Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон Хатастааҕы уопсастыбатын көҕүлээһининэн дуобакка уонна саахымакка күрэхтэһии буолан ааста.
edersaas.ru
«Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир уопсастыбаннай тэрилтэлэри сүрүннээччи Наталья Руфова тэрээһин туһунан маннык кэпсиир:
— Күрэхтэһиини Иван Панаев аатынан билии биһигэ бибилэтиэкэбитигэр уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Туйаара Копырина тэрийдэ. Ол курдук, сарсыардаттан бибилэтиэкэ дьиэтэ алаадьы сытынан дыргыйда. Оҕо ускуустубатын дьиэтин уһуйааччылара норуот инструменнарын оркестрынан доҕуһуоллаан, «Тускул» Култуура киинин уус-уран салайааччыта Вилена Константинова доргуччу саҥатынан тэрээһин бэрт сэргэхтик саҕаланна. Хас биирдии күрэхтэһээччи бэйэтин түөлбэтин чиэһин көмүскээтэ.
Күрэх кылаабынай судьуйата дуобат сайдыытыгар оҕо эрдэҕиттэн утумнаахтык дьарыктанан, Арассыыйа чөмпүйүөнүгэр тиийэ үүммүт Михаил Сивцев күөн көрсүһүү буолар бэрээдэгин, быраабылаларын билсиһиннэрдэ. Күрэхтэһии сэкирэтээрэ, спортка дэгиттэр талааннаах, элбэх күрэҕи, бэстибээли, күөн көрсүһүүнү, спартакиаданы ыыппыт Эдуард Саввинов эмиэ бэрт чуолкайдык үлэлээтэ.
Күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Хотторооччу суох диэххэ сөп. Кыттааччылар сэргэх тэрээһинтэн үөрэн-көтөн, санаалара көтөҕүллэн тарҕастылар.
Уопсастыбаннай тэрилтэлэр бу курдук нэһилиэккэ араас тэрээһиннэри ыытан, дьону көхтөөх олоххо көҕүлүүллэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Наталья Руфова түһэриитэ.