«Хатас — Аллараа Бэстээх» хайысханан кыһыҥҥы суол 5 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөргө көҥүллэннэ

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥэттэн Өлүөнэ өрүскэ «Хатас — Аллараа Бэстээх» хайысханан  кыһыҥҥы суолга 5 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөр сылдьалларыгар көҥүллэннэ. 

Билигин Хатас аттынан  муус халыҥа 48 см, сорох сиринэн 60 см тиийбит.  Онон ахсынньы 20 күнүгэр  20 туоннаҕа диэри, онтон ахсынньы 28 күнүгэр 30 туоннаҕа диэри уонна  олунньу 6 күнүгэр 40 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөр сылдьалларыгар көҥүллэниэҕэ.

Санатар буоллахха, Өлүөнэ өрүскэ Хатастан Аллараа Бэстээххэ диэри кыһыҥҥы суол ахсынньы 6 күнүттэн аһыллыбыта.  Дьиҥэр, бу хайысханы  эрдэ  «Хатас – Павловскай» хайысхата диэн ааттыыллара. Тоҕо диэтэххэ, үс сыллааҕы хантараак дуогабарыгар инньэ диэн суруллубут. Былырыыҥҥыттан хайысхата уларыйан, аны  «Хатас – Аллараа Бэстээх» диэн буолар.

Хаҥаластан (Кангаласс) Суоттуга диэри кыһыҥҥы суол ахсынньы 25 күнүгэр 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөргө, оттон Даркылаахтан Аллараа Бэстээххэ диэри  кыһыҥҥы суол  тохсунньу 5 күнүгэр 10 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга аһыллыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0