Туох кистэлэ кэлиэй, үп-харчы тиийбэтигэр сигэнэн, ардыгар кыаллыах да суол оҥоһуллубакка, тутуллубакка хаалара баар суол.
Мэҥэ Хаҥалас Суола-Мэлдьэхситигэр командировкаҕа сылдьан, мин оҕо саада-оскуола-интернат комплексын педагогическай кэлэктиибэ тэрилтэ тиэргэнин олус мындырдык толкуйдаан оҥорбутуттан сөхтүм. Учительскайга киирээккин кытта, күндү таастан оҥоһуллубут истиэнэ кылабачыйан көстөрүн, мин туох эрэ олус сыаналаах таастан оҥоһуллубут панно дии санаабытым. Онтум чугаһаан көрбүтүм … баата эбит! Онно араас кылабычыгас таастары сыһыарбыттара — цементэн оҥоһуллубут скульптурнай хартыына курдук. Дьэ, дьон арааһы толкуйдуур да буолар эбит!
Аны тиэргэҥҥэ тахсабыт. Айылҕа бэйэтин маһыттан, улахан уйуктаах массыына көлүөһэтиттэн, хаарбах тимиртэн оҥоһуллубут араас оҥоһук тиэргэни олус да киэргэтэр, тыа сирин олоҕор чугаһатар да эбит диэн сөҕө көрдүм. Киһи кута-сүрэ тохтуур тиэргэниттэн сүргэҥ көтөҕүллэр, санааҥ ырааһырар. Оҕо тэрилтэтэ маннык буолуохтаах диэн санааҕа кэлэҕин.
Онон үтүмэн суумалаах үбүлээһин хантан хаһан түһэн кэлэрин кэтэспэккэ, Тупсарыы сылыгар эрэ буолбакка, хаһан баҕарар ханнык баҕарар оҕо тэрилтэтэ бу маннык мындыр толкуйу олоххо киллэриэн сөп. Ол ону бу хаартыскалар туоһулууллар.