Сэбиэскэй кэмҥэ тутта сылдьыбыт тэриллэрбит, киэргэллэрбит — ааспыт олохпут, күн-дьыл, кэм-кэрдии туоһулара.
edersaas.ru
Соторутааҕыта Хатаска биир олус интэриэһинэй, киһи дууһатыгар иҥэн хаалар долгутуулаах дьоро киэһэ буолан ааста. Бу туһунан нэһилиэккэ уопсастыбаннай түмсүүлэри сүрүннээччи Наталья Руфова кэпсээтэ:
— Жирковтар улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэлэрэ, эбээлэрэ Ксения Егоровна бэйэтин дьиэтигэр ураты истиҥ, уйан киэһэлэри тэрийэн ыытта. Кини бу тэрээһинин кэргэнинээн Иван Михайловичтыын үлэлээн-хамнаан дьоллорун булбут Хатас сопхуостарын 60 үбүлүөйдээх сылыгар анаата. Сис ыал аҕата Иван Жирков — биллиилээх механизатор, хортуоппуй үүннэрээччи. Үгүс элбэх наҕараадатыттан саамай сыаналыыра — Үлэ Кыһыл Знамята уордьан. Ксения Егоровна — үлэ бэтэрээнэ, биллиилээх оҕуруотчут. 2016 сыллаахха Жирковтар «РФ 100 үтүө ыала» диэн дойду эрэгийиэннэрин дьиэ кэргэттэрин Бочуоттаах кинигэтигэр киирбиттэрэ. Жирковтар ол суолталаах докумуон туоһутун ыла Москва куоракка бара сылдьыбыттара. Кинилэр бэйэлэрин түөрт оҕолорун кытта икки өттүттэн тулаайах аймах оҕолорун көрөн-истэн улаатыннарбыттара. Ыал маанылаах ийэтэ Ксения Егоровна кэлиҥҥи сылларга доруобуйатыгар улахан охсууну ылан, суорҕан-тэллэх киһитэ. Ол да буоллар, күһүҥҥү ас уурунуута, дьаһаныыта, хаһааныыта, саас диэки сиэмэ бэлэмнээһинэ, аһы-үөлү салгынтан быыһыыр үлэ барыта кини — ыал ийэтин ыйыытыгар-кэрдиитигэр. Кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ кини тугу этэрин аҥардас кэҕис гынарыттан, көрүүтүттэн өйдүүллэр. Ол да иһин буолуо, ийэлэрин толкуйун олоххо киллэрээри? түөрт көлүөнэ дьахталлар нэдиэлэни быһа иһирдьэнэн-таһырдьанан сүүрдүлэр.
Ксения Егоровна үлэлээбит сопхуоһун 60 cылыгар анаан өйгө хаалар тэрээһини — сэбиэскэй кэминээҕи дьиэ тэриллэрин, биридимиэттэрин быыстапкатын тэрийэргэ санаммыт. Онуоха оҕолор иһирдьэттэн-таһырдьаттан, күүлэттэн, ампаартан ийэлэрэ ыйыытынан-кэрдиитинэн илиискэ суруйан испииһэктээн, тэрил бөҕөнү булан киллэрбиттэр. Ол ону ийэлэрэ туох ханна туруохтааҕын бэйэтэ ойуулаан көрдөрөн, дьиэ биир улахан муннуга Жирковтар сэбиэскэй кэминээҕи олохторун көрдөрөр мусуой буолбут. Үлэ үөһүгэр күннээн-күөнэхтээн үлэлээн, үлэттэн өрөгөйү, үтүөнү билбит, дэлэй-холой олохторун туоһута буолан, күн эгэлгэ оччолордооҕу тэриллэрэ быыстапка буолан турдулар. Ксения Егоровна кэргэнинээн Иван Михайловичтыын икки өттүттэн тулаайах улааппыт буолан, хас биирдии мал — ньуоскаттан ыскаапка тиийэ бэйэлэрин киэнэ. Бу кинилэр көлөһүннэрин тоҕон булбут малларынан буолар. Манна туох суоҕуй: иистэнэр массыына, сэппэрээтэр, араадьыйа, иһит-хомуос, таҥас-сап уо.д.а. тэрил субу бүгүн да киһи туттан барыах көрүҥнээхтэрэ сөхтөрөр. Бу — дьиэ кэргэн харыһын, болҕомтолооҕун, ууруута-туттуута кичэлин холобура. Жирковтар үлэлээн-хамсаан, тиритэн-хорутан ылбыт тэриллэрэ буолан, уон оччонон чугас, күндү, үтүө өйдөбүллээх.
Болдьоммут кэмҥэ маҥнайгы күн ыал ийэтин дьүөгэлэрэ кэлэн, хас биирдии тэрили имэрийэн-томоруйан, тыаһатан, холбоон көрдүлэр. Бары сэргэхсийэн, күө-дьаа буоллулар, имнэрэ тэтэрдэ, сэбэрэлиин сырдаатылар, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйдылар.
Сарсыҥҥы күнүгэр хос сиэннэргэ тиийэ оҕолор «былааһы ыллылар». Бары төрөөбүт-үөскээбит дьиэлэригэр астарын-үөллэрин туппутунан киирэн кэллилэр. Биллэн турар, тэрээһин сүрүн дьоруойдара — эбээлээх эһээ күннээтилэр. Ксения Егоровна сэбиэскэй оҕолор уонна ыччаттар «короннай» оонньууларын оонньотто: түҥнэри хайыһан тураҕын, онтон оонньотооччу «чэ!» диэтэҕинэ, көрөн тугу кистээбитин таайыахтааххын. Дьэ, көр бөҕө буолла!
… Ити курдук, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар дьиэ кэргэн кытта көлүөнэни ситимниирин Жирковтар иллээх дьиэ кэргэттэрэ көрдөрөн, тапталлаах Хатастарын дьонугар умунуллубат дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Жирковтар дьиэ кэргэннэрин архыыбыттан.