Бу күннэргэ тиэргэн ыһыахтара ыытылла тураллар.
edersaas.ru
Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан Хатас нэһилиэгин бэтэрээннэригэр анаан тэриилибит биир оннук тэрээһин туһунан уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүннээччи Наталья Руфова бу курдук кэпсиир:
— Олохтоох дьаһалта аатыттан биэ кымыһа, убаһа үтэһэлээх этэ, ыһаарыламмыт собону туппутунан, үс биригээдэнэн арахсан, ырыа кэһиилээх, алгыстаах эҕэрдэлээх тиийдибит. Тэрээһин дойду үрдүнэн ирдэнэр бүгүҥҥү балаһыанньаҕа сөп түбэһэр быраабылалары кытаанахтык тутуһан туран оҥоһулунна. Бэтэрээннэрбит барахсаттар үөрбүт харахтарын, махтал тылларын истэн, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон эмиэ ис сүрэхтэн долгуйан, бары да үөрдүбүт. Дьоммут ырыа да ылластылар, сорохтор олоппосторуттан ойон туран үҥкүүлэстилэр даҕаны. 80 саастарын лаппа ааспыт ытык дьоммут оргууй наллаан тэлгэһэлэригэр оту-маһы хомуйа, имэрийэ-томоруйа,тарбыы-харбыы сылдьаллар, сиэннэрин кытта күннээҕи дьиэ түбүгүн үмүрүтэ сылдьаллар.
Софья Желобцова араадьыйаттан, тэлэбиисэртэн истэн үүнээйигэ кутталлаах үөннэртэн харыстанар үлэни кыыһынаан оҥоро сылдьаллар. Олбуорун иһигэр араас дойду мааны мастара сибэккилээн бүтэн отоннонон тураллар, күн бүгүн кини олбуоругар сирень мас сибэккитин дыргыл сыта тунуйар, кэрэ көрүҥүнэн киэргэтэр. Өссө »Күөх сирэми» (сквери) киэргэтиҥ диэн арассаадатыттан бэлэх уунна.
Александра Жиркова олох индийскэй киинэ айылҕатын курдук кустук өҥүнэн суһумнуур олордуу сибэкки солко, суугунас сэбирдэхтэригэр сууланан олорон, эҕэрдэ ырыаларбытын иһиттэ. Сип-сибилигин буспут алаадьынан айах тутта.
Кэргэннии Егор Оконешников, Варвара Прудецкая оҕоруоттарыгар биир да сыыс от суох, тэлгэһэлэрэ ып-ыраас, барыта орун оннугар. Бииргэ олорбуттара үйэ аҥарын ааспыта ыраатта. Онон олох көрөрдүүн-истэрдиин, туттардыын-хаптардыын бииргэ дылылар. Кинилэр дьиэлэрэ хаһан даҕаны иһиллээбит курдук чуумпурбатах дьиэ, куруутун кыра оҕо саҥата чуопчаарар, бастакы хардыы, бастакы тылы саҥарыы үөрүүтэ баар. Хос сиэҥҥэ тиийэ бодьуустаһаллар.
Елена Бродникова тахсан олорон эрэн, биһигини истиэхтээх маһын таһыгар тиийиэр диэри сыалай хатыҥ чараҥ, лаглаччы үүммүт хаппырыаһы, яблоняны таһынан, күөх сэбирдэх сөрүүнүгэр сууланныбыт. Елена Михайловна хос сиэннэрин эрэллээх эркиннэрэ. Сиэнэ Евдокия Валерьевна үлэтигэр тахсыылаахтык үлэлииригэр хамсаабат акылаата.
Анна Будищева олоҕун устатын тухары ааҕары-суоттууру, барыллыыры-былаанныыры баһылаабыт олох чаһы курдук чуолкай киһи. Бүгүн даҕаны оннук. Тэлгэһэтин иһигэр олоруохтаах барыта олорбут, оннун-олоҕун булбут. Мастара ыһыахха барарга бэлэмнэммит хотун дьахтары санатардыы дьоһуннар, маанылар. Биир тапталлаах хатыҥын анныгар ананан оҥоһуллубут ыскамыайкаҕа сөрү сөп гына олорон эҕэрдэлэри иһиттэ, махтал тылларын эттэ.
Николай Николаевич, Клавдия Степановна дьиэлэриттэн үөрэ-көтө тахсаннар сымнаҕас олбоххо олорон ырыаны-хоһоону ылыннылар, махтаннылар. Клавдия Степановна бу олох аҕыйах хонуктааҕыта кулуупка тиийэн кэлэн «ыһыах сүпсүлгэнэ тоҕо суоҕун билэ тиийэ сырыттым» диэн күллэртээтэ. Ким да суох этэ» диир. Дьэ, ити курдук 24 ытык дьоммут кэпсииллэрэ-сэһэргииллэрэ элбэх.
Бэтэрээннэрбитигэр спонсордаабыт «Ыраас уу» улахан тэрилтэ салайааччыта Егор Макаровка, »Прогресс» тутуу тэрилтэтин дириэктэрэ Алексей Пинигиҥҥэ ис сүрэхпититтэн махтанабыт.
Тэрээһини олохтоох дьаһалта уонна »Тускул» култуурунай киин кэлэктииптэрэ ыыттыбыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru