Хатырык нэһилиэгэр «Кырадаһын» айар бөлөх быыстапката арылынна
ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх олоҥхоһут П.П.Ядрихинскай- Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120, политическай уонна государственнай деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 125 сылынан, “Өбүгэ кыбытык тигиитин, аныгы кэмҥэ сөргүтүү» бырайыак чэрчитинэн Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин «Кырадаһын» айар бөлөх быыстапкатын үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Быыстапка арыллыытыгар Нам улууһа МТ тэриллии баһылыгын солбуйааччы Мария Игнатьева, Хатырык нэһилиэгин баһылыга Юрий Дьяконов, Олонхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Колпашникова эҕэрдэ тылы кытта анал бэлэхтэри туттардылар. Кыбытык тигиитин аныгы уйэҕэ сөргүтүү бырайыак чэрчитинэн 5 үбүлүөйдээх айар куттаах иистэнньэҥнэр салайааччылара Аксинья Ноговицына.
2016 сыллаахха Надежда Соропова Хатырык нэһилиэгин дьахталлара дьарыктаах буолалларын сөптөөхтүк тэрийэн баҕалаахтары иискэ уһуйууну саҕалаабыта. Манна нэдиэлэ ахсын араас маастар кылаастар ыытыллаллар. Оттон Марта Васильевна Дарья Семеновнаҕа кыбытык тигиитигэр үөрэнэн, бэйэтин билиитин бар дьонугар тарҕатан чаппарааҕы тигииттэн айымньылаах суолларын саҕалаабыта.
«Кырадаһын” айар бөлөх хас биирдии үлэтэ дириҥ ис хоһоонноох, история кэрэһитин кэпсииллэр, сэһэргииллэр. Түмсүү кыттыыллаахтара өбүгэ үгэһин тутуһан, историяны үөрэтэн эрэ баран үлэлэрин саҕалыыллар. Бу таһаарыылаах, айымньылаах үлэҕэ Хатырык нэһилиэгин сынньалаҥ киинин үлэһитэ Ульяна Наумова сирдээн салайар, күүс- көмө, тирэх буолар.
«Кырадаһын” айар бөлөххө улахан ситиһиилэри баҕарабыт!
“Нам улууһа» МТ пресс-киинэ.
Хаартыска: “Нам улууһа» МТ пресс-киинэ.