Хатаска уран тарбахтаахтар кииннэрэ аһылынна

Ааптар: 
28.12.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ  Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн «Тускул» Култуура киинигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга Норуот  национальнай уонна прикладной искусствотын   «Симэх »  автономнай тэрилтэтэ  уонна Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ  бииргэ үлэлээһин дуогабарыгар илии баттастылар. 

edersaas.ru

Анал дуогабар сүнньүнэн «Тускул» Култуура киинигэр «Норуот уус-уран оҥоһугун дьиэтэ» диэн  анал аат статуһа бэрилиннэ. Онон Хатас нэһилиэгин уран тарбахтаахтара,  мас уустара, тимири уһаарааччылара, туойунан, туоһунан, сиэлинэн оҥоһуктары оҥорооччулара,  иистэнньэҥнэрэ мустан, үлэлэрин ырытыһар, былаанныыр кииннэннилэр.

Биллэн турар,  маннык киин дьоммут киэҥ эйгэҕэ тахсан, саха норуотун ааттаталларыгар төһүү күүһүнэн буолуоҕа. Тарбахтарыгар талааннаах биир дойдулаахтарбыт үгүс араас быыстапкаҕа кыттар кыахтаныахтара, араас куурустарга, сэминээрдэргэ үөрэниэхтэрэ, сайдыахтара-үүнүөхтэрэ, оҥоһуктарын атыылаан үп-харчы киллэриниэхтэрэ.

Дуогабар түһэрсиэхтэрин иннинэ «симэхтэр» анаан «Тускул» Култуура киинин  үлэтин ис хоһоонун үөрэттилэр, дьону-сэргэни кытта сэһэргэстилэр. Ыалдьыттарбыт ыытар үлэбит хайысхатын биһирээтилэр.

Биһиги «Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир «Утум иис» салайааччыта  Анна Пестереваҕа, «Толлуман» түмсүү салайааччыта  Андрей Малышевка, «Күндүүнэ» салайааччытыгар  Наталья Чабыеваҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Бу ааттаммыт түмсүүлэри норуот айымньытын исписэлииһэ  Татьяна Жиркова  салайар.  Кинилэргэ тирэҕирэн,  холобур ылан Хатаспыт талба талааннаахтара киэҥ сиргэ тахсан саха норуотун төрүт үгэстэрин, култууратын сайыннараллар, саха норуотун аатын үйэтитэллэр.

Наталья РУФОВА,

Хатастааҕы култуура киинин иһинэн үлэлиир

уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүннээччи. 

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0