Хатас олохтооҕо тыйаатырга аптамаат бэлэхтээтэ

Ааптар: 
27.02.2020
Бөлөххө киир:

Хатас нэһилиэгин олохтоохторо бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, биир иллээх дьиэ кэргэн курдук олороллор.

edersaas.ru

Биир дойдулаахтарыгар үтүөнү, сырдыгы саҕа сылдьар биир оннук ыалынан  Соровтар буолаллар. Кинилэр тустарынан уопсастыбынньыктар түмсүүлэрин сүрүннүүр Наталья Руфова бу курдук кэпсиир:

Валентин Михайлович уонна Дарья Гаврильевна Соровтар дьиэ кэргэн аатын хатастар үтүө санаа уонна быһыы-майгы диэн суолтаҕа элбэхтик ааттыыбыт. Ол курдук, нэһилиэккэ буолар улахан тэрээһиннэргэ, аһымал аахсыйаларга, саҥа саҕалааһыннарга, сонун сүүрээннэри олоххо киллэриигэ кинилэр ааттара куруутун ааттанар. Уонунан дьону үлэ миэстэтинэн хааччыйан, хамнастаан олороллоро эмиэ хайҕабыллаах суол. Атыы-тутуу эйгэтин тутан олоруу — хорсун санаа. Манна барытыгыар быһаарыныылаах буолуу ирдэнэр. Ону барытын ааҕан-суоттаан, ыараҥнатан көрөн, үөрэтэн баран саҕалаабыттара номнуо уонтан тахса сыл буола охсубут. Төрүт үгэһи тутуһан элбэх сүөһүлээх, сылгылаах ыалтан биирдэстэрэ эмиэ кинилэр. Дарья дьүөгэтинээн Татьяна Жирковалыын чөл олоҕу тутуһан, сарсыарда аайы хаамалларын быыһыгар «таарыччы» диэн,  алааһы ыраастаан кэлэллэрин суруйан турабын.  Дьэ, ити курдук кинилэр күн аайы биллибэтинэн үтүөнү-кэрэни оҥоро сылдьаллар.

Бу күннэргэ Дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан уонна Улуу Кыайыы күнүн көрсө Валентин Михайлович Хатас норуодунай тыайаатырыгар  маһынан оҥоһуллубут уон биир «ППШ» аптамааты  уонна  уон биир сэбиэскэй саллаат кааскатын бэлэхтээтэ. Дьэ, дьоһун бэлэх дии. Үтүөкэн дьиэ кэргэҥҥэ санаабыттара сатанан, туппуттара тупсан истин, — диэн алгыспытын тиэрдэбит.

Ити курдук, тыйаатыр артыыстара ьиир дойдулаахтарыттан бэртээхэй бэлэҕи тутан, испэктээххэ тутталларыгар реквизиттэрин хаҥатан иһэллэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, eder saas

.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0