Евгений Чекин: «Бөһүөлэги суох гынар сыыһа дии саныыбын»

Бөлөххө киир:

Покровскайдыыр суол 10 – 12 км уҥа уонна хаҥас өттүнэн «ГРС2 – Хатас» магистральнай гаас ситимэ ааһарынан, бу хайысханан тутуллубут дьиэлэр көтүрүллүөхтээхтэрин туһунан аймаммыттара ыраатта. Бу күннэргэ СӨ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан үөскээбит быһыыны-майгыны быһаарсаары, бу күннэргэ туһааннаах исписэлиистэри кытары көрүстэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Сүбэ мунньахха Росреестр, Тутуу, Бырамыысыланнас министиэристибэлэрин, «Сахатранснефтегаз» бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. «Хатас учаастактарынан» оробуочай бөлөх тэриллиэҕэ. Бу буккуурдаах дьыаланы быһаардахпытына сатанар. Дьон үлүгэрдээх үбү-харчыны ороскуоттаан баран, уулуссаҕа хаалыа суохтаахтар. Бөһүөлэги суох гынар сыыһа дии саныыбын. Онон атын суолу тобулуохха наада», – диэн премьер-миниистир тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

4500 учаастак атыыламмыт

Куорат Думатын дьокутааттарын быһарыыларынан, хас да сыллааҕыта Покровскайдыыр суол 10 – 16 км уҥа өттө куорат микро-оройуонун статуһун ылаатын кытары, учаастактары атыылааһын саҕаланан барбыта. Эбиитин сыаната удамыр уонна суолун-ииһин туруга үчүгэй буолан, аҕыйах сыл иһигэр, хас да тыһыынча учаастак атыыламмыта. Сиринэн эргинээччилэр магистральнай гаас ситимэ быһа охсон ааһарынан куоһурданан, сотору кэминэн гааска холбонуоххут диэн эрэннэрэн, урукку «Хатас» сопхуос сирэ-уота бэрт түргэнник чааһынайдар бас билиилэригэр киирбитэ.

Бүгүҥҥү туругунан, 10-с килэмиэтиртэн саҕалаан 16-с килэмиэтиргэ диэри уоннуу суотайдаах 4500 учаастак официальнай докумуоҥҥа киирэ сылдьар. Саҥа микро-оройуон анал генеральнай былаана эрдэтинэ оҥоһуллубутах буолан, учаастактары ойута-быһыта тыытан атыылаабыттар. Онон, иэмэ-дьаама биллибэт. Уулуссалар ханан оҥоһуллуохтаахтара, уот линиялара ханан тардыллыахтаахтара чопчу биллибэт.

Гаас ситимэ Птицефабрикаттан саҕаланар

Покровскайдыыр суол 10 – 12 км уҥа уонна хаҥас өттүлэрэ «ГРС2 – Хатас» магистральнай гаас ситимэ ааһарынан, ураты хонтуруолланар учаастагынан буолар. Магистральнай ситим Птицефабрика оройуонуттан саҕаланан Покровскай тракт уҥа өттүнэн ааһан, салгыы Хатас хонуутун нөҥүөлээн Хатас сэлиэнньэтигэр баар АГРС-ка тиийэр. Бу ситим Хатас, Табаҕа, Владимировка бөһүөлэктэрин, Муусука үрдүк оскуолатын уонна Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас, Чурапчы улуустарын гааһынан хааччыйар.

342 ыалтан 35-һэ ИЖС-ка көһөттөрбүт

Бу сир ураты хонтуруолга сылдьар учаастактар (охранная зона) ахсааннарыгар киирэн, сокуон быһыытынан араас эбийиэги тутуу бобулларын туһунан сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ суруйбуттара ыраатта. «Сахатранснефтегаз» НХ салалтата эмиэ сэрэтэн турар эрээри, эргиэмсиктэр уонна атыылаһааччылар кумаардаан да көрбөттөр. Атыы-эргиэн тохтоло суох барар. Учаастактаах дьон регистрационнай палатаҕа тиийэн, туох да харгыһа суох докумуоннарын оҥотторон, өссө сытыы-хотуу өттө докумуоннарын чааһынай дьиэни туттууга көһөттөрөллөр. Бу процедура дьэ быйылгыттан тохтотулунна. Бүгүҥҥү туругунан ураты хонтуруолга сылдьар территория таһыгар 342 ыал учаастак атыылаһан, 35-һэ ИЖС-ка көһөттөрбүт.

[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-right» color=»blue» add_icon=»true»]

Хатас учаастактарын туһунан «Саха сирэ» хаһыакка биһиги хаста даҕаны суруйан турабыт. Онуоха биир суруйуубутугар «Сахатранснефтегаз» АУо магистральнай гаас ситимнэрин управлениетын линейнэй-производственнай техническэй-производственнай салаатын кылаабынай инженерэ Павел Ксенофонтов маннык быһаарбыта:

– «Правила охраны магистральных трубопроводов» быраабылатын быһыытынан, гаас ситимин икки өттө (25 миэтэрэҕэ диэри) харыстанар зонанан буолар. Ол аата бу устатынан туох да тутуллуо суохтаах. Тутуу нуорматыгар олоҕуран, гаас ситимин икки өттүгэр 150 миэтэрэҕэ диэри тутуу ыытыллара көҥүллэммэт. Бу нэһилиэнньэни магистральнай гаас ситимигэр саахал тахсар түгэниттэн харыстааһын, ол аата куттал суох буолуутун хааччыйыы.

 

[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-left» color=»blue» add_icon=»true»]

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0