыттыылаах улахан тэрээһин Саха АССР төрүттэнэригэр турууласпыт улахан үтүөлээх Максим Аммосов төрөөбүт дойдутугар ыытыллыбыта бары өттүнэн сөп түбэһэр. Саха сирин олохтоохторо ону өйдүүллэр уонна кининэн киэн тутталлар. Сахабыт сирин судаарыстыбаннаһын олохтообут дьоммутугар Максим Кирович Аммосовка, Платон Алексеевич Ойуунускайга, Исидор Никифорович Бараховка, Степан Васильевич Васильевка, Степан Максимович Аржаковка уонна кинилэри кытта кэккэлэһэ үлэлэспит, саха сирин саргытын туһугар сыраласпыт, турууласпыт ытык дьоммутугар бары махтаныах тустаахпыт. Саха норуотун чулуу уолаттара Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов, Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кинилэр соратниктара: Степан Аржаков, Степан Гоголев, Михаил Мегежекскэй, Степан Васильев, Иннокентий Говоров Саха сирин Арассыыйа састаабыгар Автономнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан киллэрии, төрөөбүт дойдубут экэнэмиичэскэй туругар, норуоппут өй-санаа өттүнэн сайдарыгар күүс-тирэх буоларыгар
саарбахтаабат этилэр. Дириҥ билиилээх, киэҥ сайдыылаах дьон автономияны ылыныыны, бу Саха сирин норуоттарын олоҕун модуннук уларытыы, сайыннарыы бастакы хардыылара диэн сыаналыыллара.

Уопсастыбаннас киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар мустубут дьону Захар Порфирьевич Винокуров аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын преподавателлэрин норуодунай оркестрын доҕуһуолунан  «Эҕэрдэ ырыатын» (Семен Данилов тылыгар, Кирилл Герасимов тупсаран оҥоруутугар, Захар Винокуров музыкатыгар) бу оскуола преподавателэ Елена Маркова ыллаата.

Улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов уонна уопсастыбаннас кытыннылар. Тэрээһини култуура миниистирэ Юрий Куприянов эҕэрдэ тылынан арыйда. Салгыы Айсен Сергеевич: «Барыгытын Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Өрөспүүбүлүкэбит инники дьылҕатын быһаарбыт чулуу уолаттарбытыгар — Максим Кирович Аммосовка, Платон Алексеевич Ойуунускайга, Исидор Никифорович Бараховка, Степан Васильевич Васильевка, Степан Максимович Аржаковка ис сүрэхпититтэн сүгүрүйэр ытык иэспит. 100 сылы үрдүк таһымнаахтык көрсөр инниттэн элбэх үлэ ыытылынна, социальнай хабааннаах эбийиэктэр тутулуннулар. Билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа биһиги бары Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путины өйүөх тустаахпыт. Бары биир санаанан салайтаран Арассыыйа уонна Саха сирэ бөҕөргүүрүн туһугар биир сомоҕо буолуоҕуҥ, үлэлиэҕиҥ, өрөйөн-чөрөйөн биэриэҕиҥ! Өссө төгүл барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Уруй-Айхал!» — диэн эҕэрдэлээн туран, Саха сирэ сайдарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлээбит дьоҥҥо судаарыстыбаннай наҕараадалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.


Салгыы СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев: «Мин бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттарбынан киэн туттабын, дьоллоох киһибин. Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирэ балысханнык сайынна, ол харахха быраҕыллар. Бу акылаатын түһэрбит дьонунан биһиги чулуу уолаттарбыт, Саха автономиятын төрүттээбит уолаттарбыт буолаллар. Кинилэр биһиги туспутугар улахан сүгэһэри сүкпүттэрэ уонна ону эрэллээхтик толорбуттара. Биһиги чулуу уолаттарбытын чиэстиир кэмҥэ, 100 сыл устата өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар үлэлээбит салайааччылары умнубакка санаан ааһыахтаахпыт. Холобур, оннук салайааччынан Илья Егорович Винокуров буолар. Кини чахчы кытаанах, булгуруйбат санаалаах буолан, сахатын норуотун туһугар улахан үлэни оҥорбута, хоргуйууттан быһаабыта. Иккис улуу киһинэн Гаврил Чиряев буолар, кини салайар кэмигэр Сахабыт сирэ бигэтик атаҕар турбута, элбэх үлэ үмүрүтүллүбүтэ. Бу дьону хайаан да санаан-ахтан ааһыах тустаахпыт. Түгэнинэн туһанан манна, Хатырыкка, оҥорон таһаарар кэмбинээт тутулларыгар баҕарабын, ол туһунан этии киллэрэбин«, — диэн эппитин дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтилэр.


Салгыы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков: «Барыгытын бу үтүө тэрээһининэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев этиитинэн Кыргызстаҥҥа баран кэллим. Бары бэркэ диэн билэбит Максим Аммосов Кыргызстаҥҥа салайааччы быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кинилэр Максим Аммосовы өрүү үтүө тылынан үйэлэргэ ааттыахпыт, умнуохпут суоҕа диэн эппиттэрэ элбэҕи туоһулуур. Национальнай бибилэтиэкэлэригэр анаан-минээн сырыттым, онно Саха сиригэр аналлаах муннугу тэрийэбит диэн олус үөртүлэр. Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн олус дириҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥордо. Туругурдун саха норуота, барыгытыгар дьолу-соргуну баҕарабын!» — диэн эҕэрдэлээтэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0