Хатаска саҥардыллыбыт кулууп аанын арыйда

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 3 күнүгэр »Түмсүүлээх Тускул » диэн аат ааттаан, 24-с айар-тутар сезону арыйарбытыгар түмсүүлэрбит дьоно-сэргэтэ төһүү күүс буоллулар.

edersaas.ru

Болдьоммут чааска саҥардыллыбыт, өрөмүөннэммит кулууппутун көрө-истэ охсоору уонна кэнсиэри суохтаабыттар, түмсэри, сомоҕолоһору сөбүлээччилэр »лыык» курдук тоҕо анньан кэлэн каасса нөҥүө аастылар. Каассаҕа мониторга ханна хас миэстэ баара көстөн турара  бэртээхэй. Бастакы көрөөччүлэр талан ылан  табыгастаах миэстэҕэ тигистилэр.

Фойеҕа киирээт да, уларыйбыт, саҥардыллыбыт уораҕай уотун-күөһүн, киэргэтиитин астына-дуоһуйа көрдүлэр,  өр көрбөтөх дьоннорун көрсөн сэһэргэстилэр,

Владимир Ефремов хартыыналарын олус сэргээтилэр. Владимир Захарович үлэлэрэ киирээти кытта лабааларынан суугунуу көрсөр аал луук маһы ситэрэн, айылҕа тыынын биллэрэргэ дылы. Онон, Саха сирэ киэн туттар сүҥкэн үлэлэрдээх, дириҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх Федот Гаврильевич Макаров дизайнын талааннаах тарбахтаах Владимир Ефремов үлэлэрэ ситимнээн, ситэрэн биэрэн, уолаттар төрөөбүт төрүт дойдуларын биир саамай бэлиэ сирин бэйэлэрин үлэлэринэн киэргэппиттэрэ саныырга да астык.

Кэнсиэр биир тыынынан саҕаланан, тэтимин ыһыктыбакка, үҥкүүлээн битийдилэр, күргүөмүнэн ыллаан ньиргиттилэр, күлүүлээх сценканы көрдөрдүлэр. Кэнсиэр «Тускул» табыллыбыт, таба тайаныллыбыт бырайыактарыттан төрөөн-үөскээн тахсыбыт нүөмэрдэртэн таҥыллыбыт буолан, көрөөччү хас биирдии толорооччуну сылаас ытыһын тыаһынан доҕуһуоллаан көрүстэ. Доҕотторбут: Хатас музыкальнай оскуолатын норуот музыкальнай инструменнарын үлэһиттэрин  ансаамбыла киирэр аан айаҕыттан айхаллаатылар. Балдорж Хуухээ Саргылаана Григорьева тылларыгар суруйбут ырыатын ааптардар бэйэлэрэ толордулар. Хатас орто оскуолатын хора  Хатаспыт  туһунан ырыатын, эр дьоннорун триота доҕордоох киһи дьолун туойдулар. Бу түгэҥҥэ оскуола дириэктэрэ Николай Cлепцов ырыа сүргэ эрэ көтөҕөөччү буолбакка, түмэр күүһүн сөпкө өйдөөн кэлэктиибин биир санааҕа киллэрбитэ дьэҥкэтик көһүннэ.

»Тырымнас тыллары хатылаа» куонкурус кыайыылаахтарыттан биирдэстэрэ Сергей Протопопов ырыатын көрөөччү ылыммытын-астыммытын  уҕараабат ытыс тыаһынан биллэрдэ. Тэрээһиммит биир чаҕылхай түгэнинэн эстрадабыт сулустара Айгылаан уонна Умсуура дуэттара буолла. Сценаҕа «Тускул» үгүс элбэх түмсүүлэрэ бииргэ түмүстүлэр. Онон, чахчыта да »Түмсүүлээх Тускул» буолара дьиҥ чахчы дьэҥкэтик көһүннэ. Ол, биллэн турар,  тэрийэр, түмэр дьону үөртэ, киэн тутуннарда. Ол аата көрөөччү уонна толорооччу биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн сырдыкка дьулуста, үрдүккэ таласта. Ол аата көлүөнэ ситимэ оҕоттон саҕалаан, аҕам саастаах дьоҥҥо диэри киэргэтиллибит саламалыы ситэриллэн-хоторуллан, киэркэйэн ситтэ-хотто, биир ньыгыл кэккэ буолла.

Хатаспыт баһылыга Евгений Петрович, Куорат думатын дьокутаата Парасковья Афанасьевна, Дьокуускай куорат култууратын салайааччыларыттан биирдэстэрэ Юлия Сергеевна, «Тускул» Култуура киинин быһаччы салайаааччылартан биирдэстэрэ Ньургуйаана Егоровна уонна «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаттан Олег Егорович, Алёна Анатольевна үөрүүбүтүн үллэстэ кэлэн, норуот түмсүүтүн-сомоҕолоһуутун тыынын ылынан, тэтимин тутан туран эҕэрдэлээтилэр, астыммыттарын биллэрдилэр.

Наталья РУФОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0