Соторутааҕыта Хатастааҕы «Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир 20 киһилээх «Айхал» үҥкүү бөлөҕө Кореяҕа баран кэллэ.
edersaas.ru
Айар кэлэктиип Кореяҕа сырыытын туһунан Хатастааҕы «Ситим» Оҕо айымньытын дьиэтин уһуйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Вера Старкова-Чараҥ кыыһа кэпсиир:
— Хабаровскай кыраай килбэйэр киинигэр кэлээт, тута экскурсияҕа сылдьан, нуучча айанньыта Ерофей Хабаров аатын сүгэр куорат баай историятын билистибит, Амур өрүс чэбдик салгынынан тыынныбыт.
Сарсыҥҥы күнүгэр Сеулга көттүбүт. Онтон 4 чаас устата оптуобуһунан айаннаан, Соҕуруу Корея төрдүс улахан куоратыгар Тягуга тиийдибит.
Араас өҥнөөх сибэккинэн симэммит күп-күөх куорат сайыҥҥылыы сылааһынан көрүстэ. Куорат архитектурата судургу эрээри, халлааҥҥа харбаспыт дьиэлэр киһини сөхтөрө дьэҥдэһэллэр. Айылҕа тыллар кэмигэр ыам ыйыгар Кореяҕа араас бэстибээллэр тэриллэллэр. Олортон саамай бастыкылара — сааскы Корея араас өҥүнүү Азия үгүс норуотун түмэр, ураты култууралары сомоҕолуур «Араас өҥүнэн чаҕылыйар Тэгу» парад-бэстибээл эбит. 1982 сылтан тэриллэн, сыл аайы ыытыллар бэстибээлгэ быйыл Кореяттан 86 хамаанда, 16 тас дойдуттан, ол иһигэр, Японияттан, Кытайтан, Филиппинтэн, Индонезияттан, Вьетнамтан, Камбоджаттан, Арассыыйаттан 349 араас айар бөлөх кыттыыны ыллылар.
Аҥардас Саха сириттэн Намтан, Горнайтан, Тааттаттан, Дьокуускайтан «Тэлээрис» оҕо ансаамбыла уонна биһиги «Айхал» бөлөхпүт кытынныбыт. Маннык киэҥ далааһыннаахтык уулуссаҕа ыытыллар бырааһынньык улахан карнавальнай сэлэлээн хаамыыга майгынныыр эбит.
Икки өттүттэн дьонунан толору уулусса устун сэлэлии хааман иһэн, үс сиргэ тохтоон үҥкүүлээтибит. А. Бурнашев толоруутугар » Оһуокайдыыр оһуокай» ырыа, өбүгэлэрбит «ойдуоларын» тыаһа Тягу куорат үрдүнэн эйээрдэ, сахалыы саҥа сатараата. Биһиги саха омук буоларбытынан киэн тутта чорооммутун өрө көтөҕөн, дэйбиирбитинэн арчылаан, үҥкүүбүтүн толордубут. Куорат мээрэ Квон Яджин хаамыыны толору көрөн, бэстибээл кыттыылаахтарын кытары флеш-моб үҥкүүлээтэ, дьонун-норуотун, ыалдьыттарын кытта бииргэ сырытта.
Саамай киэн туттуубут — олус улахан суолталаах, дириҥ ис хоһонноох тэрээһиҥҥэ кыттыбыппытын туоһулуур диплом. Бу наҕарааданы ылан, сүргэбит көтөҕүллэн кэллибит.
Ити курдук, култуура туйгуна, хореограф Александра Семенова, «Тускул» Култуура киинин норуот айымньытын исписэлииһэ, култуура туйгуна Татьяна Жиркова салайар «Айхал» үҥкүү бөлөҕүн кыттыылаахтара араас омуктардыын алтыһан, кинилэр култуураларын илэ көрөн, уопут атастаһан, Кореяттан олус астынан кэллилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — «Айхал» үҥкүү бөлөҕүн архыыбыттан.