Оптуобус, туормаһын хатаннык хачыгыратаат, хаптаһын олбуор таһыгар хоруйа түстэ.
Былыт курдук көтүппүт быылын быыһыттан көстө-сүтэ күлүкүчүйэн турбахтаат, ааннарын талыр гына тэлэйэ бырахта. Биир-икки пассажир түспүтүгэр, чэпчээбиттии «пуус» гына өрө уһуутаат, ааннарын төттөрү хам тардына оҕуста уонна күөх буруону уһааран газтаан барылатта. Кини сииктэн-силбиктэн, сыралҕантан хараарбыт олбуордаах тохтобулу адьас сөбүлээбэт. Сырыы аайы дьэ түргэнник айанныах курдук мотуора куугуначчы ыллаан, көлүөһэтин сырылаччы эрийэн эрдэҕинэ суоппара сүр күүскэ туормастаан хачыгыратар. Ол аайы пассажирдара умса түһүмээри өрө ходьоҥолоһо түһэллэр уонна, сөбүлээбэтэхтии ботугуруу-ботугуруу, быыллаах олбуор тохтобулугар сирэйдэрин мырдыччы тутталлар. Сорохтор туох да санааны үөскэппэт, хас ыал аайы баар бороҥ олбуору аахайбакка, утары көрөн туран сүрэҕэлдьээбиттии сыҥааҕырдан ылаллар.
Олбуор итинник бороҥ олоҕун төһө баҕарар моҥуо эбитэ буолуо эрээри, биир өрөбүл сарсыарда хаһаайына тахсан кинини бэрт уһуннук сыныйан көрдө. Тоҕо эрэ иннинэн-кэннинэн уһаты-туора хаамыталаата, дьиэтигэр төттөрү киирэн иһэн таптайан ылла. Сотору кини илиитигэр биэдэрэлээх хаһаайканы уонна уолу батыһыннаран таҕыста. Дьиэрэҥкэйдээн иһэр уолу көрөөт, олбуор кутталыттан тыала суохха да салыбырыы түстэ. Мэник уолтан кини куттаныан куттанар. Сырыы аайы үрдүнэн-аннынан ойуоккалаан, хамсатан-имсэтэн, куура хаппыт хас хаптаһынын хайыппыта биллибэт. Оттон үнүрүүн уччук ыт сүүрэн кэлбитигэр куттаммыта аатыран, оонньуу сылдьар доҕотторун кытта үрдүгэр хатаастыбыттара. Чооруостар курдук кэчигирэһэ олорбуттарыгар сис маһа бэрт куһаҕаннык хачыгыраабыта. Биллэн турар, ол тостон эрэр сиэрдийэни хаһаайын хаһан таба көрөн абырахтыа биллибэт. Мэник уол аныгы сырыыга соҕотоҕун таҕыстаҕына даҕаны тосту үктүөн сөп.
Хайыта хаппыт харбыллардаах олбуор баара-суоҕа аҕыйах сыл иһигэр түүннэри-күнүстэри көрбүт-истибит сонуннарын төһө баҕарар хобуоччулуур кыахтаах. Ааспыт сайын үрүҥ түүннэр үгэннээн турдахтарына ыаллара кыыс биир уоллуун кини күлүгэр саһан олорон уураспытын көрбүтэ. Уола хас сарсыарда аайы оптуобуһунан айанныырын билэр. Ити түбэлтэни ким да билбэт, сэрэйбэт да ини! Бука, арааһа, сотору кыыс дьонугар сыбаайбалыыбын диэн соһуттаҕына да көҥүлэ. Уонна… уонна хоту диэки силлиһэ олорор ыалларын аҕалара киэһэ аайы дьиэтигэр киириэн иннинэ күлүгэр тохтоон ааһар идэлээх. Куруук буоларын курдук, лаҕыыр сонун сиэбиттэн кылабачыйбыт төбөлөөҕү ойутан таһаарар. Олбуор кэнниттэн тулатын эргим-ургум көрөр уонна, бытыылка көмүс төбөтүн быһа хадьырыйаат, куолайыгар таҥнары биэрэр. Аҥаарын кэриҥин киллиргэтэн баран олбуор кытыытыгар кистии анньар. Утуйуор диэри ити аһыгар хаста да кырынар. Буолумуна, бороҥ олбуор анныттан ким арыгы булуом диэн тиҥсирийиэй? Онон кистииргэ бүөмчү сир.
Чэ сөп… Кинини моһуоктаабат хоту ыалларын аҕалара барахсаҥҥа холоотоххо, ынахтара Саадьаҕай баадьайа сытыйан алдьатыыта улахан! Хас алтахтаан аастаҕын аайы бээгэйэ сытыйбыт иһинэн аалынан, муннукка турар баҕанатын суулларарыгар тиийдэ. Бэл диэтэр кыһын тымныыга тиэтэйэ-саарайа уулуу кыдьарыйан иһэн киэптээн иһинэн анньан ааһара абатын. Ол кэриэтин соҕуруу ыаллар сэбирийэ сытыйбыт Бэби диэн ааттыыр тэллэх ыттара куруук атаҕын өрө тэбэн чэпчэтинэрин, аатын-суолун киртитэрин төһө баҕарар тулуйуо этэ.
«Хайа, хаһаайыттарым аны сымнаҕас киистэни кырааскаҕа уга-уга имэрийэн бардылар дуу? Аа, аата үчүгэйин! Тугум иһин маанылаатахтарай? Хата кычыгыланан күлүөх санаам кэллэ. Һэ-һэ, били ыаллара Малаанньа кыыс үҥкүүгэ баран иһэн сирэйин маҥхаппытыгар дылы эмиэ тоҕо үрүҥ кыраасканан соттулар? Хара тураах хаһан маҥхайбытын баран… Онто суох ол сабдыҥнас атастар үрдүбэр олорон эрэ төһө эрэ күлүү оҥостон дааҕырҕаһаллар?»
Хаһаайыттар туруммуттара, сирэйдэрэ-харахтара боччумурбута сүрдээх. Худуоһунньуктар курдук, кыҥнаҥнаһыы, үөһэттэн аллараттан ыраата-ыраата көрүү- истии, кыҥааһын бөҕө. Өр-өтөр буолбакка олбуор үрүҥ сотолордоох хатыҥ чараҥҥа кубулуйан барбыта. Киэһэлик хаһаайыттар үлэлэрин бүтэрэн, олбуордарын астыммыттыы көрөн турбуттара.
— Олох дьиҥнээх хартыына курдук дии… — кыра уол өттүк баттанан тоотоллон туран төлө биэрбитэ.
— «Березовая роща» хартыынаттан итэҕэһэ суох, — хаһаайка сүүһүн көлөһүнүн сотто туран эбэн биэрбитэ.
— Харааран турарынааҕар кырдьык үчүгэй, — хаһаайын сис туттан кэдэллэн туран хардарбыта. — Ол эрээри бэйэбитигэр көстүбэт красота эбит. Арай ыалларбытын уонна ааһан иһэр дьону-сэргэни сэргэхситииһибит, — диэн түмүктээбитэ.
Киэһэ хараҥарыыта хоту ыаллар аҕалара кэлбитэ. Бинсээгин сиэбиттэн кылабачыгас төбөлөөҕү хостоон арыйда уонна куолайыгар таҥнары биэрдэ. Өрө хантата туран, хараҕын кырыытынан ый сырдыгар туртайар хатыҥнаах олбуору көрөн соһуйда. Чачайан бытыылкатын мүччү туппута туох эрэ кытаанахха үнтү түһэн кырылаата. Киһи үгүрүөлүү түһэн баран бытыылкатын эмтэрийбит моонньун эрэ харбаан таһаарда. Онтон олбуору хомойбут хараҕынан көрөн турбахтыы, тэпсэҥэлии түстэ уонна, бытыылка эмтэркэйин илиитин таһынан илгээт, аны төннүөм суоҕа диэбиттии, дьиэтин диэки эрчимнээхтик дайбыы турда.
Сотору ыйдаҥалаах түүҥҥэ куустаран уоллаах кыыс кэлбиттэрэ.
— Хайыа, хатыҥ чараҥ?
— Аата үчүгэйин! Ый сырдыгар көрдөххө дьиҥнээх курдук! — диэн үөрбүттүү саҥа аллайдылар.
— Эн биһи тапталбыт бастаан уураспыт бу хатыҥнаах олбуорбут курдук куруук күөҕүнэн чэлгийдин, — диэн сибигинэйэ-сибигинэйэ, уол кыыһы илиититтэн ылан сырдык хараҕынан утары көрдө.
Сарсыарда оптуобус үгүстэ сылдьыбыт тохтобулугар хоруйа түстэ. Быыллаах түннүк нөҥүө таһырдьаны көрө олорор оҕо эмискэ салону биир гына хаһыытаата:
— Ийээ, көр-көр! Хатыҥ ойуулаах олбуор!
Онуоха пассажирдар бары түннүккэ саба түстүлэр.
— Кырдьык даҕаны! Аата кэрэтин!
— Ок-сиэ, үчүгэй эрээри хатыҥнара аһара хойуу!
— Суох-суох! Итиннэ өссө сибэккилэр ойууланыахтара хаалбыт! Оччотугар өҥнөөх хартыынаттан итэҕэһэ суох буолуо этэ!
— Эс, доҕор! Лабаатын, сэбирдэҕин өссө көҕөрдүбүт киһи букатын тупсуо эбит!
— Кэбис, доҕоттор! Билигин күһүөрү ээ. Саһархай сэбирдэхтээҕэ ордук этэ! Аны кыһыннары кытта көҕөрөн турдаҕына хайдах эрэ көстүө дии…
Оптуобус иһэ мөккүһээччилэр саҥаларынан күйгүөрэ түспүтэ. Арай инники олбоххо олорор оҕонньор, бытыгын имэринэ-имэринэ, холку бэйэлээхтик күлэн мичийбитэ уонна:
— Киһи санаата хаһан да туолбат, эбэтэр үлэлээбэт эрэ киһи сыыспат. Өссө ханнык саҥа өс хоһоонун толкуйдуохха сөбүй? — диэн оскуолаҕа үөрэнэр сиэнигэр хайыста.
— Олбуор кырааската да олоҕу сэргэхситиэн сөп… — диэн онуоха сиэнэ чап гыннарбыта.
Салон иһигэр көрдөөх күлүү сатараабыта. Оптуобус кытта сэргэхсийэн, тохтобултан бэрт дьулурҕатык хоҥнон сүүрэн сырылаппыта. Оттон ону истибит хатыҥнаах олбуор, кэмчиэрийбиттии, күөх сэбирдэхтэринэн далбаатыы хаалбыта.
Александр Постников-Сындыыс
Кэпсээн «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2015 с. тахсыбыт «Кыһыҥҥы сугун» диэн кинигэтиттэн ылылынна.
Хаартыска: интэриниэттэн