Саас кэлэн эрэрэ биллэр. Күн чаҕылыччы тыгар. Ыарахан уйуктаах массыына тус хоту Индигир суолун тутуһар. Тиэнэн иһэриттэн көрдөххө, ас-үөл толору быһыылаах, үксэ дьон ыыппыт маллара дииллэр. Бу баһыылкалар быыстарыгар сибиинньэ төбөтө угуллубут кууллар харахха быраҕыллаллар. Аата, сибиинньэ төбөтө буоллаҕай, тиэйдэхтэрэ ырааттаҕын диэххит. Хас да киһи уончалыы төбөнү сакаастаабыттарын тиэйэн иһэр суоппар мүчүк-мүчүк гына күлүөҕэ. Хантан буолуой? Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекстан.
20-с үйэҕэ, 1980 сыллаахтан, сибиинньэни бырамыысыланнай төрүккэ олоҕуран иитии хайысхата олоххо киирбитэ. Нерюнгрига “Золотинка” сопхуоска уонна Дьокуускайтан чугас, Хатаска, улахан таас свинокомплекстар тутуллубуттара. Дойду киин уобаластарыттан түргэнник ситэр боруода сибиинньэлэри аҕалар буолбуттара.
Билигин Хатас сибиинньэ иитэр комплекса үлэлии турарыттан, нэһилиэнньэни олохтоох бородууксуйанан хааччыйарыттан киһи үөрэ эрэ саныыр. Хатас сибиинньэтин этин Дьокуускай куорат уонна чугастааҕы, ыраах улуустар олохтоохторо хамаҕатык ылаллар, кэлии сибиинньэ этиттэн быдан ордороллор.
Күн бүгүн бу бырамыысыланнай комплекска 7000 төбө иитиллэн турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ сибиинньэ иитиитигэр соҕотох бөдөҥ тэрилтэ, тутуллубута 36-с сылыгар үктэннэ. 112 үлэһиттээх хаһаайыстыба түбүгэ баһаам буоллаҕа.
— Өрөспүүбүлүкэни бүттүүнүн хааччыйабыт. Чугастааҕы, Бүлүү умнаһынааҕы улуустар бары биһигиттэн сибиинньэни, бородууксуйаны ылаллар. Быйыл 4-с сыла буолла “Доращивание” диэн бырагырааманан дьон кэлэн дуогабар түһэрсэн ылыылара. Дьон туһалааҕын таба өйдөөн, 1-тэн-50 төбөҕө тиийэ ылаллар. Төрүөҕү ылыы быйыл этэҥҥэ диэххэ сөп. Быйылгы былааммыт 9 тыһ, ол эбэтэр ый аайы ортотунан 750 төбө сибиинньэ оҕотун ылыахтаахпыт, — диэн комплекс үлэтин туһунан “Туймаада” агрохолдинг” генеральнай дириэктэрин сүбэһитэ, СӨ тыа хаһаайыстыабтын үтүөлээх үлэһитэ Ольга Егоровна Борисова кэпсээнин саҕалаата.
Көрүҥ эрэ, бу хаартыскалартан да көрдөххө, сибиинньэ оҕолорун энчирэппэккэ иитии сүрдээх сылаалаах, бириинчик үлэ эбит. Сибиинньэ оҕото төрөөтүн кытта олох +30 кыраадыс итиигэ туруохтаах. Ону ситиһии олус уустук уонна бачча кыраадыска тутууну сибиинньэ айылҕата ирдиир. Быһата, сылааһы сөбүлүүр дьиэ кыыла. Манна сибиинньэни көрөөччү биир үлэһит 40 сибиинньэни төрөтөр.
— Төрөтөн баран 45 хонуктарын кэннэ ийэлэриттэн араарабыт. Онтон 75 хонуктарыгар диэри ситэри улаатыннарабыт. Ити кэннэ 120 хонуга буолла даҕаны уотууга барар. Дьэ, манна кыраапык, тиэх каарта диэни оҥоробут, — диэн баран ол каартатын тэнитэн көрдөрдө. Каартаҕа төһө сибиинньэ оҕото төрөөбүтэ, хаһан ийэтиттэн араарыллыбыта барыта сиһилии бэлиэтэнэр.
Ольга Егоровна этэринэн, төһөнөн кылгас кэмҥэ төлөһүтэллэр даҕаны, барыстаах буолар. Түргэнник төлөһүтэргэ сөптөөх аһылыктаах буолуохтаах. Хата, бу кыһалҕаны Хатастааҕы сибиинньэни иитэр комплекс олус бэркэ тобулбут.
“Амурагроцентр” бурдугунан
— Иккис сылбытын Амуртан Белогорск куораттан “Амурагроцентр” тэрилтэттэн ыла сылдьабыт. Хаачыстыбалара үчүгэй диэн хайгыыбыт. Былырыын 4 тыһ. туоннаны (былаан 5 тыһ. т) аҕалбыппыт. Аллараа Бэстээххэ дылы тимир суолунан кэлэр, онтон массыыналарынан Хатаска дылы АЯМ тэрилтэ тиэрдэн биэрэр. Мантан 5-6 көрүҥ комбикорманы ылабыт, быһата, төрүүр сибиинньэҕэ уонна уотууга турааччыларга тус-туһунан бурдуктары. Былырыын бурдукпут сыаната 24 солк. буоллаҕына, билигин – 38 солк. Комбикорм сыана үрдүөн инниттэн да үрдээн турар. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ дотация көрөр. Урут 70 бырыһыаҥҥа диэри этэ. 2020-2021 сылларга дотация бырыһыана аччаабыта. Биһиги бэлэм уотурбаттан атыны сиэтэр кыахпыт суох, — диэн кини аһылыгынан хааччыллыы курдук сүрүн боппуруоһу таарыйар.
Дьокуускайга бааһынай ырыынагыттан атыылаһааччылар Кабохин хаһаайыстыбатын туһунан эмиэ билэллэр. Кабохиннар сылга 80 т эти оҥорор буоллахтарына, Хатастааҕы комплекс киэнэ – 600 тахса туонна. Өссө сибиинньэ оҕотун атыылаабаттара буоллар, 800 т тиэрдиэ этилэр.
Сыана үс сыл уларыйбата
Дириэктэр Николай Кларов этэринэн, тэрилтэҕэ сыана 2018 сылтан уларыйбакка турбут. 2021 сыл сэтинньитигэр эрэ үрдэппиттэр. Тастан киирэр сибиинньэ этин, бродууксуйатын кытта күрэстэһэр уустук да буоллар, хатастар киэнэ сибиэһэйинэн уонна хаачыстыбатынан уратылааҕын дириэктэр астына бэлиэтиир. Сибиинньэ бэйэҕэ турар сыанатыгар ороскуоту эбэн таһаардахха, сыана баһа-атаҕа суох үрдүк, “көмүс сыана” буолар кыахтаах. Ол эрээри хаһаайыстыба олохтоох нэһилиэнньэ бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыннын диэн санаанан салайтаран, сыанатын төһө кыалларынан тутан олороро махталлаах уонна сөптөөх дьаһал. “Сыл бастакы аҥаарыгар хааччыллан олоробут, онон сыанабыт маннык туруоҕа, онтон бэс ыйыттан сыанабытын көрүөхпүт”, — диир Николай Владимирович сэрэтэр былаастаан.
Ону тэҥэ сибиинньэ сыата киһи доруобуйатыгар, чуолаан, тыҥатыгар туһалааҕын туһунан аҕынна. Бу хамсык кэмигэр сүрүннээн кырдьаҕастар тыҥабытыгар көмөлөһүө диэн сибиинньэ сыатын атыылаһаллара элбээбитин уонна тыйыс тымныылаах Саха сиригэр олорор дьон хайаан да кыалларынан сибиинньэ сыатын, этин сииллэрэ туһалааҕын бэлиэтээтэ.
Алта фирменнэй маҕаһыыннаах
— Икки көрүҥ боруоданы тутабыт “крупная белая” диэн сыа боруода, ону таһынан “ландрас” диэн эт боруода. Бу боруодалары дьылын-ыйын эрдэттэн ааҕаннар зоотехниктар төрөтүү-ууһатыы үлэтин былаанныыллар. Холобур, күһүн кыстыкка үктэниигэ сыа боруоданы ордук забойга ыытан астыыбыт. Саас шашлык сезонугар эт боруодата ордук. Биһиги алта фирменнэй маҕаһыыннаахпыт. Сибиинньэ туох-баар чааһын барытын туһаҕа таһаарабыт. Кулгааҕа, тыла, төбөтө, үөс тардара, ис сыата туспа атыыланар, ону хамаҕатык атыылаһаллар. Холобура, сибиинньэ төбөтүн 1 киилэтэ –55 солкуобай (орто ыйааһына 7 киилэ буолар). Биһиги үксүн кууһунан атыылыыбыт. Сибиинньэ аҥаарын 3 туоннаҕа диэри киилэтин — 380 солкуобайга, 3 т элбэҕи ылааччыга 368 солк. атыылыыбыт. Кырбаһынан (распиловка диибит) холун этэ – киилэтэ 407 солк., кэлин өттө – 468 солк. Рульката – 190 солк., бу сальтиссон диэн бүлүүдэни оҥорорго бэртээхэй. Уонна бэйэбит дьоҕус сыахпыт оҥорон таһаарар бородууксуйатын амсайбыт дьон хайгыыллар. Сибииньэ атаҕын эҥин атыылаһааччылар билэллэр, олох ып-ыраас түүтэ эҥин суох буоларын. Ону барытын Шпарчан диэн тэрил көмөтүнэн оннук ыраас оҥорон, атыылаһааччыга тиэрдэбит. 2050 сибиинньэ оҕото атыыланар. Ону сэргэ Ольга Егоровна эппитин курдук, 550 төбөнү ыаллар, хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр “доращивание” бырагырааматынан иитэ ылыахтарын сөп. Ол эбэтэр уһатан төлүүр болдьоххо 25 киилэтигэр диэри ыйааһынаах сибиинньэ оҕотун 3 куул босхо бурдук состороонньолоох иитэ ылаллар. Ол аата сибиинньэлэрин оҕотун бастаан ылалларыгар төлөөбөттөр, ахсынньы 1 күнүгэр диэри иитэн эбэтэр идэһэлэнэн баран харчытын 15000 солкуобайы төлүүллэр. Хас атыылаһааччыны кытта дуогабар толорсобут. Маннык атыылаһыы сүрдээх барыстаах, сыана аҥаарыгар ылбыкка тэҥнээх.
Ити курдук, комплекс түбүгэ баһаам, үлэтэ биһирэмнээх. Холобура, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буоларын сэргэ бэтэринээринэй наука хандьыдаата буолбут дириэктэри солбуйааччы Любовь Дьячковская курдук производствоҕа быһаччы үлэлии сылдьар бэриниилээх үлэһиттэр баар буоланнар Хатастааҕы сибиинньэни иитэр комплекс аата киэҥник иһиллэр.
Онон хатастар бородууксуйаларын атыылаһыҥ!
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: М.Васильева түһэриитэ (СИА)
Саха сиригэр олохтоох сибиинньэ этин оҥорон таһаарыыны улаатыннарыахтара