Хатаска «Терпсихора бырааһынньыга»

Ааптар: 
27.03.2022
Бөлөххө киир:

Терпсихора бырааһынньыга – үҥкүү өрөгөйө
Сэттэ омугу сиэттиһиннэрбит,
Аҕыс омугу алтыһыннарбыт,
Тоҕус омугу түмсүһүннэрбит,
Доҕордоһуу туоната – Үҥкүү!

Бары билэрбит курдук хааччаахтааһын күрүөлээһинэ арыыйда сымнаан ахтыспыт дьон алтыһыыттан астыныылара, көрсүһүүттэн үөрүүлэрэ үксээтэ.

Бэҕэһээ,  кулун тутар 26 күнүгэр, сааскы сандал күн сардаҥаларын кытта сырсыһыннар Хатаспытыгар сэргэх сэбэрэлээх, сэһэни-кэпсээни сэргэстэһиннэрбит дьон-сэргэ «Тускул» КК  «Терпсихора бырааһынньыга» диэн тэрээһиҥҥэ муһунна.

Урукку кэмҥэ бу куонкуруспут тыһыынчанан кыттааччыны түмэрэ. Кэккэ сылларга биллэр биричиинэнэн бу сыыппара аччаабыта, ол эрээри кэрэ кэрэхсэбилэ, үтүөҕэ тардыһыы күүһэ ханнык да мэһэйи-моһолу билиммэккэ, иннин диэки хардыылыыр. Ким хайдах табылларынан дьаһанан, тэринэн үлэ-хамнас тэтимин сүтэрбэккэ барарын ситиһэр. Ол да иһин бүгүҥҥү күҥҥэ 230 киһи тоҕуоруста, үтүө дьон үмүөрүстэ,кэрэ дьон кэккэлэстэ. Үҥкүү нөҥүө сүрэххэ, дууһаҕа иҥмити, норуот олоҕун үйэлээх үгэстэрин көрдөрөн харах хайҕала көстүү, сүрэх үөрүүтэ буолар. Үҥкүү тыла-өһө киһиэхэ тиийимтиэ, таарыллыбыт тиэмэтэ, эйгэтэ — киһи орто дойдуга олорор олоҕун тухары истиҥи, сылааһы, дууһаны долгутары биэрэр иэйиини, тапталы хоһуйуу, киһи киһиэхэ сыһыанын кэпсээһин хайа баҕарар көрөөччүгэ чугас, өйдөнүмтүө буоларын туһугар үгүс элбэх үлэ, тиритии-хорутуу, тулуур, дьулуур наада. Онон бүгүн үрдүк сценаттан үҥкүү кэрэ эйгэтин сэгэппит хас биирдии үҥкүүһүккэ, салайааччыларга тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Батаа Балжиннян Монголияҕа олорон быһа сибээскэ тахсан куйаар ситимин нөҥүө сыаналаата. Эмиэ куйаар нөҥүө олорон Америкаттан Любовь Сахина уонна Санкт-Петербург куораттан Мария Залецкая үлэлээтилэр. Манна Хатаска СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Светлана Тимофеева, Людмила Антипина, Хухээ Балдорж, СӨ култууратын туйгуна Розалия Громова сыаналаатылар. Онон дьүүллүүр сүбэ 7 киһилээх үлэлээтэ.
19 кэлэктиип, ол иһигэр 5 микста группа (араас саастаах дьон), 3 соло, 4 дьиэ кэргэн Мэҥэ Хаҥаластан, Нам улууһун Аппаанытыттан,Горнай улууһун Маҕараһыттан, Томпо улууһун Тополинайыттан, Хаандыгатыттан, Бүлүү улууһун Эбэтиттэн, Үөһээ  Бүлүүттэн, Мирнэйтэн, Хаҥалас улууһун Чапаевыттан, Дьокуускай куораттан, Мархаттан, Хатастан үҥкүүлээтилэр.
Дьэ, онон норуоттар икки ардыларынааҕы “Терпсихора бырааһынньыга” конкурспут 23 төгүлүн өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Быйылгы куонкуруспут САССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Саха сирэ Арассыыйалыын холбоспута 390 сылыгар ананна.
Гала-кэнсиэр кэннэ кыайыылаахтары наҕараадалааһын буолла. Дьэ чахчыта да, кыайыахтарын кыайбыттар, үөрдүөхтэрин үөрдүбүттэр киһини итэҕэтэр дьикти кэрэ үҥкүүлэр таҕыстылар.

Элбэхтэн аҕыйаҕы кэпсээн, ырытан ааһар буоллахха, быйылгы үҥкүүлэр сюжет, тиэмэ өттүнэн эрэ буолбакка толорууларын таһыма үрдүгүнэн ураты үрдүк таһымнаах нүөмэрдэр бааллара кыттааччылары өссө да үрдүккэ, сырдыкка тардыһарга төрүөт биэрдилэр. Томпоттон сылдьар кэргэннии Никитиннэр, Степановтар, Хатастан Тускул ансаамбыл (Дайаана Иванова), Мархаттан Е.Гомбоева Инканто ансаамбыллар үҥкүүлэрэ хамсаныылара ырааһынан, чуолкайынан, сыала-соруга дьэҥкэтинэн этэргэ дылы киһи элбэххэ үөрэнэр нүөмэрдэрэ. Онтон Олимпиада Текеянова салайааччылаах Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгин үҥкүүһүттэрэ «Терпсихора бырааһынньыгын» ыытар тухары уонунан сылларга кэлэн кыттыһаллар. Быйыл кинилэр ураты көстүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох, эт хаан өттүнэн сайдыылаах буолары ирдиир «Ала атамай сыдьааннара» диэн үҥкүүтүн «Эр дохсун» ансаамбыл уолаттара өй-санаа эт хаан да өттүнэн кыайа-хото тутан толорбуттара саха санаалааҕы сүрэҕин өрүкүтэр, дууһатын кылын таарыйар. Бу ансаамбыл быйылгы күрэх Кылаан бирииһин ылбытын көрөөччү да, кыттааччы ис сүрэҕиттэн үөрэ көрүстэ. Тэриллиэҕиттэн ситиһиитэ ситимнээх, кыайыыта кыахтаах «Айхал» ансаамбыл (Хатас) бу да сырыыга сүрдээх үчүгэй нүөмэри  толоруу да хаачыстыбатынан, ис хоһоонун да дириҥинэн  бэлэмнээн билигин да айар суол устун дьоруо айаннара баарын дакаастаата.

Кэнсиэри Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын үлэһиттэрэ — далбардара  айар аартык арыллыытыгар туһуламмыт алгыс сылаас, ил эйэ тыынынан, сырдык сыдьаайынан тулалыыр эйгэбитин имэрийэргэ дылы турукка киллэрдэ. Үҥкүүнү Александра Семёнова, Лариса Бурцева бэлэмнээбиттэр.
Сэттэ уонунан сыллар тухары тохтообокко култуура, спорт сайдыытыгар аналлаах эстафетаны ыытан маассабай хамсааһын тэтимин ыһыктыбатах Мэҥэ Хаҥалас далбардара устан долгуһан киирбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ. Нам Аппаанытыттан кэлбит аҕам сааска үктэммит эйэҕэс эбээлэри, ийэлэри эдэр.салайааччы үөрэ — көтө, сүргэ көтөҕүллэ үөрэтэ, дьарыктыы сылдьара көлүөнэ ситимин күүһүн көрдөрөр.
Ити курдук хас биирдии үҥкүү, нүөмэр туһунан төһөнү баҕарар астына дуоһуйа суруйуохха сөп.
Аныгыс көрсүөххэ диэри.

Наталья Руфова, Хатас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0