Хатас – Павловскай хайысханан мууһу халыҥаталлар

Бөлөххө киир:

Өлүөнэ өрүскэ Хатас – Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суол ахсынньы 10 күнүн эргин аһыллыаҕа.

Оттон халлаан лаппа тымныйар түгэнигэр, ити болдьохтон эрдэ аһыллыан сөбүн туһунан «Мехдорстрой» ХЭУо кылаабынай инсэниэрэ  Станислав Евсеев иһитиннэрэр.

Билигин өрүс сүрүн үөһүнэн муус халыҥа 20-25 см. Тимир көлөлөр ирдэбил быһыытынан 35-40 см халыҥнаах мууска киириэхтээхтэр. Билигин бу хайысхаҕа  Уос Кумах диэн арыыга диэри мууһу халыҥаталлар. Ити учаастакка тустаах үлэ ыытыллан, муус халыҥа 30-35 см буолбут.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0