Бэҕэһээ, тохсунньу 15 күнүгэр, Дьокуускай куорат Хатыҥ Үрэх оройуонун биир дьиэтигэр 1982 сыллаах төрүөх киһи өлүгэ көһүннэ. Бу киһини төбөҕө саанан ытан өлөрбүттэр.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Полиция оперативниктара бу ураты ыар буруйу оҥорууга уорбаланааччыны туттулар. Уус Алдантан төрүттээх, 1982 с. төрүөх Е. диэн урут талааһыҥҥа түбэһэн сууттана сылдьыбыт, ханна да үлэлээбэт киһини.
Уорбаланааччы билиммитинэн, бииргэ арыгылыы олорон кыыһырсан баран, нүһэр ыалдьыт дьиэлээх хаһаайын саатын ылан, миэстэтигэр тыынын быспыт.
Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 105-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, киһини соруйан өлөрүү бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Источник: Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска: интернеттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1