Хатастар уруккуну умнубаттар…

04.08.2020
Бөлөххө киир:

Өр сылларга “Хатас” сопхуоска сүөһү иитиитигэр бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, “Абылаҥ” литература түмсүүтүн чилиэнэ Вера Иванова-Сайаана олоҕу көрүүтүн хоһоон нөҥүө тириэрдэр дьоҕурдаах. Ол курдук, соторутааҕыта “Маалтааны мааныта. Сайаана санаалара” кинигэтэ күн сирин көрдө. Вера Ильинична бу саҥа кинигэтигэр хайҕаллаах Хатас сирин, дьонун-сэргэтин хомоҕой тылынан хоһуйбут. Кинигэ Хатас сопхуос 60 сылыгар уонна Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананар. Манна даҕатан эттэххэ, Сайаана хоһооннорун хомуурунньуга “Тускул” култуура киинигэр үйэтии үлэтигэр анаммыт “Уруккуну умнума, билиҥҥини кэрэхсээ” бырайыак чэрчитинэн күн сирин көрдө.

edersaas.ru

Сэҥээриэхпит, Вера Ильинична!

Вера Ильинична Иванова-Сайаана хоһооннорун быйыл саас ыытыллыбыт ”Айар тыл абылаҥа” күрэххэ аан бастаан билсибитим. Онтон билигин күн сирин көрүөхтээх хоһооннорун хомуурунньугун тутан олоробун.

Сайаана хоһооннорун хомуурунньуга хас да түһүмэхтэн турар. “Төбөҕүн эн көтөх, Кыайыы саллаата” түһүмэххэ араас сылларга суруйбут хоһоонноро киирбиттэр. Ити аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитин аймалҕана Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр эрэ буолбакка, кини көлүөнэтин дьонун барыларын күн-түүн таарыйарын, сүрэхтэригэр, өйдөрүгэр-санааларыгар оспот баас буолан хаалбытын туоһулуур.

Хааннаах фашист саппыкыта

Халыппыта харах уутун.

Хабыр сэрии буолбута,

Хардарбыккыт хорсуннук…”.

Уйан дууһалаах Сайаана айылҕа көстүүлэрин холкутук, намыыннык ойуулуур. Арай, “Өлүөнэ эстиитэ” хоһоонугар тоҕус ый тухары хаайтарбыт муус болгуо кэлгиэттэн өһүллэригэр саас аайы ытырыктата саныырын уонна холкутук устан ааһарыгар үрдүк күүстэртэн көрдөһөрүн билинэр.

Оо, Өлүөнэ эбэбит барахсан,

Улуугун! Модуҥҥун! Кэрэҕин!

Тоҕута силэйэн солооҥҥун,

Устаргын дьулайа кэтиибит”.

Сайаана олох туһунан санааларын сайа этэр. Кини олоҕу олус таптыыр, киһи дьылҕата бэйэтин илиитигэр баарын итэҕэтэр, күн-дьыл ааһара түргэнин сөҕөр. “Боччумнаах тугу да ситиспэтим” диэн, саха киһитин сиэринэн, намтатына да эттэр, кини бу орто дойдуга олох олорорунан дьоллоох:

… Ол эрэн үөрэбин, дьоллоохпун дэнэбин,

Туохтан да маппакка, аһара түспэккэ,

Олохпун туппутум баарынан ылынан,

Бу курдук бардарбын наҕыллык, уһуннук”.

Орто дойду үтүө да, мөкү да өрүттэрин билбит, олоҕу үгүс өттүнэн анааран көрөр сааһыгар тиийбит киһи күн бокуойа суох сылдьара, ыччаттарын кытары тэҥҥэ үөрэрэ-көтөрө, сааһырыыга бэринэр санаата суоҕа кэнэҕэски дьоҥҥо холобур эрэ буолуон сөп:

“Оҥойор айахпыт иннигэр үлэлээн,

Күннэҕи түбүкпүт бүппэтэ сөхтөрөр,

Муҥ саатар бытааннык ааһарыҥ буоллар дуу,

Сааһырбыт санааны сыымайдыы түһүөҕү”.

Кини олоҕун тухары алтыһан ааспыт дьоно элбэҕин, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы өссө күндүтүйэн иһэллэрин, кинилэр баалларынан дьоллооҕун кини хас бирдии анабыл хоһоонуттан өйдүүгүн. Кини анабыл хоһооннорун дьоруойдарын төһө да чугастык билбэтэргин, ааптар саха тылын сүмэтин сөпкө туһанар, ойуулуур-дьүһүннүүр тэҥнэбиллэри миэстэтигэр туттар буолан, кини оҕо сааһын дьүөгэлэриттэн саҕалаан, сопхуос саҕаттан үлэлээбит тыа сирин уһансан кэлбит биир саастыылаахтарын, бэл, оптуобуска эрэ көрсөр дьонун мөссүөннэрин хараххар ойуулаан көрөр курдуккун. Кинилэргэ барыларыгар баҕарар баҕата биир:

Санаарҕаама саас ылар диэн,

Онтон, кырдьык, куоппаккын.

Өрө көтөх төбөҕүн,

Истиҥ мичээр аргыстан”.

Хайа да сааскар тиийдэргин, киһиэхэ ийэлээх-аҕатын туһунан үтүө өйдөбүл хаһан да сүппэтин, сүрэҕиҥ сылааһынан угуттана сылдьарын ийэлээх-аҕатын туһунан хоһоонноругар ааҕабыт:

Аанньал курдук киһибин

Ардыгар олус ахтабын,

Сүбэ буолар соргутун

Суохтуур курдук буолабын…”

Айар абылаҥҥа бүтүннүү абылаппыт Сайаана аҥардас биир хоһоонугар төрөппүттэрин олохторун арылхайдык арыйан кэбиһэрин сөҕөҕүн уонна ылынаҕын.

Вера Ильинична хоһоон суруйар киһи быһыытынан, күннээҕи олохтон саҕалаан, айылҕа хас биирдии көстүүтүн кыраҕы хараҕынан көрөр дьоҕурдаах, киһи “сык” гынарын булан, хомоҕой хоһоонугар оҕуруолуу оонньотор.

Ол курдук, киниэхэ саһархай кырааскаҕа сууланар “көмүс күһүммүт”, тоҕо эрэ, “күөх күһүн” буолан хоһуллар. Сэрэйдэххэ, кини оннук кэми таба тайаннаҕа:

Лөглөччү күөҕүнэн көрүстэ,

Быйылгы күһүнүм барахсан,

Ньээминэн саһарчы симэнэн,

Чэлгийэ мичээрдиир тиэргэним”,

– диэн сайын быйаҥа тэнийэн, үтүмэн үүнүүнү бэлэхтээбитигэр сахалыы сэмэйдик махтанар.

Киниэхэ, бэл, ньургуһун тахсыбыт эбээт:

Ньургуһун барахсан тэтэрэн,

Сэмэйдик күһүнүн тыллыбыт

Сааскылыы хойуутук да буолбатар,

Сэрэнэн, килбиктик тахсыбыт”.

Вера Иванова, төһө да идэтийбит бэйиэт буолбатаҕын иһин, хоһоонунан айымньы тутулун тутуһарын астына бэлиэтиэххэ сөп. Ол “Туналы ыйдаҥа”, “Күнүм барахсан”, “Үтүө сайын” уо.д.а. хоһооннорун куплеттарын барытын биир буукубаттан саҕалаан баран, тыл өйдөбүлүн сөпкө быһаарарын, сатаан сааһылыырын, ааҕааччы сүрэҕин таарыйарын сэргиигин. Ити хоһоонноро чабырҕах дуу, сахалыы дэгэрэҥ ырыа дуу матыыба буолуох кэриҥнээхтэр, кулгааххар иһиллэн ааһарга дылылар:

Үгүс үөмэх үөл үөттэр,

Үмүрүччү үөмэннэр,

Үөрэ-дьүөрэ үктэнэн,

Үүммүттэрэ үчүгэйиэн.

Үүт үрүйэ үрүлүйэр,

Үрүмэччи үөрдүһэр,

Үкээр-куйаас үктэллэнэн,

Үүннүлэр үрүҥ түүннэр”.

Аны:

Сырдык этии тиэрдиэҕэ

Сырдык, ыраах сирдэргэ,

Итии суостаах тыллартан

Тиһиллиэҕэ таптал тыллара” – диэн

хоһуйуутуттан кини саха тылын сүмэтин эттиин-хаанныын ылынарын, этиллибит тыл ох буолан көтөрүн, хаҕыс тылларынан хаарыйсыбакка, истиҥ, сэргэх тыллары эрэ истиэн баҕарарын билэҕин.

Оттон нарын-намчы дууһалаах, айар абылаҥҥа ылларан олоҕун киэргэтэр, үйэтин уһатар Далбар хотуҥҥа  Таптал диэн туох эбитий?

Эн хараҕыҥ – мэник-тэник уол хараҕа.

Эн хараҕыҥ таптыы көрөр, манньыйар.

Эн хараҕыҥ – үөрбүт-көппүт сэбэрэ.

Эн хараҕыҥ – мичилийэр мичээрдэр.

Эн хараҕыҥ – ахтыбыт сүрэх иэйиитэ.

Эн хараҕыҥ кыыһырбыттыы көрөллөр,

Эн хараҕыҥ – хатааһын Чолбон одуута.

Эн хараҕыҥ сороҕор сээбэҥнээн ылаллар.

Эн хараҕыҥ олоҕум тирэҕэ буолаллар.

Көрөллөр миигин батыһа

Кэтэһэ, эрэнэ, итэҕэйэ…” (2015 с.)

Саха дьоно “тапталы “төкүнүтэ сылдьан хоһуйбут” диэн таптаан, ытыктаан этэр бэйиэппит Бүөтүр Тобуруокап “Уонна хаһан олороору” диэн хоһоонугар:

Күнүн аайы уһаппакка
Күнү-дьылы бараабакка
Оҥоруоҕу оҥоруохха
Толоруоҕу толоруохха
Уонна манна төннүбэккин
Этиһэн да тиллибэккин
Уонна хаһан олороору

Уонна хаһан оҥороору
Уонна хаһан?”

–диэн этэн кэбиспитин, үгүспүт да күннээҕи олохпутугар суолдьут сулус курдук ылынарбыт буолуо. Сайаана эмиэ “Уонна хаһан?” диэн хоһоонноох. Кини бу хоһоонугар олоҕун билиҥҥи кэрдиис кэмигэр киирбит иэйиитин кинигэтигэр тиспитин сэргиигин, хайгыыгын эрэ.

… Уонна хаһан айаары,

Хоһооннору суруйуох.

Дууһа иэйэр кэмигэр

Баҕар ким эмэ сэҥээриэ…”

Сэҥээриэхпит, Вера Ильинична! Ай-тут, чугас дьоҥҥун үөрт, олох кэрэтин хоһооҥҥор хоһуй, ырыаҕар ыллат, кэрэни кэрэхсииргэ ыччаттаргын уһуй.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0