Сааскы кэм кэлэн, күөх куйаар киэҥ киэлитигэр күлүм-чаҕыл күн күлүмүрдээн, хамсыыр эрэ барыта хамсаан, туран-олорон дьиктини итэҕэйэн, кэрэни кэрэхсээн турар күннэригэр бэҕэһээ, кулун тутар 26 күнүгэр, Хатаспытыгар массыына бөҕө сыбыытаата, дьон-сэргэ «Тускул» КК диэки хаамта, даамба диэки муһунна.
Ити сылын ахсын буолар, ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тиийэ улааппыт, кэҥээбит-тэнийбит, сураҕырбыт «Терпсихора бырааһынньыга» уонна Дьокуускай туонатыгар, Туймаада хочотугар биһигини ааттатар Байанай күрэҕэ буоллулар. Быйыл алта хамаанда турбут, о.э алта түөлбэ дьоно-сэргэтэ – «Баҕарах», «Киэҥ хочо», «Агрогородок», «Маалгын», «Саһарҕа» уонна «Дьаарын». Күрэх ахсыс төгүлүн ыытыллар буолан тэрээһин чааһыгар хамсаныы-имсэнии, кэпсэтии-ипсэтии, булуу-талыы өттүгэр этэргэ барыта дьэҥкэ, чуолкай. Хамаандалар балаһыанньа өттүгэр эмиэ боппуруоһа суох, эрдэттэн бэлэмнэнии, хомунуу, күрэҕи ыытыы да өттүгэр биир оннук.
Бу күрэх биир саамай күүстээх хамаандатын тэрийээччитэ, «Баҕарах» түөлбэ салайааччыта Попов Николай бу күнү бу курдук сырдатта:
— Дьэ, «Байанай күрэҕэ» бүттэ. Бастаан микрофон үлэлээбэккэ музыката уонна комментарийа суох буолан, хайдах эрэ сымсах соҕустук баран испитэ.Хата кэлин үһүс генератор кэлэн, уоттанан саҥа-иҥэ,биллэрии иһиллэн, музыка холбонон тиһэҕэр олох үчүгэйдик түмүктэннэ. Быйылгы күрэх арыый уратылаах, ол курдук хаарга сүүрүү ыытылынна. Ол өссө ордук курдук буолла. Хаар чараас буолан ким да охтубата,уолаттар бары кыахтарынан сүүрдүлэр. Бастакы түһүмэххэ мууска балыктыыр лууҥканы тэһэн киирии (пробурение лунки) алта хамаанда бары кэккэлэччи туран эрийэн куллугураттылар. Бу көрүҥҥэ Баҕарах түөлбэ хамаандата күүтүллүбүтүн курдук кыайыылаах буолла (Софронов Александр). Иккис түһүмэх ойбон алларыытыгар эмиэ урукку сыллар лидердэрэ «Агрогородок» хамаандата иннигэр кими да түһэрбэтэ. Үһүс түһүмэх массыына соһуутугар, «Сардаҥа» түөлбэ уолаттара былырыыҥҥы кыайыылара эмискэ, соһуччу буолбатаҕын бу да сырыыга эрэллээхтик бигэргэттилэр. Дьэ төрдүс түһүмэхтэн саҥа кыайыылаах, саҥа сирэйдэр кэллилэр. Чэй оргутуутугар быйыл саҥа кыттар, 9-с түөлбэ «Дьаарын» уолаттара инники күөҥҥэ түһүүлэрэ соһуччу буолла. Дьэ манна сэргэхсийии ыйыталаһыы, кимий-тугуй диэн буолла. Бу уолаттар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэххэ кыттар, бастыыр уолаттар диэн буолла. Бэҕэһээ Майаҕа буолбут күрэххэ бастаабыттарын туһунан сурах кэлэ оҕуста, онон кыайыахтарын кыайдахтара. «Баҕарах» (урукку лидердар) иккис буоллулар. Бу кэннэ эбиэт буолла. Уонтан тахса кус,биир хаас,биир улар,анды 40 лиитэрлээх баахха буһан бидилийдэ. Шеф-поварынан «Баҕарах» түөлбэ актыыбыттан Евдокия Семеновна Попова буолла. Элбэх киһи үтүө санаата иҥмит, күрэхтэһии, күөн көрсүһүү тыына киирбит күөс сүрдээх минньигэс гына буспут. Ип-итии миини, өрөһөлүү хоторуллубут эти бары 6-7 остуолунан үллэстэн, сыа-сым курдук тугу да ордорбокко,биир да кэлбит киһи маппакка, бары астына аһаатылар,барҕа махталларын эттилэр. Бу «Байанай күрэҕин» биир саамай күүтүллэр, дьону түмэр- сомоҕололуур, сахалыы тыыны тутар түгэммит буолар.
Итии миин иһэ-иһэ манок күрэҕэ ыытылынна (күрэх ахсаанын таһынан). Онно түөрт киһи кыттыбытыттан туга да суох айаҕынан куба, кус, хаас саҥатын үүт маас үтүктэн «Баҕарахтан» Сергей Баишев кыайыан кыайда, сэргээһини-кэрэхсээһини ылыан ылла. Кыайыылаахха Дьокуускай куорат духовой манокка ассоциациятын чилиэниттэн Михаил Егоровтан, «Кынат» холбоһук бэйэ оҥоһуу фирменнай манога туттарылынна.
Ол кэнниттэн күүтүүлээх аҕыс түһүмэхтээх эстафетаҕа эрийсиилээх киирсиигэ «Дьаарын» түөлбэ инники тахсан кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Уопсай түмүккэ үһүс бириистээх миэстэҕэ «Агрогородок» таҕыста. Кинилэргэ «Охотник на Ярославского» маҕаһыынтан 8000 солкуобай суумалаах бэлэҕи туттулар.
Иккис миэстэҕэ инники сыллар фавориттара «Баҕарах» таҕыста уонна Куорат Дууматын депуттара Козлова Парасковья Афанасьевна уонна Иван Владимирович Салатюк анаабыт 16000 солкуобай суумалаах бирииһи тутан үөрдүлэр көттүлэр.
Бастакы миэстэҕэ саҥа кыттар «Дьаарын» хамаандата тахсан үөрүү өрөгөйүн биллэ уонна «Гедеон строй» тэрилтэттэн 24000 суумалаах сертификат («Охотный двор» маҕаһыынтан ыларга) бирииһи туттулар, — диэн кэпсээтэ.
Дьэ ити курдук сүрдээх үчүгэй күрэхтэһии буолан ааста, күммүт сылааһа,тыала суоҕа, халлаан анаан туран биэрэн дьон-сэргэ эрдэ тарҕаспата, бары аргыый наллаан, бүгүҥҥү күнү туһалаахтык атаарбыттарын,сибиэһэй салгынынан тыынан,кус миинэ иһэн, этин сиэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Тэрийэр бөлөххө, нэһилиэк дьаһалтатыгар,түөлбэ салайааччыларыгар,кыттыбыт уолаттарга барҕа баһыыба,махтал тылларын эттилэр, инникитин өссө тупсаран, кэҥээн иһэллэригэр баҕара хааллылар.
Көрөрбүт курдук быйылгы күрэх саҥа геройдардаах, ыксаллаах түгэннэрдээх, түмэр-сомоҕолуур тыыннаах ааста. Уонна онтон биллэн туран биир сүрүн сыала-соруга саха буоларынан киэн туттууну иитэр-үөрэтэр сыаллаах- соруктаах. Ханнык баҕарар улахан тэрээһин алгыс тыллаах, сиэрдээх- туомнаах ааһара өйгө-санааҕа да, эккэ-хааҥҥа да туһалаах. Маны бэйэбит киһибит Хатаска төрөөбүт-үөскээбит, силис-мутук тардан олорор Алексей Божедонов — Сырдык ыытар буолбута хаһыс да сыла. Хаһан да буоларын курдук спонсордар көмөлөрө күүстээх. Инники суруллубут спонсордартан ураты Татьяна, Александр Афониннар дьиэ кэргэттэрэ балаакка туруордулар, Сардаана, Афанасий Кычкиннар анал дьааһык, «Рыболов», «Серебряный ручей» «Егерь» маҕаһыыннар сертификат, «Илгэ» издательство «Байанай» сурунаалынан, урбаанньыт Ньургун Алексеев хары чаһыыта, «Хатас булчуттара» түмсүү ботуроунунан, Михаил Окороков, Александр Павлов тус бэйэлэрин аатыттан анал бэлэхтэри туттардылар. Ону таһынанэйэҕэстэй эһээ, талаан тарбах, куруутун сэргэх Владимир Габышев оҕо аймаҕы Буранынан күүлэйдэттэ. Евдокия Семеновна Попова минньигэс да минньигэс миин буһарда. Пестряков Илья Дмитриевич чэй оргутуутугар, миин буһарыытыгар оттук маһынан спонсордаата. Ити курдук бар дьон көмөтүнэн, баҕатынан, бары күүһү түмэн, сомоҕолоһон биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн саха буолартан сандааран нэһилиэкпитин ааттатар, үгэскэ киирбит үтүөкэн күрэхпит сүргэбитин көтөхтө, сэбэрэбитин сэргэхситтэ. Дьэ уонна маннык алгыс тылынан суруйуубун түмүктүүбүн. Сиэри-туому тутуһан, көрбүтү эрэ барытын кыдыйбакка, түбэспити эрэ туура барытын суулларбакка, охтордум эрэ диэри олоччу барытын өлөрбөккө айылҕа суруллубатах сокуонун тутуһан кэмин- кээмэйин билэн Баай Байанайтан бэриһиннэрэр үтүө дьон буолуоҕуҥ.
Наталья Руфова, Хатас